Сахаларга Өксөкүлээхтэн күндү аат суох…

Ааптар: 
28.03.2020
Бөлөххө киир:

Бу Семен Петрович Данилов Алексей Елисеевич Кулаковскай туһунан эппит тыллара. Бэйэтин кэмигэр Семен Петрович саха литературатын төрүттээччилэрин үтүө ааттарын, ол иһигэр Өксөкүлээх Өлөксөйү, элбэхтик көмүс­кэспит уонна турууласпыт үтүөлээх.

Кулун тутар 16 күнүгэр Алексей ­Елисеевич төрөөбүт күнэ этэ.

Кини кимий? «Улуу Өксөкүлээх – сырдатааччы, бөлүһүөк, саха уус-уран литературатын төрүттээччи, уопсастыбаннай диэйэтэл, туохтааҕар даҕаны, сахатын дьоно-сэргэтэ үөрэхтээх, кимтэн да итэҕэһэ суох сайдыылаах, дьоллоох буолуон баҕарара», — диэн сиэнэ Людмила Реасовна Кулаковская этэн турардаах.

CАХА БЫЛЫРГЫ ОЛОҔУН ЧИНЧИҺИТЭ

Алексей Елисеевич кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕу олорбута. Кини хоту туундараҕа мунара, сүүрүктээх өрүстэринэн өксөйөрө, бандьыыттартан саһара, Хоту дойдуга гражданскай сэрии үгэннээн турдаҕына, саҥа былаас сорудаҕынан кутталлаах сырыылары сылдьыбыта. Чугас дьонун уонна бэри­ниилээх доҕотторун да сүтэрбитэ, учууталлаабыта уонна оҕолорун ииппитэ.

Кини 1877 сыллаахха кулун тутар 4 (16) күнүгэр Таатта оро­йуонугар күн сирин көрбүтэ. Кулаковскай саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэринэн буолар. Кулаковскай бастакы айымньылара 1897 сыллаахха нууччалыы тылынан – “Нууччалар бэйэлэрин ааттарынан киэн туттар кыахтаахтар дуо?” уонна “Пушкин поэзиятын сүрүн уратылара” суруллубуттара. Онтон 1900 сыллаахха кини саха суругунан култууратын бастакы айымньытынан билиниллэр “Байанай алгыһа” хоһоону суруйбута. Учуонай-лингвист Семен Новгородовы кытта кини саха алпаабытын оҥорбута, төрөөбүт фольклорун уонна тылын чинчийбитэ, ус­­туорук уонна этнограф, экэнэмиис уонна социолог буоларын таһынан Лермонтовы уонна Пушкины бастакынан тылбаастаабыт бастакы саханан буолбута.

Бэйиэт литератураҕа псевдонимын – Өксөкүлээх Өлөксөй быһаарыыта маннык. Өксөкү диэн “икки эбэтэр үс төбөлөөх остуоруйа-ойуун көтөрө; Хотой, икки төбөлөөх хотой». Бу көтөр саха норуотун төрүт көрүүтүгэр ураты суолталааҕа уонна үгүс норуоттарга ытык көтөр.

Алексей Кулаковскай чинчийээччи уонна айанньыт быһыытынан биллэр. Бэйиэт норуот тылын-өһүн хомуйан, устуоруйаҕа киирбит түгэннэр оргуйар кииннэригэр сылдьара, наар айаннаан тахсыбыта.

1918 сыл бастакы аҥаарыгар айаннарын туһунан суругар кини бэлиэтээбитэ: “Булуҥ – Дьааҥы – Булуҥ – табанан 2300 биэрэстэ”. Булуҥтан Дьааҥыга диэри уонна төттөрү – табанан – 1800 биэрэстэ”. Ол айанын маннык суруйбута: “… айанньыт куомпаһа, сулус­таах халлаана суох, туох да көстүбэт үс ыйдаах түүн, сатыы киһини охторор уонна табалары ыраахтан көрөрү мэһэйдиир буурҕа тохтообокко ытыйарын быыһынан айанныырга күһэллэрэ… Кытаанах хаарынан, хайа түбэһиэх, туундара устун.”

Эспэдииссийэлэригэр 1900-1924 сылларга кини сатыы 500 биэрэстэни хаампыта, табанан 17 640, атынан – 48 220, болуотунан, оҥочонон уонна борохуотунан – 288 700, тимир суолунан – 13 100, уопсайа – 108 160 биэрэстэни. Бу аан дойдуну иккитэ эргийиигэ тэҥнээҕэ.

Эспэдииссийэ кэмигэр кини фольклорга баай матырыйаалы хомуйбута, ити Кулаковскайга саха литературнай тылын кыһыл көмүс пуондатын тэрийэргэ көмөлөспүтэ. Алексей Елисеевич айар үлэтэ эгэлгэ кырааскалаах фольклор тылын түмпүтэ уонна саха норуотун суругунан литературатын төрүттээбитэ.

Алексей Кулаковскай олус таһаарыы­лаахтык үлэлиирэ. Холобур, 1924 сыл тохсунньу 31 күнүттэн 1925 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри кини маннык үлэлэри толорбута:

– “Саха автономиятын туһунан” Василий Никифоров ыстатыйатын тылбаастаабыта;
— С.Ефремов “Уоспа” пьесатын көрбүтэ уонна көннөрбүтэ;
— оҕо хрестоматиятыгар анаан икки кэпсээни уонна үс ырыаны суруйбута;
— саха дорҕооннорун саҥарыы быраабылатын оҥорбута;
— хоһоону сааһылааһын сахалыы быраабылатын суруйбута;
— саха тылын туһунан ыстатыйалары суруйбута;
— саха тылын саҥа чаастарын падежтарынан уларытыы (склонение) туһунан саҥа быраабыланы арыйбыта;
— 1 080 саха өһүн хо­­һоонун хаттаан оҥорон, алпаабыт бэрээдэгинэн сааһылаабыта уонна нууччалыы тылбаастаабыта, новгородскай транскрипциянан уһулбута уонна итиннэ киирии тылы суруйбута.

“… ӨСКӨТҮН ЭҺИГИТТЭН СОРОХХУТ МИИГИН ӨЙӨӨТӨХХҮТҮНЭ…”

“Саха интеллигенциятыгар суругар” бүтэһик ордон хаалбыт этиитэ итинник түмүктэнэр. Сурук ааптара төрөөбүт норуотун дьылҕатын туһунан чопчу дьоҥҥо анаан кэпсиир: бастакы быраас Прокопий Сокольниковка, уопсастыбаннай диэйэтэл Василий Никифоровка, Чурапчыга эргиэн тиһигин төрүттээччи Иннокентий Башариҥҥа, Кытаанах оскуолатын төрүттээччи Савва Собакиҥҥа, Илья Прядезниковка уонна доҕотторугар.

Дьиктитэ диэн, сурук толору илиинэн суруллубута 1992 сыл олунньу ыйга норуокка киэҥник көрдөрүллүбүтэ. Саха суруйааччыларын Николай уонна Анна Неустроевтар аймахтара Акулина Михайловна Неустроева өр кэмҥэ бу илиинэн суруллубут үлэни (рукопись) дьиэтээҕи архыыбыгар харайбыта. Булуллубут докумуоннар Саха сиринээҕи суут эспэртиисэтин научнай-чинчийэр лабораториятыгар ыытыллыбыттара. Онно оҥоһуллубут чинчийии икки барылы Алексей Кулаковскай бэ­­йэтин илиитинэн суруйбутун бигэргэппитэ.

“Саха интеллигенциятыгар” диэн аат­таах бастакы докумуон алта илиискэ нууччалыы, борос­туой харандааһынан бөдөҥ буочарынан суруллубут. Иккис дөкүмүөн 25 ­илиистэн турара, 49 сирэйинэн нүөмэрдэммит этэ уонна эмиэ ­илиинэн, ол эрэн, чэрэ­ниилэнэн суруллубут этэ.

Дириҥник толкуйдаан баран, Алексей Кулаковскай биир сөптөөх санааҕа кэлбитэ: кини туруорбут сытыы кыһалҕалара чопчу дьоҥҥо буолбакка, саха интэлигиэнсийэтигэр бүтүннүүтүгэр сыһыаннаахтар. “Архыып” барылын аннынан суругу суруйуу түмүктэммит чыыһылата – “1912 сыл. Ыам ыйа”. Онон 80 сыл ааспытын кэннэ урут биллибэтэх быдан толору сурук булуллубута.

“Саха интеллигенциятыгар сурук” – Саха сирин национальнай интэлигиэнси­йэтин көрүүтүн сайдыытын бастакы түһүмэҕэ. Дириҥ кыһалҕалары хорсуннук туруоруу, киэҥник толкуйдааһын бу анал суругу бы­­һаарар. Бу сурукка сахалар култуура аныгы таһымыгар тахсыбатахтарына, цивилизация ситиһиилэригэр сыстыбатахтарына, өлөр-­эстэр дьылҕалаахтар диэн санаа этиллэр.

Бүгүн, 108 сыл буолан баран, сурук бэ­­йэтин суолтатын өссө да сүтэрэ илик диэххэ сөп. Бүгүн үгүс дьон “Уһук Илиҥҥи гектар” туһунан истэ сылдьар. Ааспыт үйэ саҕаланыытыгар бөлүһүөк Алексей Кулаковскай суруйбута:

“Киргизтэр хомолтолоох дьылҕаларын аһына саныыбын. Кинилэр биһиги “урууларбыт”, тылбыт биир төрүттээх. Бары инородецтартан саамай элбэх ахсааннаах

(1 000 000 кэриҥэ киһи), өс киирбэх уонна нарын иэйиилээх норуот. Арыгы иһэри бобор магометанскай итэҕэл араҥаччылаан, халыҥ сүөһү үөрдээх, муҥура суох киэҥ хонуу куйаарын бас билэр киргиз муҥнаахтар төгүрүк сылы быһа истиэптэрин устун көһөн көрүлээн, өбүгэ саҕаттан олохтоммут үгэстэрин тутуһан көҥүл-босхо олорбуттара. Ону баара ХХ үйэ саҕаланыытыгар Урал кэтэҕиттэн соһуччу аччык көс дьоно тоҕо ааҥнаан киирбиттэрэ. Уонунан, сүүһүнэн тыһыынча киһи көрдөһүүнү, куттааһыны да аахсыбакка, олохтоохторго дууһа баһыгар баара-суоҕа 15-тии дэһээтинэ сири хаалларан олохсуйан барбыттара. (1911 с. диэри 11 587 128 дэһээтинэ сири былдьаабыттара). Сир оҥоһуутунан сатаан дьарыктаммат дьон сүөһү туталларыгар сирдэрэ аччаан, сүөһүлэрин өлөрөн, босхону эрэ үрдүнэн батарарга күһэллибиттэрэ. Ол түмүгэр билигин, урукку уйгулаах олохторун аймаһыйа ахта-саныы, аас-туор олоххо олороллор…

Киргизтэр кэрэгэй дьылҕалара биһигини, кинилэр кэптэрин кэтиэхпит диэн, дьиксиннэриэх тустаах этэ да, болҕомтобутун да уурбаппыт, остуоруйа курдук истэбит, түһээн көрөр-истэр курдук саныыбыт”.

Билигин бу федеральнай сокуон Саха сирин олохтоохторугар хайдах сабыдыаллааҕын ким да чопчу этэр кыаҕа суох. Бу кэм-кэрдии аастаҕына эрэ биллиэҕэ. Алексей Елисеевич Саха сирин сиригэр-уотугар олохсуйуу санаатын бэйэтин кэмигэр маннык быһаарбыта:

“Правительство Сибииргэ, чуолаан биһиги уобаласпытыгар, дьону көһөрөн биир ытыынан үс куобаҕы охторуон саныыр: 1) ханна да баппат гына аһара элбээбит нэһилиэнньэтин оннун булларар (билигин киин сирдэргэ үөскээбит сир боппуруоһа ты­­ҥаан, сытыырхайан турар кэмигэр ити олус суолталаах); 2) киһи атаҕа аҕыйахтык үктэммит, иччитэх кыраайын, бу дойду айылҕатын баайын хостоон судаарыстыба туһатыгар таһаарар соруктаах дьону олохсутан, сайыннарар уонна; 3) Америка, Япония, Кытай курдук иҥсэлээх уонна кутталлаах ыалларыттан бэйэтин кытыы сирдэрин манаары колония оҥостор”.

Өтө көрөөччү Кытайтан эмиэ дьаахханара:

Түһээтэхпинэ: биир күн, икки күн буолан баран Улуу Кытай Истиэнэтэ сууллан, туос аччык, саһарбыт сирэйдээх дьонунан туо­­луоҕа, онтон ынырык, ыарыыны илдьэ сылдьар дьон долгуна Азияттан Илиҥҥи уонна Хотугу муораларга диэри тарҕаныа, бэйэтин хамсааһынын дьон хаанынан уһулларан… Саха норуота маннык улахан холоругунан үлтү ытыйыллыа…”

Алексей Елисеевич тыын­наах хаалар туһуттан нуучча норуотун кытта бииргэ олорор ордугун эппитэ:

«Америкаҕа, Японияҕа, Кытайга сыстыахха дуу? Суох, ити сатаммат: тыыннаах буолар иһин охсуһууга кинилэр биһигини түргэнник хам баттыахтара, оттон үрүҥ харах­таах, улахан муруннаах нуучча, православнай итэҕэли бэлэхтээбитин этэ да барбаппыт, биһиэхэ быдан чугас, эйэҕэс, аймахтыы. Кини бэ­­йэбит курдук түҥкэтэх аҥардаах, эмиэ бэйэбит курдук кэнэн бэйэлээх, амарах, биһигини атаҕастыыр дьоҕура суох (культурнай таһыммыт тэҥ эбитэ буоллар, саха кинини таптаабытынан муннуттан сиэтиэх этэ). Мин, биллэн турар, дуона суох уһулуччулаахтарын аахпакка, нууччалар сүрүн маассаларын туһунан этэбин.

Пекарскай бырайыагын ылынан, хоту барыахха дуу? Суох – ити эмиэ куһаҕан: хоту биһиги тыыннаах буолан олорор сирбит суох — сотору кэминэн эс­­тиэхпит уонна бэйэбит да баҕабытынан барыахпыт суоҕа.

Суос-соҕотох табыгастаах ньыманан биһиги культивизацияҕа киирэрбит, уонна нууччалары кытта холбоһорбут буолар – дьолго бу буккааһык хаантан үтүө төрүөх кэлэр. Культивизация биһиэхэ, үөһээ этиллибит ыарахан си­­биэннэри тохтоторго эрэ буолбакка, уопсайынан наадалаах”.

ОЙУУН ТҮҮЛЭ

Үөрэхтээхтэр бигэргэтэллэринэн, Алексей Кулаковскай “Ойуун түүлэ” диэн айымньыта бэйиэт айар үлэтигэр бырагыраама курдук этэ. Аныгы цивилизация кэмигэр сахалар хайдах тыын­наах хаалар кыһалҕаларын туһунан анаарар айымньы. Ойуун – саха литературатын төрүттээччи айар үлэтигэр биир сүрүн тирэх уобарастартан биирдэстэринэн буолар. Биллэрин курдук, Кулаковскайдар төрүттэригэр өтө көрөр кыахтаах Кээрэкээн диэн улахан киһи баара. Алексей Елисеевич Кулаковскай сахаларга үрүҥ уонна хара ойууннар диэни чинчийиинэн дьарыктаммыта.

Бу Алексей Елисеевич “Ойуун түүлэ” поэмата саха төрүт култууратын чыпчаалынан эрэ буолбакка, Арассыыйа уонна аан дойду суолталаах уус-уран көстүү быһыытынан сыаналанар.

Бу айымньы 1910 сыллаахха суруллубута уонна киэҥ хабааннааҕынан, бөлүһүөктүү толкуйунан уонна тыл эгэлгэ сүмэтинэн суруйааччы айымньытын чыпчаалынан буолар. Бу айымньы бэйиэт төрөөбүт норуотун дьылҕатын уонна аныгы аан дойду кыһалҕаларын туһунан дириҥ толкуйун көрдөрөр.

Дьиҥнээх бэйиэт быһыытынан А.Е.Кулаковскай өтө көрөр дьоҕурдааҕа. Кини биһигини сэрии кутталыттан сэрэтэрэ, онно кимнээхтэн куттанары этэрэ. Алексей Елисеевич Аан дойду бастакы сэ­­риитэ саҕаланыа түөрт сыл иннинэ аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт сэрии буоларын, оттон улуу хамсааһыннар буолуохтара сэттэ сыл иннинэ – өрөбөлүүссү­йэни сэрэппитэ.

Маны сэргэ, аан дойду иккис сэриитин фашистыы Германия 40-с сылларга төлө тардыа диэн бу поэматыгар өссө 1912 сыллаахха эппитэ: “Отут сыл урутаан кытаанах киирсиилэри толкуйдаабыта”.

Саамай улахан хаан тохтуулаах сэрии киһи-аймах устуоруйатыгар саҕаламмытын өтө көрбүтэ:
“Ойуун түүлэ” поэматыгар ойууламмыт сэрии ыар хартыыналарын уонна содулларын сэбиэскэй норуот 1941-1945 сыллар­дааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитигэр илэ чахчы көрбүтэ.

1943 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн турдаҕына, ВКП (б) КК Литература уонна искусство секторыгар буолбут мунньахха “Ойуун түүлэ” поэмаҕа 30 сыл анараа өттүгэр Германия туһунан Кулаковскай эппит тыллара олус кырдьыктаахтарын уонна сөпкө этилибиттэрин бэлиэтээбиттэрэ: Германия империализма сиэмэх, милитаристскай быһыылааҕын уот харахха эппитэ.

66 СЫЛ БУОЛАН БАРАН ТУОЛБУТ МАКСИМ АММОСОВ ЫЙААҔА

1925 сыл ахсынньытыгар Алексей Кулаковскай Саха АССР-тан Бакуга Бастакы тюркологическай сийиэскэ дэлэгээт буолан барбыта. Аара суолга ыалдьан, Москваҕа 1926 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр бу орто дойдуттан туораабыта. Алексей Елисеевич Даниловскай кылабыыһаҕа көмүллүбүтэ.

Сыл буолан баран, 1927 сыл от ыйын 9 күнүгэр Максим Аммосов Киин Ситэриилээх кэмитиэтин уонна САССР Норуодунай хамы­һаардарын сэбиэтин улуу бэйиэт, култуура уонна уопсастыба диэ­йэтэлэ Алексей Кулаковскай аатын үйэтитэр туһунан ыйааҕар илии баттаабыта. Бу докумуон бастакы пуунугар этиллибитэ: “Москваҕа Кулаковскай уҥуоҕар мэҥэ тааһы туруоруохха”. Ол эрээри итини докумуон тахсыбыта 65 сыл буолан баран, толорбуттара.

Алексей Елисеевич төрөөбүтэ 115 сылыгар 1992 сыл­лаахха кулун тутар 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэси­дьиэнэ Михаил Николаев “Саха суругунан литературатын төрүттээччи А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйү үйэтитэр туһунан” дьаһал таһаарбыта. Онно бастакы пуунугар 1927 сыллааҕы Ыйааҕы олоххо киллэрэр туһунан суруллубута. 1992 сыллаахха сайын Москваҕа Даниловскай кылабыыһаҕа  100-тэн тахса киһи мустубута.

Уҥуоҕа ханна сытарын Москваҕа олоҕун тиһэх күнүгэр диэри Алексей Елисеевичтыын сылдьыбыт Анемподист Софронов суруйбут күннүгэр олоҕуран быһаарбыттара. Алампа бу туһунан маннык суруйбут: “Алексей Кулаковскайы 1926 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр Саха сириттэн төрүттээхтэр мустан, духовой аркыастыр траур муусукатын тыаһынан хоруобу көлүөһэлээх тэлиэгэлээх атынан Даниловскай кылабыыһаҕа илдьибиппит”. Бу сурук көмөтүнэн үгүс энтузиастар уонтан тахса сыл Алексей Кулаковскай уҥуоҕун көрдөөбүттэрэ. Уонна, дьэ, көрдөөбүттэрин тиһэх сылыгар эрэ аҕам саастаах дьахтар ханна көмүллүбүтүн ыйан биэрбитинэн, улуу сырдатааччы уҥуоҕун булбуттара. Мин санаабар, маныаха учуонай Егор Алексеев уонна “Якутзолото” көрдөөччү-инженерэ, уонтан тахса сыл буор босхо уоппускатын кэмигэр бу дьыаланан дьарыктаммыт Степан Попов улахан өҥөлөөхтөр. Онон киһи киэн туттар уонна ытыктыыр дьыалата оҥоһуллубута.

ТҮМҮК ОННУГАР

“Мин сурукпун түмүктүүбүн, манан мин эһиэхэ тиэмэ биэрэн, үлэлииргитигэр ыҥырдым.

Онон сотору кэминэн олохпутун төрдүттэн уларытыахпыт. Ол биһиэхэ өлүүгэ-сүтүүгэ тэҥнээх буолуо. Мин санаабар, тыын­наах хаалар туһугар охсуһууга соҕотох көдьүүстээх ньыманан, биһиэхэ көһөн кэлии да суоһаабатар, культивизация буолар.

Сирбититтэн маттахпытына, тыыннаах буолар туһугар охсуһуу сытыырхайдаҕына, дьиҥнээхтик өлүү-эстии саҕаланнаҕына – оччоҕуна элбэх да элбэх патриот баар буолуоҕа, ол эрээри хойу­туохпут уонна тыыннаах хаалар туһугар охсуһууга кыахпыт олох кыра буолуоҕа. Эстиини утары миэрэлэри ылыныахха. Биһиги олох эрдэттэн, сайдыы уонна култуура көмөтүнэн өйдөөх-төйдөөх, култуурунай уонна сокуоннай киирсиини тыыннаах хаалар туһугар саҕалыахтаахпыт!”

Алексей Кулаковскай,
1912 сыл.

Родион КРИВОГОРНИЦЫН бэлэмнээтэ.

Кэнники кэлэр дьылларга саха үөрэҕин, саха тылын үөрэтэр дьоннор, Өксөкүлээх Өлөксөй үйэтэ оннук этэ диэн, туспа бэлиэтээн ааһыахтара. Сурукка суруллубут тыл үгэһэ, тыл хоһооно, айар санаа илбиһэ Саха сиригэр Өксөкүлээх үйэтиттэн ыла үөскээбитэ диэн бары этиэхтэрэ.

(…) Өксөкүлээх Өлөксөй кэриэһэ туоллун — айар тыл уоттаннын!!! Тыл илбиһэ төлөннөннүн!!!”

Ойуунускай. Бырастыы. 1926 с.

“Саха литературата Кулаковскай курдук үтүө үрдүк ааты билэ илик. Норуот олоҕо Кулаковскай ырыатыгар сиэркилэҕэ түһэр курдук түспүт. (…) Саха дьахталлара, бурсуйдара, киэргэмсик дьонноро, ойууттара — бары саныыр санаалыын, тэбэр тымырдыын Кулаковскай хоһоонугар киирбиттэр. (…) Былыргы саха уус-уран тыла, бөлүһүөк хараҕынан аан дойдутун көрөн санаата — киниттэн тиллибит диэххэ сөп. Сайдан иһэр саха литературатын историята кинини аан бастааҥы ырыаһытынан ааҕыа”.

Эллэй. Саха олоҕун ырыаһыта. // “Кыым”, 1925, 11. 06.

…А.Е.Кулаковскай биир суол бастаабыта — дьиҥнээх хартыынаны көрдөрөрүн таһынан, аны, суруйар киһитин саҥарар саҥатын эҕэтиттэн (туонуттан) ыла сөпкө түбэһиннэрэн суру­йара буолар. (…) Уустук суруйуу дьиҥнээх чөмчөйөр төбөтүн манан ситиһиллиэхтээх.

… Саха ыччата уустук хоһуйууга, имигэстик эриэккэстээн этиллэр тылга киниэхэ үөрэниэхтээх, кини элэ-была тылын эгэлгэтин чинчийэн бэйэтигэр иҥэриниэхтээх”.

Амма Аччыгыйа. Кулакуоскайтан үөрэниэҕиҥ.

//Хотугу ыччат, 1928, 31. 03.

“А.Е.Кулаковскай… бэйэтин кытта бииргэ-тэнҥэ үөскээбит Ойуунускайдаах, Аммосовтаах иннилэринээҕи саха бэртэриттэн барыларыттан ойуччу ордук, “биир мутук үрдүк” киһи эбит: өйүнэн, сүрэҕинэн, билиитинэн, сайдыытынан — бары өттүнэн барытынан, төгүрүччү!

Күннүк Уурастыырап.
Өксөкүлээх Өлөксөй. — көр: Хатаппын саҕабын, 1979, 414—422 сс.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0