Быйыл уопсайа 8837 оҕо биир кэлим эксээмэни туттарбыт эбит буоллаҕына, кинилэртэн 1200 киһи оскуоланы урукку сылларга бүтэрбит ыччат. Көрдөрүү сыллата тупсан иһэр. Ол курдук, холобура, 2015 сыллаахха аттестат ылбатах оҕо 4,8 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит эбит буоллаҕына, быйыл 2,8 бырыһыан оҕо аттестаттан маппыт. Оттон 49 оҕо 100 баалга туттарбыт.
edersaas.ru
Эксээмэн кыраапыга
“Эһиилги, 2018 сыл биир кэлим эксээмэнин кыраапыгын бырайыага тахсыбыта. Кыраапык итинтэн улаханнык уларыйааччыта суох”, — диэн СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһиҥҥэ, тыл бэлиитикэтигэр салаатын салайааччытын солбуйааччы Туйаара Абрамова иһитиннэрэр. Сааскы түһүмэх кулун тутар 22 күнүттэн муус устар 13 күнүгэр диэри барыаҕа. Сүрүн түһүмэх (оскуоланы бүтэрээччи оҕолор туттараллар) ыам ыйын 28 күнүттэн география уонна информатика эксээмэннэриттэн саҕаланыаҕа. Итиэннэ бэс ыйын 28 күнүгэр резервнэй күҥҥэ бүтэһик эксээмэн ыытыллыаҕа. Оттон күһүҥҥү түһүмэх балаҕан ыйын 4-15 күннэригэр былааннанар.
Уларыйыылар
Эһиилги биир кэлим эксээмэн усулуобуйатыгар, сорудахтарыгар улахан уларыйыы киирбэт. Арай, урукку курдук бэлэм хас даҕаны эппиэттэн биирин талан ылыы суох буолуоҕа. Онон урукку сэбиэскэй кэмнээҕи курдук, оҕо бэйэтэ суоттаан, суруйан туттарар эксээмэнигэр майгынныыр.
Омук тыла математика, нуучча тылын курдук булгуччулаах эксээмэннэр кэккэлэригэр 2022 сылтан киириэ диэн этэллэр. Хайаан даҕаны булгуччулаах буолар диэн этэр билиҥҥитэ эрдэ. Ол эрээри, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ манна туһааннаах үлэни ыытар. Омук тылын учууталлара идэлэрин таһымын үрдэтэр куурустары бараллар, оҕолорго биирдиилээн үлэлэр ыытыллаллар. Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, омук тылын эксээмэнин Саха сирин олохтоохторо эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыарырҕаталлар эбит. Үөрэҕи уонна науканы хонтуруоллуур Арассыыйатааҕы федеральнай сулууспа даҕаны сорох субъектар, куораттар бүгүҥҥүтэ бэлэмэ суохтарын ыйар.
Базовай математикаттан сылтаан…
Иллэрээ сылтан саҕалаан, математика эксээмэнэ базовай уонна профильнай таһымнарга арахсар буолбута. Профильнай таһым (арыый уустугурдуллубут) математикалаах үөрэххэ киирэр оҕолортон ирдэнэр. Хас биирдии үрдүк үөрэх кыһата ханнык идэҕэ, хайа эксээмэн ирдэнэрин барытын эрдэттэн саайтыгар сиһилии суруйар. Онно математика эксээмэнэ ирдэнэр буоллаҕына, профильнай таһымнаах математика ирдэнэр диэн өйдүөххэ наада. Оттон базовай таһымнаах математика аттестат ыларга ирдэнэр уонна, холобура, гуманитарнай хайысхалаах (математика ирдэммэт идэлэригэр) үөрэхтэргэ туттарсарга барсар. 11-с кылаас оҕолоро чопчу ханнык эксээмэннэри талбыттарын туһунан сайаапканы олунньу 1 күнүгэр диэри биэрэллэр. Ол эрээри, хомойуох иһин, оскуолаларга профориентационнай үлэ ситэ ыытыллыбатыттан эбитэ дуу, оҕолор эксээмэннэрин талан баран, ыам ыйыгар тиийэ уларытар түгэннэрэ баар.
Онон оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕо ханнык үөрэххэ туттарсыан баҕарарын чопчу быһаарынара уонна онно ханнык эксээмэннэр ирдэнэллэрин билиэн, бэлэмнэниэн наада. Билиҥҥиттэн үөрэх саайтарын үөрэтэрэ ордук. Тоҕо диэтэххэ, базовай таһымнаах эксээмэни туттарбыт оҕо, ити сыл профильнай эксээмэни туттарар бырааба суох.
Бэрэбиэркэлиир үлэ
Улууска, ханна тиийдэҕим аайы, төрөппүттэр: “Быйыл оҕолорбут Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэни туттараллар. Биир кэлим эксээмэнтэн итэҕэһэ суох үһү”, — диэн дьаархана кэпсиир түгэннэрэ үгүс. Биллэн турар, төрөппүттэр олус долгуйаллар. Алын кылааһы бүтэрэр оҕолорго, төрөппүттэргэ “Аччыгый БКЭ” диэн өйдөбүл үөскээбит, ити сыыһа. Бэрэбиэркэлиир үлэ көннөрү сыллааҕы хонтуруолунай үлэҕэ тэҥнээх. Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ киириэҕиттэн, тыһыынчанан оҕо суруйан кэллэ да, биирдэ даҕаны итинтэн сылтаан оҕо кылааһыгар хаалбытын, учуутал дуу, төрөппүт дуу миэрэҕэ тардыллыбытын истэ иликпин. Оскуола, учууталлар инникитин ханна, туохха болҕомто ууруохтарын наадатын ыйар.
Түмүк
Итинтэн сиэттэрэн, кэккэ түмүктэри оҥоруохха сөп. Бастатан туран, оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕо ханнык үөрэххэ туттарсыан баҕарарын эрдэттэн быһаарыныахтаах итиэннэ тустаах үөрэх кыһатын саайтыгар киирэн, ханнык эксээмэннэр ирдэнэллэрин эрдэттэн билсиэхтээх.
Иккиһинэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ – биир кэлим эксээмэн буолбатах. Ол эрээри, улахаҥҥа уурбат эмиэ сыыһа. Кэм оҕо билиитин таһымын көрдөрөр диэн толкуйдаан оҥордохторо.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru