Экстремистскэй дьайыылар иһин туох эппиэтинэс күүтэрин, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оннук дьыалалар төһө элбэхтэрин туһунан уонна да атын ыйытыыларбытыгар полиция полковнига Сергей Пономарев хоруйдаата. Кини СӨ ИДьМ-тын Экстремизмы утары охсуһар киинин (ЭУК) салайар.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
— Сергей Владимирович, бастатан туран, биһиги ааҕааччыбытыгар эн салайар кииниҥ сүрүн соруктарын билиһиннэриэҥ дуо?
— Ол чуолкайдар: террордааһын хабааннаах, экстремистскэй хайысхалаах буруйдары, сокуону кэһиини сэрэтии, булуу, бохсуу уонна арыйыы. Маны сэргэ, оннук буруйдары бэлэмниир, оҥорбут дьону булуу. Бу эйгэҕэ личность, уопсастыба уонна судаарыстыба сокуоннай интэриэстэрин көмүскээһин. Ис дьыала улуустардааҕы отделларыгар бу буруйдары сэрэтэр үлэлэригэр көмөлөһүү.
— Өрөспүүбүлүкэбитигэр ааспыт сылга быһыы-майгы хайдах этэй? Төһө холуобунай, административнай буруйу булбуккутуй?
— 2016 сылга экстремистскэй хайысхалаах 3 буруйу оҥоруу бэлиэтэммитэ (2015 сылга эмиэ 3). Бу буруйдар РФ Холуобунай кодексатын 282-с ыст. 1 уонна 2-с чаастарынан итиэннэ 282.2 ыст. 2-с чааһынан тэриллибиттэрэ. Быһаарар буоллахха: 282-с ыстатыйа – абааһы көрүүнү, өстөһүүнү көбүтүү, ону тэҥэ, киһи дьоһунун түһэрии; 282.2 – экстремистскэй тэрилтэ үлэтигэр кыттыы.
Маны тэҥэ, киин сотрудниктара экстремистскэй хайысхалаах 13 административнай сокуону кэһиини булбуттара (2015 сылга 19 дьыала этэ). Итинтэн: 20.3 ыстатыйанан, ол эбэтэр, нацистскай символиканы уонна атрибутиканы публичнайдык көрдөрүү иһин 6 киһи — бары интэриниэт ситимигэр (2015 сылга 9 киһи этэ), 20.29 ыстатыйанан, ол эбэтэр, экстремистскэй матырыйааллары тарҕатыы иһин 7 киһи (2015 сылга 10 киһи этэ) административнай эппиэккэ тардыллыбыттара.
Биһиги кииммит матырыйаалларынан борокуратуура уорганнара Россия сокуонун кэһиини таһаарбаттарын туһунан 11 сэрэтии оҥорбуттара. Ону тэҥэ, Дьокуускай куорат үөрэххэ тэрилтэлэрин 6 салайааччытыгар экстремистскэй матырыйааллардаах сайтарга үөрэнээччилэр, устудьуоннар киирбэттэрин курдук хааччахтааһын усулуобуйатын толорботохторун иһин эмиэ сэрэтии сурук киллэрбиттэрэ.
Маны таһынан, ЭУК хомуйбут матырыйаалларынан, экстремистскэй ис хоһоонноох иһитиннэриилэри уонна видео-файллары тарҕатар религиознай интернет-сообществолар сайтарыгар киириини хааччахтыыры сууттарга туруорсубуппут.
— Чопчу дьыалалартан холобурдуоҥ дуо?
— 2016 сыллаахха Киин Кэбээйи улууһуттан төрүттээх киһиэхэ хомуллубут матырыйааллары Красноярскай кыраайга ыыппыта. Бу эдэр киһи дьайыыларыгар РФ Холуобунай кодексатын 282-с ыст. 1 чааһынан көрүллэр буруй бэлиэлэрэ бааллара. Холуобунай дьыала тэриллибитэ. Соторутааҕыта эрэ киниэхэ суут бириигэбэрэ тахсыбыта – интэриниэт ситимигэр экстремистскэй дьайыылары оҥорууга ыҥырыыны тарҕатыы иһин 3 сыл усулуобунай миэрэнэн накаастаммыта.
Эрдэттэн сэрэтэр үлэҕэ ураты болҕомтобутун уурабыт. Сэрэтии кэнниттэн өйдөөбөтөх, сокуону хаттаан кэспит киһи административнай биитэр холуобунай эппиэккэ тардыллар. Интэриниэккэ нацистскай символиканы уонна атрибутиканы публичнайдык көрдөрүү иһин сэрэтиллибит киһи кэлин сыыһатын өйдөөн тохтообут чахчыта эмиэ баар.
—Былырыын өрөспүүбүлүкэни Таатта улууһуттан төрүттээх Санаайа Талбан диэн үс оҕолоох эдэр ийэ дьыалата аймаан турардаах. Кини экстремистскэй дьайыылары оҥорууга буруйданан, усулуобунай миэрэнэн накаастаммыта. Маныаха тоҕо бастаан сэрэтии оҥорбокко, тута холуобунай дьыаланы тэрийдилэр диэн дьон ортотугар сөпсөөбөт буолуу баара.
Аны туран, мин истибиппинэн, ити дьыала иннинэ киниэхэ өссө биир дьыалалаах эбитэ үһү, ол кырдьык дуо?
—Ол чахчы: 2015 сыл сэтинньи 19 күнүгэр РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын Чурапчытааҕы оройуоннар икки ардыларынааҕы отдела ити гражданкаҕа Холуобунай кодекс 282-с ыст. 2-с чааһынан холуобунай дьыала тэрийбитэ (биһиги Кииммит булбут матырыйаалынан).
Манна кини “vk.com” сайтка, «Криминальные новости Якутии 18+» бөлөх страницатыгар араасанан абааһы көрүүнү күөртүүр, күүһү туттуунан суоһурҕанар ис хоһоонноох этиилэри суруйбут этэ. 2015 сыл ахсынньы 11 күнүгэр бу холуобунай дьыала суут көрүүтүгэр барбыта. Суут мунньаҕын кэмигэр сууттанааччы буруйун толору билинэн, кэмсиммитин уонна урут сууттана сылдьыбатаҕын иһин, дьыалата сабыллыбыта.
Экстремизмы утары охсуһар киин 2016 сыллаахха өйдөтөр-сэрэтэр үлэни ыытар кэмигэр, бу гражданка дьыалата сабыллыбыта сыла да туола илигинэ эмиэ хаттаан итинник буруйу оҥорбутун булбута. Бу сырыыга кини социальнай ситимҥэ омугумсуйууну күөртүүр экстремистскэй ис хоһоонноох комментарийдары суруйбут этэ. Бу чахчынан силиэстийэ уорганнара РФ Холуобунай кодексатын эмиэ 282-с ыст. 2-с чааһынан дьыала тэрийбиттэрэ. 2016 сыл алтынньытыгар суут кинини буруйдааҕынан билинэн, 2 сылга көҥүлүн быһары усулуобунайынан аахсан, биир сыл тургутар болдьоххо уурбута.
—Экстремистскэй ыстатыйаларынан накаастабыл миэрэлэр кытааппыттара дуо?
— Суох.
— Итинник ыстатыйаларга түбэспэт туһуттан дьон тугу билиэхтээҕий?
— Саха сиригэр 127-тэн тахса араас омук олорорунан, биһиги Кииммит сүрүн соругунан омуктар икки ардыларыгар иллээх-эйэлээх сыһыаны харыстааһын итиэннэ биирдиилээн дьон омугумсуйууну күөртүү, үктэннэрэ сатааһыннарын тохтотуу буолар. Сокуону билэр уонна бэйэ-бэйэни тулуйсар (толерантность) наада. Бу ордук ыччакка уонна араас уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сыһыаннаах. Кинилэри кытта үлэ күүскэ барыахтаах, ыытабыт даҕаны.
Түмүккэ бэлиэтиэм этэ: өйдөтөр-сэрэтэр, кэмигэр бохсор үлэбит көдьүүстээҕин туоһутунан бу сыл бастакы ыйдарыгар биир да экстремистскэй буруйу оҥоруу тахса илигэ буолар.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru