Эксээмэннэрин 100 баалга туттарбыт оҕолор тугу сүбэлииллэрий?
Өссө биир сайын ааһа охсон, биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарбыт оҕолор дьэ “һуу” диэн, баҕалаах үөрэхтэригэр киирдилэр. Аны быйылгы 11-с кылаастар эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэллэр, долгуйаллар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ 33 үөрэнээччитэ эксээмэнин 100 баалга туттарда. Үрдүк баалга туттарыы кистэлэҥэ тугуй? Тугу сүбэлииллэрий?
Ураты БКЭ
Быйыл биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) хамсык дьаҥынан сибээстээн көһөн, оҕолору, төрөппүттэри бэйэтин кэмигэр долгуталыы сылдьыбыта. Ол да буоллар, дойду үрдүнэн, ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ, эксээмэни туттарыы көрдөрүүтэ үчүгэй диэн сыаналыыллар. Үрдүк үөрэххэ туттарсар эрэ оҕолор туттарбыттара. Онон учууталлар өттүлэриттэн чопчу бэлэмнээһин итиэннэ эксээмэн болдьоҕо уһаан, оҕо дьарыктанарыгар эбии бириэмэ бэриллибитэ дьайбыт буолуон сөп диэн толкуйдууллар.
“Былырыыҥҥытааҕар элбэх”
СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Михаил Сивцев сүрүн дакылаат кэмигэр, быйыл биир кэлим эксээмэн көрдөрүүтэ былырыыҥҥытааҕар ордугун бэлиэтээн турар. “Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) орто баала ааспыт сыллааҕы көрдөрүүнү куоһарда. Ону тэҥэ, 33 оҕо эксээмэнин 100 баалга туттарда (былырыын 19 киһи этэ)”, — диэн бэлиэтээн эппитэ.
Аны биридимиэттэринэн ылан көрдөххө, Саха сирин үөрэнээччилэрэ уруккуттан 100 баалга ордук нуучча тылын эксээмэнин туттараллар.
Икки биридимиэти 100 баалга!
Василий Волков, В.П.Ларионов аатынан тиэхиньиическэй лиссиэйи бүтэрбит:
— Математиканы уонна нуучча тылын 100 баалга, физиканы 99 баалга туттарбытым. Учууталларым күүскэ бэлэмнээн, муҥутуур үрдүк баалга туттардым дии саныыбын. Уонна “фактор везения” дьайбыт буолуон сөп. Математикаҕа Любовь Ивановна Ефремова, Любовь Ивановна Самсонова, нуучча тылыгар Лариса Романовна Дмитриева, физикаҕа Аида Вячеславовна Харлампьева үөрэппиттэрэ. Лиссиэйгэ 5-с кылаастан үөрэммитим.
Уруогу таһынан нэдиэлэҕэ хас даҕаны чаас консультациялары биэрэллэрэ. Холобура, математикаҕа эксээмэҥҥэ анаан эбии 5 чаас дьарыктыыллара. Ону таһынан, бэйэм эрчиллэрим эрээри, күүскэ буолбатах.
Эксээмэн туттарар оҕолорго саамай сүрүнэ, туохтан даҕаны куттаммакка, былааннаахтык, ситимин быспакка бэлэмнэниҥ диэм этэ. Чопчу эксээмэҥҥэ номнуо 10-с кылаастан саҕалаан бэлэмнэнэр ордук. Мин ханнык эксээмэннэри таларбын эрдэттэн быһаарыммытым. Эрэпэтиитэрдэммэтэҕим, дьиҥэр, улаханнык кыһаммат этим. Дьиэҕэ үлэбин кэмигэр толоро сатыырым.
Үөрэххэ туттарсарбар докумуоммун Москваҕа үс үрдүк үөрэххэ биэрбитим, үһүөннэригэр киирбитим. Онтон Москватааҕы физика-тиэхиньиическэй институту талбытым. Үөрэнэн эрэбит.
Географияны — 100 баалга!
Алексей Кычкин, Дьокуускай куораттааҕы 2-с нүөмэрдээх национальнай политиэхиньиическэй оскуоланы бүтэрбит:
— Географияны 100 баалга туттарыыбар, кырдьыгын эттэххэ, туох даҕаны кистэлэҥ суох — сөбүлүүр биридимиэтим буолар. Эрэпэтиитэрдэммэтэҕим эҥин. Консультацияны таһынан, ыам ыйыттан саҕалаан бүтэһик ыйдарга бэйэм күүскэ бэлэмнэммитим. Биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарыан баҕалаах оҕолорго, бастатан туран, кыһанан бэлэмнэниҥ диэм этэ. Иккиһинэн, бэйэҕит сөбүлүүр биридимиэккитин талыҥ. Үсүһүнэн, эрэсиими тутуһуҥ. Мин географияны, историяны, обществознаниены, математиканы талбытым.
Калининградка киирдим. Мантан тас дойдуга тахсар судургу, чугас. Үөрэхпин ситиһиилээхтик түмүктээн, салгыы магистратураҕа туттарсыам диэн былаанныыбын, — диэн хоруйдуур.
Манна даҕатан эттэххэ, Алексей Саха сиригэр сэттэ сыл кэнниттэн географияны 100 баалга туттарда. Географияны талар, ону ааһан муҥутуур үрдүк баалга туттарар оҕо сэдэх диэххэ сөп.
“Дьиэҕэ олоруу кэмигэр күүскэ бэлэмнэммитим”
Сардаана Седалищева, Чурапчытааҕы гимназияны бүтэрбит:
— Нуучча тылын таһынан литэрэтиирэ эксээмэнин талбытым. Литэрэтиирэбин 100 баалга туттарбытым. Дьиҥэр, 100 баалы ылыам диэн эрэммэтэҕим. Эрдэттэн литэрэтиирэҕэ интэриэстээх этим, учууталбыт Лена Романовна Семенова үчүгэйдик үөрэппит дии саныыбын. Оскуолаҕа куруук “5” сыанаҕа үөрэммитим. Ойуччу тутан бу биридимиэти ордорорум диэн этэр кыаҕым суох, химияттан ураты барытын сөбүлүүрүм.
Эксээмэн иннинэ нуучча тылыгар (литэрэтиирэҕэ буолбатах) эксээмэҥҥин 100 баалга туттарыаххын сөп диэбиттэрэ. “100 баал саарбах, саатар 90 буолара буоллар” дии санаабытым. Кырдьык, тылга эксээмэммэр 91 баалы ылбытым.
Эксээмэннэрбэр хамсыгынан сибээстээн, дьиэҕэ олоруу кэмигэр күүскэ бэлэмнэммитим. Ол иннинэ, үөрэх дьылын бастакы аҥаарыгар син бэлэмнэнэр этим эрээри, олох кыратык этэ. Нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ ыытыллар консультацияларга сылдьыбытым. Коронавирус саҕаламмыта, эксээмэннэрбитин уһатан биэрбиттэрэ. Күн аайы бэлэмнэниим ити кэмҥэ саҕаламмыта. Араас лиэксийэлэри көрөрүм, өйтөн суруйарым. Араас аудио кинигэлэртэн саҕалаан, Ютубунан үрдүк баалга хайдах туттарар туһунан сүбэлэргэ тиийэ истэрим, анал тиэмэлээх ханааллары көрөрүм.
Репетиторым суоҕа. Өйөбүл быһыытынан, өйбүн-санаабын сааһыланаары, нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталыттан Людмила Егоровна Кириллинаттан (биһигини үөрэппэт) сүбэ ылбытым улаханнык туһалаата.
Мин аҕыйах биридимиэти талбытым. Ол иһин күүспүн чопчу биир салааҕа уурбутум. Нуучча тыла, литэрэтиирэтэ син биир бэйэ-бэйэлэригэр чугас биридимиэттэр. Сорохтор обществознаниены, нуучча литэрэтиирэтин, омук тылын, өссө географияны эҥин талаллар. Мин санаабар, маннык түгэҥҥэ болҕомтолорун ханна ууралларын билбэттэр. Дьиҥэр, ханнык баҕарар биридимиэти ким баҕарар 100 баалга туттарыан сөп. Сыл да иһигэр бэлэмнэнэн баран туттарыахха сөп.
Кытайга үөрэнэ барар буоллум. Бастакы сылбар кытай тылын үөрэтэбин.
“Баар кыаҕы барытын туһаныҥ”
Юлиана Семенова, Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу орто оскуолатын бүтэрбит:
— Оскуолаҕа куруук туйгун сыанаҕа үөрэммитим, дьиэҕэ үлэбин өрүү бириэмэтигэр туттарарым, эксээмэннэрбэр эрдэттэн бэлэмнэммитим, биир даҕаны консультацияны көтүппэккэ сылдьыбытым. Биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) англия тылын, нуучча литэрэтиирэтин уонна обществознание биридимиэтин талбытым. Ол эрээри, атахпын эчэтэн, обществознаниены кыайан туттарбатаҕым.
Биллэн турар, дэриэбинэҕэ репетитор диэн суох. Учууталларбыт тиһигин быспакка консультация ыыталлара. Үөрэппит учууталым Наталья Гаврильевна Огочонова ханнык барыйааннары толорорго сүбэлиирэ. Чопчу эксэмээҥҥэ анаан-минээн миигин ийэм Оксана Николаевна (нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала) бэлэмнээбитэ. Англия тылыгар үтүө санаалаах учууталым Ольга Прокопьевна Боескорова отой дьиэтигэр ыҥыран үөрэтэрэ, сүбэ-ама биэрэрэ. Идэлэригэр бэриниилээх учууталлар дии саныыбын.
Литэрэтиирэни туттарар туһунан эрдэ былааннаабатаҕым, хойут толкуйдаммытым. Онон эксээмэммэр хойут бэлэмнэммитим. Арай, бэһис-алтыс кылаастартан саҕалаан олимпиадаларга кыттыым уопута көмөлөстө дии саныыбын, ийэм дьарыктыыра.
Күннээҕи араспысаанньабын оҥостобун. Холобура, 2 чаас англия тылыгар бэлэмнэнэбин, сынньана түһэн баран 2 чаас литэрэтиирэҕэ бэлэмнэнэбин. Сынньанан баран эмиэ иккилии чаас атын биридимиэттэрбэр дьарыктанарым. Уопсайа (обществознаниены кытта) түөрт биридимиэккэ бэлэмнэнэр этим. Практическай садаанньаларга хас даҕаны барыйааны толорорум, тугу эрэ билбэт буоллахпына, кинигэттэн үөрэтэрим. Билигин интэриниэт үйэтэ. Онон туох баар билиини интэриниэттэн иҥэриниэххэ сөп, дьарыктаныахха эрэ наада. Мин сүнньүнэн “Решу ЕГЭ”, “Сдам ЕГЭ” саайтарга дьарыктаммытым. Оттон суоту үчүгэйдик билиэхтэрин баҕалаахтар эбэтэр тугу эрэ өйдөөбөтөхтөр, Ютуб араас ханаалларын көрүөхтэрин сөп. Интэриниэт бу өттүгэр олус туһалаах эбит. Мин дьолбор, 11-с кылааска тахсыбытым кэннэ 4 G киирбитэ. Эрдэ кэлбитэ буоллар, өссө үчүгэй буолуох, оскуолабыт түмүгэ өссө тупсуох эбит.
Быйыл ахсыа буолан бүтэрдибит. Биир кэлим эксээмэни икки буолан туттарбыппыт, иккиэн үрдүк үөрэххэ киирдибит. Мин ХИФУ омук дойдуларын филологиятын уонна регионоведениетын институтун лингвистика салаатыгар киирдим.
Боотулууга саҥа оскуола тутулла сылдьар, учууталларбыт олус үчүгэйдэр. Онон саҥа оскуола үлэҕэ киирдэҕинэ, оҕолор үөрэнэ кэлиэхтэрэ дии саныыбын.
Түмүк оннугар
Ити курдук, быйыл биир кэлим эксээмэннэрин (ЕГЭ) 100 баалга туттарбыт түөрт оҕону кытта кэпсэттим. Соһуйуом иһин, төрдүөн эрэпэтиитэрэ суох учууталларын уонна бэйэлэрин дьаныардаах дьарыктарынан үрдүк баалы ылары ситиспиттэр. Аныгы оҕолор сиэринэн, интэриниэти хото туһаналлар эбит. Ханнык баҕарар ситиһии кинигэни ааҕыыттан, тиһигин быспакка эрчиллэртэн улахан тутулуктаах.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru