Тулуна борооскутун туһунан өссө биирдэ
Тулуна бөһүөлэгэр таһырдьа кыстаабыт борооскуну түбэһэ түһэн ыраахтан көрөөт, тута биллим. Сааскы ылааҥы күн буолан, бөһүөлэк уһугар сылгы, сүөһү элбээн үөрдүйэн, борооску сэргэхсийбит, үөрбут-көппүт көрүҥнээх.
Мария Сергеева, «Саха сирэ” хаһыат бэтэрээнэ, www.edersaas.ru сайтка анаан.
Өлүү болдьох, хаһаайына Михаил утары иһэр эбит. «Хата, түбэспиччэ ити аатырбыт торбоскун хаартыскаҕа түһэриэ этим. Киһини чугаһатар дуо?» — диэбиппэр: «Ээ, хата бэйэтэ куотуо. Былырыын тохсунньу ортотугар төрөөбүт буолан, хотон диэн тугун билэр эрээри киирбэтэҕэ. Уулата ыытарбар, ийэтэ оҕотугар ыксаан киһини түҥнэри көтө сыһан тахсаат, бачча обургу торбоһун эмтэрэр. Ол эрэ кэнниттэн батыһыннаран ойбоҥҥо уулуу бараллар. Көрөргүт курдук, муоһа, туйаҕа, кутуруга миэстэлэригэр бааллар. Арай сайынын үөһэ үллэн, куйааһы тулуйуо суоҕа дииллэр. Дьэ, хайаһар»,— диэн үлэ киһитэ ханна эрэ тиэтэйэн ааһа турда.
Эдэр ынах барахсан, оҕотун эккирэтэ сылдьан салыыр, атыттартан ураты хойуу, уһун түүтүн-өҥүн көннөрө сатыырга дылы. Барахсан, кыһын устата эмиий үүтүнэн эмсэхтэнэн, иммунитета үрдээн тымныыны тулуйдаҕа. Тобус- толору симиллибит курдук көрүҥнээх, эрчимнээхтик ойуоккалыыр торолуйбут оҕус борооску чугаһаатахха көмүскэтэр соҕотох дурдатын-хаххатын — ийэтин кэннигэр түһээхтиир. Сатахха, эдьиийэ быһыылаах, аҕас-тыһаҕас баара, телохранитель курдук чугаһаппакка биһигини күөйэ түһэ сылдьан, сугун хаартыскаҕа түһэртэрбэтэ.
Аны, бу соторутааҕыта, Михаил төрөөрү сылдьар атын ынаҕын сүтэрэн, суолунан ирдээн ойуур саҕатыгар ньирэйдэнэ охсубутун булбут. Таһырдьа хоммут ньирэй туох да буолбатах. Дьэ, дьикти. Баҕар хаһаайын тоҥуй сыһыаныттан ини диэххитин, сүрдээх бүгүрү, кыайыгас-хотугас үлэһитин бэркэ билэбин. Хаһаайка өр сылларга сэбиэт буҕаалтырынан үлэлээн, нэһилиэккэ убаастабылынан туһанар. Атын сүөһүлэрэ бэрт ыраас, үчүгэй көрүҥнээхтэр. Кыбыы иһэ —толору от.
Биир кырдьаҕас: «Буолан баран, оҕо сүөһү таһырдьа кыстыырын өйүм хоппот. Туох эрэ уратылаах төрөөтөҕө. Ынах сылгы атыырыныын иссэллэрин илэ харахпынан көрбүттээхпин. Оннук буолуон сөп. Ол иһин, томороон тымныыны тулуйар. Ону хаан анаалыһынан быһааран, дакаастыахтарын сөп этэ. Уопсайынан, сүөһү таһырдьа төрүү сатыырын билэр этим. Мин эдэрбэр, ыалбыт ынаҕа тохсунньуга таһырдьа төрөөбүтүн булууларыгар оҕото тоҥон өлбүт этэ. Оттон мин ийэм ньирэй доруобай буолар диэн, уу-хаар тахсыыта ынахтарын таһырдьа хаайан төрөтөр этэ»,— диэн кэпсээтэ.
Дьэ онон, доҕоттоор, Уус Алдан Тулунатыгар хотоҥҥо киирбэккэ хаары бүрүнэн кыһыны туораабыт дьоруой-борооскубут баар, мунна да тыбыырбакка молооруйан сылдьар.
Мария Сергеева, «Саха сирэ” хаһыат бэтэрээнэ, www.edersaas.ru сайтка анаан.
САЛГЫЫ: