Элбэх оҕолоох ыалга көмө

Бөлөххө киир:

Үөрэнээччи таҥаһын ылыыга хас сыл аайы судаарыстыба элбэх оҕолоох ыалларга көмө көрөр. Сайаапканы судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор өрөспүүбүлүкэтээҕи портал (e-yakutia.ru) нөҥүө биэриэххитин сөп.

Бу өҥөнөн үстэн элбэх оҕолоох уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыаллар туһаныахтарын сөп. Бу төлөбүрү хас биирдии үөрэнээччи ылар. Көмөнү ыларга ыал дохуотун уонна оҕотун ахсаанын көрөллөр. Манна сүрүн ирдэбил диэн үс оҕо үһүөн 18 саастарын ситэ илик буолуохтаахтар. Эбэтэр үөрэнээччилэри таһынан күнүскү үөрэххэ үөрэнэр 23-гэр диэри саастаах устудьуон оҕолоох буоллаххытына бу көмөнөн туһанар кыахтааххыт.

Көмөнү ыларга сайтка киирэн, сайабылыанньа толорон ыытаҕыт. Бу төлөбүр хас сылын аайы бэриллэр. Онон улахан оҕолоргут 18-23 саастарын туолуохтарыгар диэри бу көмөнөн туһаныаххытын сөп. Хас биирдии үөрэнээччигэ быйылгы төлөбүр 3756 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0