Эксээмэн кыһалҕата: уларыйыылар, сонуннар, сүбэлэр

Ааптар: 
25.05.2017
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ “Якутия” уонна “Саха сирэ” хаһыаттар кыттыгас “Барыбыт кыһалҕабыт” («Общая забота») бырайыактарын чэрчитинэн, биир кэлим эксээмэҥҥэ (БКЭ) аналлаах “төгүрүк остуол” буолан ааста. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир кэлим эксээмэни 8604 оҕо туттарара биллэр. Ыам ыйын 29 күнүттэн эксээмэннэр номнуо саҕаланаллар.

Уларыйыылар

СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ сыллата сүрүн уонна барыллаан эксээмэҥҥэ кичэйэн бэлэмнэнэр. Ону биир кэлим эксээмэни ыытыыга Саха сирэ дойду үрдүнэн биэс бастыҥ көрдөрүүлээх регион кэккэтигэр киирэрэ туоһулуур.
Бастакытынан, сорудаҕы тиэрдии судургутуйда. “Урукку сылларга эксээмэн матырыйаалларын ханна эрэ атынан, ханан эрэ массыынанан, ардыгар тыраахтарынан даҕаны тиэрдэллэрэ, бу былырыыҥҥыттан ыла судургутуйан турар. Ол курдук, күн бүгүн анал сабыылаах сибээһинэн тиэрдэллэр, күлүүһүнэн арыйаллар итиэннэ миэстэтигэр бэчээттээн таһаараллар”, — диэн СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэтээҕи сүрүн аттестациялыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева кэпсиир.
Иккиһинэн, ааспыт сылга видеокамеранан тута (онлайн) кэтээн көрүү 36% тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, быйыл ити сыыппара 50 % тэҥнэспит. Оччотугар хонтуруол өссө күүһүрбүт.
Үсүһүнэн, химия, физика, биология биридимиэттэригэр бэлэм эппиэттээх садаанньалар суох буолбуттар. Ол эбэтэр, бу эксээмэннэртэн тиэһи (тест) ылбыттар.
Төрдүһүнэн, биология биридимиэтин 3 чаас оннугар, 3 ч 30 мүн толороллор.
Бэсиһинэн, урукку сылларга оскуоланы бүтэрбит дьон биир кэлим эксээмэни туттарыыларын болдьоҕо уларыйбыт. Ол курдук, бэс ыйын 20 — от ыйын 1 күннэригэр туттарар кыахтаахтар.
Алтыһынан, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор эксээмэҥҥэ көмөлөһөөччүлэри (тьютор) илдьэ киириэхтэрин сөп. Холобура, оҕо бэйэтэ бэчээттиир кыаҕа суох, мөлтөхтүк истэр эбэтэр мөлтөхтүк көрөр буоллаҕына, көмөлөһөөччү көрүллэр.
Хонтуруоллуур-кээмэйдиир матырыйааллары (КИМ) тупсарыы салгыы барара былааннанар. Ол курдук, инникитин омук тылын, историяны булгуччулаах эксээмэннэр кэккэлэригэр киллэрэр туһунан боппуруоһу толкуйдууллар.

Эксээмэн туттарар пуун

Хас оскуола аайы эксээмэн ыытар пууну (ЭЫП) олохтуур кыаллыбата биллэр. Быйыл, уопсайа, 244 пуун тэриллэр. Бу ааспыт сылга холоотоххо, 9 пуунунан аҕыйах эбит. Суруналыыстар маннык пууннар тоҕо аҕыйаабыттарын туоһуласпыттарыгар, итинтэн 2 пуунугар быйыл эксээмэн туттарар оҕо суоҕун, 1 пууҥҥа техническэй исписэлиис эбээһинэһин медицинскэй үлэһит толорорун, атыттарыгар улуус баһылыктара пууну арыйар наадата суоҕун ыйбыттарын эттилэр. “Маныаха кэккэ ирдэбил баар. Ол курдук, тырааныспар схематын, төһө ыраах баарын (пуун оскуолаттан 15 килэмиэтир тэйиччи буолуо суохтаах), каадырдарын, материальнай-техническэй усулуобуйаларын барытын учуоттуубут. Усулуобуйа олохтооботохпутуна, оҕо кыайан эксээмэни туттарымыан, сөптөөх баалы ылымыан, оччотугар үөрэххэ кыайан кииримиэн сөп”, — диэн СӨ Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин дириэктэрэ Надежда Попова быһаарда. Атын пууҥҥа баран туттарар оҕолору эксээмэҥҥэ ылбычча ыыппаттарын, эрдэттэн бэлэмнииллэрин этэллэр. Үксүгэр малокомплектнай оскуолаларга үөрэнэр оҕолор базовай оскуолаларга эксээмэн туттараллар. Ол инниттэн төрдүс чиэппэр тухары оҕолор эксээмэн туттарыахтаах пууннарыгар консультация ылалларын, эрдэттэн адаптацияны баралларын этэллэр.

Сыана аттестакка дьайыыта

Оҕо үөрэнэрин тухары бары биридимиэттэргэ барытыгар туйгун сыанаҕа үөрэммит, ол эрээри, эксээмэҥҥэ кэлэн “үс” сыананы ылбыт түгэнигэр, аттестатыгар 4 сыана турар диэн сурах баар. Бу төһө оруннааҕын туоһуласпыттарыгар, “төгүрүк остуол” кыттыылаахтара маннык түгэҥҥэ оскуола, педагогическай кэлэктиип бэйэтэ быһаарар боломуочуйалааҕын иһитиннэрдилэр.

Апелляция

Апелляцияны икки түгэҥҥэ биэриэххэ сөп: эксээмэн хаамыытын уонна ылбыт баалларын кытта сөпсөспөт буоллахха. Киирбит сайабылыанньаны конфликтнай хамыыһыйа сирийэн көрөр, биир үлэни үс киһи бэрэбиэркэлиир. Былырыыҥҥыттан ыла манна эмиэ кыра уларыйыы киирбит. Ол курдук, үлэни хаттаан бэрэбиэркэлээһин түмүгэр, хамыыһыйа баал сыыһа турбут диэн быһаарыы ыллаҕына, эбиэхтэрин да сөп, көҕүрэтиэхтэрин да сөп эбит. Оччотугар оҕо толорбут үлэтигэр чопчу эрэллээх эрэ буоллаҕына, апелляцияҕа биэрэрэ ордук. “Баҕар баалбын эбиэхтэрэ” диэн саныыр сыыһа толкуйдары киэр илгэр наада.
Сайын устата Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин иһинэн 34000 кэриҥэ үлэ ааһар буоллаҕына, итинтэн 1618-гар апелляция биэрэллэрин иһитиннэрдилэр.

Кэтээн көрүү

Федеральнай кэтээн көрөөччү Андрей Винокуров 4 сылтан бэттэх устудьуоннары эксээмэн ыытыллар пууннарыгар кэтээн көрөөччүнэн кытыннарар буолбуттарын эттэ. “Биһиги эксээмэн ыытыллыытын, конфликтнай хамыыһыйа үлэтин, толоруллубут үлэни бэрийиини кэтээн көрөбүт. Ол иннинэ хас даҕаны түһүмэхтээх үөрэҕи ааһабыт. Холобур, былырыын оҕолор шпаргалканы, төлөпүөнү туһаныыларын булбуппут”, — диэн иһитиннэрдэ.
Эксээмэн туттарар оҕолор шпаргалканы, араас төлөпүөнү туһана сатыыр туһата суоҕун өйдүөх тустаахтар. Оҕо устарын видеокамеранан тута (онлайн) көрбөтөхтөрүнэ, кэлин хаттаан көрүүгэ булаллар. Оччотугар бу оҕо толорбут үлэтэ дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар итиэннэ эксээмэни эһиилги сылга эрэ туттарар кыахтаах.
Хас биирдии эксээмэн ыытыллар пуунун аайы төлөпүөн үлэтин тохтотор тэриллэр (глушитель) бааллар эрээри, оҕолор араас ньыманы туттан эксээмэнтэн үүрүллүүлэрэ бэлиэтэнэр эбит. Ол курдук, ааспыт сылга кэтээн көрөөччүлэр 9 төлөпүөнү, 6 шпаргалканы булбуттар.

Психолог сүбэтэ

Дьокуускай куорат Саха политехническэй лицейин психолога Светлана Павлова үлэбинэн кэтээн көрдөхпүнэ, үксүгэр эксээмэн туттарар оҕолордооҕор төрөппүттэр, учууталлар ордук долгуйаллар диир. Психолог этэринэн, оҕолор бэйэлэрэ кинилэри тулалыыр дьон долгуйбаттарыгар, үөрэхтэн ураты атын тиэмэлэргэ эмиэ сэһэргэһэллэригэр итиэннэ эрэнэллэригэр баҕараллар эбит.
Тус бэйэтэ, оҕону кытта элбэхтэ кэпсэтиҥ, ыйыталаһыҥ, кириитикэлээмэҥ диэн сүбэлиир. Америка биллиилээх психолога олус интэриэһинэй кинигэлээх, онно кини “хайҕабыл бэнсиин кэриэтэ оҕону күөдьүтэр” диэн этэр. Онон түгэн көһүннэ да оҕону хайаан даҕаны хайҕааҥ, ол киниэхэ эрэли үөскэтэр, “күөдьүтэр” диэн этэр.
Саха политехническэй лицей иһинэн номнуо бэһис сылын дьиэ кэргэни консультациялыыр пуун үлэлиирин иһитиннэрдэ. Бу пуун чопчу төрөппүттэр уонна педагогтар долгуйууларын аччатар сыаллаах эбит. Атын оскуолалар бу холобуру туһаныахтарын сөп эбит диэн сэҥээрэ иһиттим.

100 баалга туттарыы

Нуучча тылыгар эксээмэни 100 баалга туттарбыт Дьокуускай куорат 2-с №-дээх национальнай политехническэй оскуолатын бүтэрбит Юлия Решетникова эксээмэҥҥэ бэлэмнэниибин 8-с кылаастан саҕалаабытым диир. Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи араас олимпиадаларга өрүү кыттар, миэстэлэһэр эбит. “Саамай үрдүк баалы ылан бэйэм да соһуйбутум. Тоҕо диэтэххэ, үрдүк баалга туттарыам диэн эрэнэрим эрээри, чопчу 100 баал буоларыгар эрэлим суоҕа”, — диир.
Быйылгыттан 100 баалга туттарбыт оҕолор аахсыйаларыгар кыттыһан, Дьокуускай куоракка, улуустарынан эксээмэн туттараары сылдьар оҕолору, төрөппүттэри кытта көрсүһэллэр, хайдах бэлэмнэнэргэ сүбэлэри биэрэллэр.
Тус бэйэм, муус устар ыйга СӨ Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин төрөппүттэри кытта көрсүһүү тэрийбитигэр сылдьан, олус туһалаах эбит диэн түмүк оҥостубутум. Тэрээһиҥҥэ кэлбит төрөппүт хас биирдии ыйытыытыгар сиһилии хоруйдары ылбыта.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн туһанылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0