«Экспедиция» киинэ пророческай суолталанна!” диэн ааттаах бэлиэтээhини “Facebook” социальнай ситимҥэ Хаҥалас улууһун Ой орто оскуолатын учуутала, кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицын күһүн киинэ улахан экраҥҥа сүрэхтэммитин кэнниттэн таһаарбыта. Кини киинэни ордук кэтэспит уонна долгуйа көрбүт дьонтон биирдэстэрэ буолар. Ол туһунан уонна киинэҕэ иккис холонуубут табыллыбыт өрүттэрин туһунан сэһэргиэхпин баҕарабын.
Киһи өйүн-санаатын, күүһүн-сыратын ууран, баҕаран туран үлэлээбит үлэтэ үтүө түмүктээх эрэ буолбакка, иччилээх, ордук суолталаах, биитэр сырдык дьайыылаах буолар эбит ээ. Киһи бэйэтэ да сэрэйбэтинэн таба тайаныан сөп курдук.
Сценарий хайдах суруллубутай?
2016-2017 сыллардаахха СӨ «Саха КВН Лигата» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтэ, «Среда» мультимедийнэй устуудьуйа уонна «ДетСАТ» айар бөлөх буолан «Экспедиция» диэн киинэни устарга быһаарыммыппыт. Бу иннинэ «Саха КВН» көҕүлээһининэн «Уон биэс күн» диэн оҕолорго аналлаах киинэни устубуппут. Маҥнайгы хардыыбыт ситиһиитигэр тэптэрэн, тута иккис киинэҕэ ылсыбыппыт. Онуоха иккис хардыы дьоһуннаах, ис хоһоонноох буолара сэрэйиллэр этэ.
Биһиги сценарийы олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран суруйан саҕалаабыппыт. Дьэ, ол кэнниттэн тиэмэни хайдах гынан итэҕэтиилээхтик тиэрдэр туһунан толкуйдаабыппыт. «Сюжет сайдыыта», «дьоруойдар икки ардыларынааҕы сыһыан», «оруоллар сыыйа уларыйыылара» диэн киинэ халбаҥнаабат өйдөбүллэрин тутуһа сатаатыбыт.
Онуоха сүрүн дьоруойдарбытын тургутан көрүөххэ, ханна эмит сиргэ похуокка ыытыахха диэн санаа киирбитэ. Ол эрээри, похуот диэн сынньалаҥ буоллаҕа дии. Онон мүччүргэннээх, кистэлэҥнээх, улахан интэриэһи тардар тиэмэ буоллун диэн эспэдииссийэҕэ ыытар буолбуппут. Хас да көрсүһүү кэнниттэн киинэбит сценарийа, биирдиилээн көстүүлэрэ чопчуланан барбыттара. Хас да ыйдаах «төбөнү сынньыы» кэнниттэн сахаҕа чугас уонна ордук кэрэхсэбиллээх, умсугутуулаах археология курдук саха киинэтигэр таарыйылла илик тиэмэҕэ тохтообуппут.
Сахабыт сирин кэрэ айылҕатын, эспэдииссийэ мүччүргэннээх түгэннэрин, устудьуон, эдэр саас сэргэх кэмнэрин, тапталы инники күөҥҥэ тутан ойуулааһын эрэ буолбакка, науканан умсугуйуу, аҕа көлүөнэ дьыалатын утумнааһын, талааны сайыннарыы, бэйэ суолун тобулуу курдук уустук тиэмэлэри сэргэ тутан, киинэбитигэр киллэрбиппит.
Режиссерунан Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Гаврил Менкяров үлэлээбитэ. Киинэҕэ режиссер быһыытынан маҥнайгы холонуута этэ. Кини ылсыбыт үлэтигэр сүрдээх кыһамньылаах буолан биэрдэ. Уһуллар оҕолорго улахан көмөнү оҥорбута — уһуйааччы, идэлээх аҕа табаарыс, наада буоллаҕына, уйулҕаһыт.
Кырдьыга, Саха тыйаатырын артыыһа Дмитрий Михайловтан ураты биир даҕаны анал артыыс үөрэхтээх да, бэлэмнээх да дьон суоҕа. Оҕолорбут айылҕаттан бэриллибит кыахтарынан уонна КВН-щик быһыытынан олоҕурбут уопуттарынан үлэлээбиттэрэ. Сценарийы анал үөрэхтээх, саха киинэтигэр биллэр аат – Мария Находкина суруйбута.
Буолуохтааҕын сэрэйбит курдук
Сценарий быһыытынан ХИФУ бэрэпиэссэрэ Электрон Сергеевич салалталаах устудьуоннар холбоһуктаах эспэдииссийэлэрэ 14-15-с үйэтээҕи Кулун Атах култууратын туоһулуур туой иһит эмтэркэйин Хаҥалас сириттэн, Эркээни хочотуттан булаллар. Саха сирин наукатыгар улахан арыйыыны оҥороллор. Бу арыйыы – Электрон Сергеевич үйэ-саас тухары дьулуспут, олоҕун анаабыт хайысхата буолар. Киинэни биһиги 2016 сыл сайыныгар саҕалыыбыт.
Оттон дьиҥнээх олоххо Прокопий Ноговицын салалталаах оскуола оҕолорун «Эллэйаада» эспэдииссийэтэ ол сайын ити сиртэн (киинэҕэ курдук), пойматтан туой иһит эмтэркэйдэрин, туос түннүк сорҕотун, онтон да атын сүөһү иитээччилэр култуураларын туоһулуур пааматынньыктары булар. Бу булумньулары салгыы бэрэпиэссэр, историческай наука дуоктара Анатолий Алексеев салалтатынан институкка чинчийэллэр, салгыы Москваҕа кэмин, сааһын чопчулаары ыыталлар. Ол улахан чинчийии түмүгэ 2019 сыл күһүнүгэр, киинэ тахсаатын кытта, толору бигэргэнэр! Онон, булумньу 15-с үйэтээҕи диэн быһаарыллар.
Дьэ, кырдьык, дьоһуннаах арыйыы! Бу улахан түгэни уус-уран киинэ урутаабыта, олоххо буолуохтааҕы эрдэ ойуулаан көрдөрбүтэ дьикти ээ. Уус-уран айымньы күүһэ итиннэ сыттаҕа диэн бэтэрээнэн эрэ этэр, быһаарар кыахтанабыт. Буолбут, дакаастаммыт чахчы киинэни ордук суолталаах оҥордо. Ол саарбахтаммат! Оттон киинэ археология курдук уустук, ол эрээри сүрдээх интэриэһинэй наука киэҥ эйгэҕэ, ордук ыччат ортотугар, тахсарыгар эмиэ улахан суолталаах. Хардарыта дьайсаллар, ситэрсэллэр, ордук суолталаах оҥороллор да диэххэ сөп.
Дьиҥэ, бу устуоруйаны эрдэ билбиппит буоллар, киинэ премьератын сэргэ научнай чинчийии түмүгүн тэҥҥэ билиһиннэриэхпит хаалбыт эбит. Киинэ тахсыбыт үөрүүтүгэр олорсон, археология наука быһыытынан дьоҥҥо өссө киэҥ интэриэһи тардыа эбит…
Анисия Архипова, суруналыыс, “Хатан” сурунаал эрэдээктэрэ:
— «Челлендж», «пранк», «вайн» – бу өйдөбүллэр киинэҕэ баар ыччаты кытта быһа сыһыаннаахтар. Туох эрэ күлүүлээҕи, көрүдьүөстээҕи устан, элбэх «лайк» ылар, «хайп» оҥорор толкуйдаах аныгы ыччат оннооҕор таптал курдук истиҥ сыһыаны көрдөрүнньүк көстүүгэ кубулутар – икки эрэ киһи билиэхтээх истиҥ иэйиитин бары кэлэн кэтииллэр, көр-нар курдук төлөпүөҥҥэ усталлар. Дьэ, маннык солуута суох ыччат эспэдииссийэҕэ баран, аҕыйах хонук иһигэр чыҥха атын дьон буолан кэлэр. Ол хайдах?
Бастатан туран, харахтарын төлөпүөн экраныттан халбарытан, тулалыыр эйгэлэригэр хатаан, кэрэ айылҕаны кэрэхсии көрөллөр, дойдуларынан киэн туттар санаалара күүһүрэр.
Иккиһинэн, сиэр-майгы, билии-көрүү өттүнэн сайдыылаах, айылҕаттан педагог киһилиин алтыһан, кини сабыдыалынан олох дьиҥнээх сыаннастарын, киһи бүгүҥҥүнэн эрэ буолбакка, устуоруйатын, силиһин-мутугун билиэхтээҕин өйдүүллэр, ырааҕы-киэҥи толкуйдуур буолаллар.
Үсүһүнэн, киһиэхэ, айылҕаҕа харыстабыллаах буолууга уһуйуллаллар. Биллэн турар, маннык өйгө-санааҕа сыралаах айан, тургутуулаах эспэдииссийэ түмүгэр кэлэллэр. Оттон ол барыта эдэр саас эрчимнээх күүрүүтүнэн, үөрүүтүнэн арыалланар. Ол иһин бу киинэ көрөргө чэпчэки, оттон толкуйдатара дириҥ.
Николай Кирьянов, учуонай, археолог:
— Наука үлэһитэ буоларым быһыытынан уонна ДьГТХА-ҕа преподавателлээбит, устудьуоннары кытта ыкса алтыспыт уопуттаах буолан, киинэни олус сэҥээрбитим. Археология тиэмэтигэр киэҥник биллэр “Индиана Джонс”, “Лара Крофт” курдук киинэлэри улахан болҕомтоҕо ылбат этим. Фантастика, мистика жаанырдаах буолан, кырдьыктан тэйиэс соҕустар. Оттон бэйэбит, Сахабыт сирин, киинэтин трейлерэ тахсаатын кытта тута сэҥээрбитим. Кыра кыыс убайыгар «таптал туһугар принц принцессаны быыһыахтаах» диэн этэр санаата миигин манньыппыта. Олох туһунан, эдэр дьон тапталын туһунан, истиҥ киинэ буолара ити биир түгэнтэн биллибитэ. Күн кыһалҕата, оттомо суох доҕордуулар – Печолаах Илля, бэрт истиҥ майгылаах Вася кыыс – олуһун табыллыбыт уобарастар. Ордук мин дьылҕабар чугас, бары да археолог дьон олоҕун туоһута буолбут бэрэпиэссэр Электрон Сергеевич олоҕо барыбытын долгутта. Олоҕун бүтүннүү ууран туран сүрүн санаа оҥостубут чинчийэр үлэтэ дакаастанара эбэтэр аһаҕас хаалара, араас хабааннаах сылыктааһыннара кырдьыга тахсара-тахсыбата итэҕэтиилээхтик ойууланар. Семен булбут эмтэркэйин кимиэхэ да эппэккэ төттөрү бырахпытыгар, олох ойон туран илиитин быһата сынньыахпын баҕарбытым. Оннук чугастык ылыммытым! Эспэдииссийэ кэмигэр дьиҥнээхтик буолар түгэннэр, археология чопчу терминнэрэ киирбиттэрэ киинэ таһымын үрдэтэр. Саха сирин кинематографиятын устуоруйатыгар Семен Борисов диэн эдэр кэскиллээх археолог баар буолбутуттан олус үөрдүм. Салгыы кини салайыытынан тэриллэр эспэдииссийэ туһунан бу киинэ салгыытын күүтэбит.
Геннадий Охлопков,
«Экспедиция. Умнуллубат кэмнэр» киинэ толорооччу продюсера,
РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.