Өкүндү нэһилиэгэр базаланан турар буойунаны тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар баай уопуттаах Владимир Афанасьев салайар. edersaas.ru
Владимир Афанасьев “Степан Аржаков”, “Баппаҕаайы” сопхуостарга 15 сыл дириэктэринэн, 7 сыл тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытынан, 4,5 сыл улуус дьаһалтатын баһылыгын 1-кы солбуйааччытынан үлэлээбитэ. “Сыа Бүлүү” кэпирэтиип буойунатын салайбыта үһүс сыла.
Биһиги буойунаҕа тиийиибитигэр, идэһэ үгэнэ, үлэ күөстүү оргуйа турара. Владимир Афанасьев үлэ-хамнас туһунан тута кэпсии тоһуйбута:
— Сүөһүнү уотан баран астыыр буолбуппут хаһыс да сыла. Урут сүүсчэкэ төбөнү кэтэх сүөһүлээх дьонтон хомуйар этибит. Быйыл чааһынайдары таһынан, производственнай кэпэрэтииптэри кытта үлэлэһэн эрэбит. Халбаакыттан – 12, Мастаахтан – 44, Бөтүҥтэн – 29, Чинэкэттэн – 15, Өкүндүттэн – 9, Чернышевскайтан – 5 чааһынай хаһаайыстыбаттан уопсайа 122 идэһэлиир сүөһүнү хомуйан, баайтаһыта турабыт. Халлаан тымныйыыта идэһэлиэхпит. Бу күннэргэ сүөһү идэһэлиир механизмнарбытын бэрэбиэркэлии, сааһылыы таарыйа аҕыйах сүөһүнү өлөрдүбүт.
250 кв. м иэннээх буойуна 2013 сыллаахха тутуллубут. Бу дьиэ уруккута “Өкүндү” производственнай кэпэрэтиип гарааһа. “Сыа Бүлүү” тэрилтэтэ олохтоох дьаһалтаны кытта сүбэлэһэн,эбийиэги буойуна оҥорорго быһаарбыттар. Ол кэннэ иһиттэн эпсиэйдээн, аптамаат-идэһэлиир тэриллэри туруоран, ирдэбилгэ сөптөөх гына дьаһаммыттар.
Идэһэ кэмигэр манна күҥҥэ 22-23 сүөһүнү астыыллар, иһин тута ыраастыыллар, сууйаллар. Салгыы тэрилтэ эти переработкалыыр сыаҕар киирэн, табаарынай ирдэбилинэн суулананан тахсар.
— Эттэммити тута ыскылаакка тоҥоробут. Ол кэнниттэн маҕаһыыннарбыт нөҥүө нэһилиэнньэ атыыга таһаарабыт. Күҥҥэ биир маҕаһыыҥҥа 60-70 киилэ эт хамаҕатык барар. Маны таһынан, оҕо тэрилтэлэригэр, остолобуойдарга, балыыһаларга ылаллар, — диэн кэпсиир Владимир Афанасьев.
Биһиги кэпсэтэр кэммитигэр буойуна үлэһиттэрэ хас да сүөһүнү утуу-субуу астыырга бэлэмнииллэр. Бастаан анал уотунан оҕустаран өлөрүллүбүт сүөһүнү үөһэ таһааран, ыйаан, хаанын сүүрдэллэр. Ол кэнниттэн тириитин сүлэргэ бэлэмнээн, төбөтүн уонна атахтарын тус-туспа араардылар. Тимир рельсэнэн сыҕарытан, тириитин ньылбы тартылар. Онтуларын туспа мунньан уурдулар. Салайааччы этэринэн, тоҥорон баран, кыһын суол турдаҕына, дуогабардаах “Саха булт” акционернай тэрилтэҕэ илдьэн туттараллар.
Үлэ хаамыыта туох да иҥнигэһэ суох сурдурҕаччы баран иһэр. Салгыы рельсэнэн ыытан, иһин хостуур сиргэ сыҕарыталлар. Дьиэ иһигэр санитарнай ирдэбил барыта тутуһуллар. Бэтэринээр Роман Корякин эт ыйанан турдаҕына, тута иһин-үөһүн көрөр. Быарын-бүөрүн бэрэбиэркэлээт, холугар бэчээтин “лап” гыннарар. Ол кэннэ эти эрбэтэн, тута тоҥороллор.
Буойунаҕа хас биирдии киһи бэйэтэ тус туһунан үлэлээх. Хостоммут иһи дьахталлар сууйаллар. Уу ититэр тиһигинэн түөрт-биэс сууйааччыга тус-туспа кыраанынан кэлэ турар. Ким да, ханна да ыксаабат — барыта аптамаатынан үлэ. Пульт кнопкаларын эрэ баттыыллар. Үлэһиттэр таҥастара-саптара барыта санитарнай нуормаҕа толору эппиэттиир: салапаан халааттаахтар, бэрчээккилээхтэр.
Уотууга турар сүөһү ураты көрүүлээх. Идэһэ иннинэ хас да хонук устата амтаннаах аһынан аһаталлар.
— Сэбиэскэй саҕана, нууччалыы эттэххэ, “тканевай” дэнэр сүөһүнү уотар препараты туттар этибит. Оччоҕо сүөһү уойар, төлөһүйэр. Билигин биологическай эбии аһылыгы туттубаппыт. Онон олохтоох эт быдан минньигэс, бүөрдэрэ бүтэй, эттэрэ маҥан. Техническэй регламент быһыытынан сүөһү тиэргэҥҥэ илиинэн буолбакка, бойуонаҕа өлөрүллүөхтээх диэн ирдэбил киирбитэ олус үчүгэй. Бу эн манна көрбүтүҥ курдук, бэтэринээр чинчиийиитин тута барар, ким да илиитинэн тутан, онно-манна биккийэн астаабат. Дьон аһылыга буоллаҕа, онон сэттэ уон сэттэ хонтуруолу ааһыахтаах, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр салайааччы.
“Улуус олоҕо” бырайыак суруналыыстара “Сыа Бүлүү” потребительскай кэпэрэтиип Өкүндү нэһилиэгэр базаланан турар буойунатыгар тиийэн, идэһэ үлэтин анаан көрдүбүт-иһиттибит. Дьиэ иһэ-таһа киэҥэ-куоҥа, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир аптамаатынан үлэлиир тэрилэ элбэҕэ сөхтөрдө. Тыа сирин олохтоохторо бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга аныгылыы ирдэбили тутуһаллара дьэҥкэтик көһүннэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.