Эксээмэннэр чугаһаатар-чугаһаан иһэллэр. Бүгүҥҥү тиэмэ биир кэлим эксээмэҥҥэ туһаайыллар. Тоҕо кыс ортото ити туһунан аҕынныбыт? Эксээмэн туһунан тугу билэр ирдэнэрий?
Олунньу 1 күнүгэр диэри…
Баҕар, ким эрэ, тоҕо эрдэтэй, дьон Саҥа дьыллыыр, түбүгүрэр кэмигэр диэн сөп. Ол эрээри, бырааһынньыктар сүпсүлгэннэригэр буолан, үөрэнээччилэр да, учууталлар даҕаны эксээмэн туһунан умна быһыытыйаллар. Оттон тохсунньуга букатын уонча күн сынньалаҥ, онтон салгыы хаһан үөрэх саҕаланан оннуларын булуохтарыгар диэри нэдиэлэ ааһар, тохсунньу түмүктэннэҕэ ол. Оттон оскуоланы бүтэрээччи биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) ханнык биридимиэти таларын туһунан сайабылыанньатын олунньу 1 күнүн хойутаппакка биэриэхтээх. Ол эбэтэр, үөрэхтэри сирийэн үөрэтэригэр букатын кылгас кэм хаалар.
Итиэннэ биир үксүн хаһыат өрөспүүбүлүкэ уһук дэриэбинэтин ыалыгар тиийиэр диэри балачча кэм ирдэнэр. Онон, эрдэттэн сир ыла турбут ордук.
Биридимиэттэр
Булгуччулаах:
Нуучча тыла
Математика (судургутутуллубут, уустугурдуллубут)
Талар:
Обществознание
Химия
Биология
Физика
Информатика уонна ИКТ
История
Литература
География
Омук тыллара
Төрөөбүт тыллар
Иккиттэн — биирин
Биллэрин курдук, математика судургутутуллубут (базовый) уонна уустугурдуллубут (профильнай) диэн арахсар. Уустугурдуллубут математика үрдүк үөрэххэ ирдэнэр. Өскөтүн, оскуоланы бүтэрээччи туттарсар үөрэҕэр математика ирдэнэр диэн суруллубут буоллаҕына, бу хайаан даҕаны уустугурдуллубут (профильнай) биридимиэт диэн өйдөнүллүөхтээх.
Урукку сылларга судургутутуллубуту уонна уустугурдуллубуту иккиэннэрин туттарар көҥүллэнэр эбит буоллаҕына, быйылгыттан биирин эрэ талан туттарар кыах бэриллэр. Онон туттарсар үөрэххэ ханнык биридимиэттэр ирдэнэллэрин эрдэттэн булгуччу билэр ордук.
Саха сирин баһыйар үгүс үөрэнээччитэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка туттарсар. Ханнык баҕарар үрдүк үөрэххэ, ол иһигэр ХИФУ-га, кэлэр сыллааҕы үөрэх дьылыгар туттарсыы быраабылата алтынньы ыйга диэри саайтарыгар тахсар, барыта сиһилии суруллар.
Олох тугу көрдөрөрүй?
Кэлин орто анал үөрэҕи, оробуочай идэлэри талар бары өттүнэн барыстаах диэн өй-санаа дьоҥҥо олохтоохтук иҥнэ. Чахчыта да оннук. Иккис курдук, тус бэйэм санаабар, ыччат үрдүк сыалы-соругу туруорунарын сарбыйар. Тоҕо диэтэххэ, “үрдүк үөрэххэ даҕаны киирбэтэхпинэ, ортоҕо барыам буоллаҕа дии, билигин оробуочай идэни талар ордук дииллэр” диэн үрдүккэ дьулуспат, үөрэҕэр даҕаны ээл-дээл сыһыаннаһыан сөп. “Нуучча тылыгар уонна математикаҕа ирдэниллэр алын баалы ыллым даҕаны бүттэ” дии саныыр.
Ол эрээри, үрдүк хамнастаах, кэскиллээх орто үөрэхтэргэ куонкурус улахан. Кэллим даҕаны киириэм дии саныыр сатаммат. Бэл диэтэр, үрдүк үөрэх устудьуоннара оробуочай идэлэри ылар баҕалаахтар. Ааспыт сылга диэри аттестат орто баалын көрөллөрө, быйыл РФ Үөрэҕин министиэристибэтэ уларытыылары киллэрбитэ. Онно олоҕуран, үөрэнээччи аттестатын уопсай баалын көрөн, эбэтэр чопчу туттарсар үөрэххэ сыһыаннаах биридимиэттэрин талан ылан, орто баалы таһаарыан сөп. Холобур, тиэхиньиичэскэй хайысхалаах үөрэхтэргэ математика, физика, информатика киириэн сөп. Ону хас биирдии орто үөрэх тэрилтэтэ бэйэтэ быһаарар. Аны сорох орто үөрэхтэр үрдүк үөрэххэ курдук араас чөмпүйэнээттэргэ, куонкурустарга, олимпиадаларга миэстэлэспиттэрин эмиэ көрөллөр. Инньэ гынан, үөрэххэ баҕалаах, дьаныардаах, сүрэхтээх оҕолору ылар мөккүөрдээхтэр. Ыһыктынан кэбиһэр табыллыбат.
Уон-сүүрбэ сыллааҕыта хайдах этэй? Төрөппүт, учуутал оскуоланы бүтэрээччигэ хайаан даҕаны үрдүк үөрэххэ киириэхтээххин диэн сыал-сорук туруораллара. Ол иһин икки өттүттэн такайыы, хонтуруол даҕаны кытаанаҕа. Оттон билигин үрдүккэ таласпат буолан, үөрэнээччи өйө-санаата уларыйда, аһаҕастык эттэххэ, сороҕор орто үөрэҕи “сэнии” саныыр. Биир үксүн үөрэх хаачыстыбатын мөлтөөһүнэ итинтэн эмиэ тутулуктаах курдук.
“Бу биридимиэти талыма”
Сыл бүтүүтэ тус төлөпүөммэр букатын билбэт дьахтарым (ийэ) төлөпүөннээн, кылаас салайааччыта итиэннэ дириэктэри солбуйааччы оҕоҕо, “эн үрдүк үөрэххэ киирбэккин, онон биология, химия биридимиэттэрин талыма” диэн “сүбэлээбиттэр”. Итинник этэллэрэ баар дииллэрин уруккуттан истэрим. Ол эрээри, тус бэйэбэр биир даҕаны киһи этэ илигэ.
Ити кэпсэтии кэнниттэн нэдиэлэ ааһаатын кытта, аны батсаап бөлөҕөр биир төрөппүт “мунньахтан бу эрэ кэллим, быйыл 11-с кылааһы 26 оҕо бүтэрэриттэн, 7 эрэ оҕо математикаттан, нуучча тылыттан ураты атын биридимиэттэри талар үһү, атыттар булгуччулааҕы эрэ туттарыҥ диэтилэр” диэн суруйбут. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй?
Министиэристибэ хоруйа
Иһиттим дуу, истибэтим дуу диэт, тустаах боппуруоска СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтиттэн хоруй ылаары туоһуласпыппар: “Оҕо ханнык эксээмэни таларын бэйэтэ быһаарар. Онно учуутал көҥүлэ ирдэммэт. Өскөтүн оҕо академическай иэһэ суох буоллаҕына, ким даҕаны кини ханнык баҕарар биридимиэти таларын бобор кыаҕа суох. Ол гынан баран, оскуоланы бүтэрээччи биридимиэти таларыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаах”, — диэн хоруйдаата.
“Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар”
Быйыл күһүн ыытыллыбыт СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар, педагогическай институт дириэктэрэ Татьяна Третьякова бу тиэмэни эмиэ таарыйан аһарбыта. Учуутал оскуола көрдөрүүтүн буортулаамаары, эксээмэҥҥэ үөрэнээччилэрэ кини биридимиэтин талбаттарыгар сүбэлииллэрин эппитэ. Итиэннэ “өскөтүн, оскуоланы бүтэрээччилэр хас даҕаны сыл устата учуутал үөрэтэр биридимиэтин талбат, эбэтэр биирдиилээн эмэ талар буоллахтарына, бу учуутал аттестацияҕа үрдүк категорияланара сөп дуо?” диэн ыйытыыны туруорбута.
Кырдьыгын эттэххэ, оччолорго тус бэйэбэр биир даҕаны төрөппүт ити туһунан эппэтэх буолан, улахаҥҥа уурбатаҕым. Ол да буоллар, хаһыакка кыбыппытым. Оттон билигин…
“Мэтээл икки өрүттээх”
Оттон билигин ити икки түгэн кэнниттэн, тустаах боппуруоһу “арыылаан хаалларар”, хараҕы симэр хайдах даҕаны табыллыбат курдук.
Күн бүгүн, биридимиэти талыы — оскуоланы бүтэрээччилэргэ сытыытык турар боппуруостартан биирдэстэрэ. Ити кэмҥэ оҕо санаатын уларыта сатыыллара өйдөммөт. Эбэтэр мөлтөхтүк үөрэтиини билинии дуу? Оҕоҕо “бу биридимиэти талыма” диэн бэйэтин санаатын соҥнуур учуутал, бука, кэтэх санаалаах буолан ити курдук этэн эрдэҕэ диэн толкуй үөскүүр.
Ханнык даҕаны оҕо “икки” сыананы ыларын билэ-билэ, ол биридимиэти талбата чахчы. Син бэйэтигэр эрэх-турах сананар, “уҥа-хаҥас бырахсыам” диэн эрэллээх оҕо талан эрдэҕэ.
Иккис курдук, оҕолор эксээмэннэрин кыайан туттарбат түгэннэригэр оскуола, учуутал “оройго охсуллаллара” баар суол. Ол иһин, “сүбэлээн” эрдэхтэрэ.
Түмүк
Онон, түмүктээн эттэххэ, бастакытынан, оскуоланы бүтэрээччи ханнык үөрэххэ туттарсарынан салайтаран, биридимиэттэрин сөпкө талыахтаах. Эбэтэр орто анал үөрэххэ туттарсабын диир түгэнигэр, букатын даҕаны нуучча тылын, математиканы туттаран баран бүтүөн эмиэ сөп. Иккиһинэн, булгуччулаахтан ураты, ханнык эксээмэни таларын бэйэтэ эрэ быһаарынар. Учуутал соҥнуур бырааба суох.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru