Эксээмэҥҥэ оҕону бэлэмнииргэ төрөппүттэргэ анаан психолог сүбэтэ

Ааптар: 
31.05.2022
Бөлөххө киир:

Биир кэлим эксээмэннэр, сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэннэр (ЕГЭ, ОГЭ) саҕаланнылар. Ханнык баҕарар бэрэбиэркэ оҕоҕо, төрөппүккэ да, үөрэтэр учууталга да долгутуулаах, күүрүүлээх кэм.

edersaas.ru

БКЭ-ни туттарарга оҕо, бастатан туран, бэйэтин билиитигэр тирэҕириэхтээх. Кини бэйэтигэр эрэлэ үөрэх дьылыгар үөрэммититтэн тутулуктаах. Эксээмэн туттарарыгар оҕо долгуйара, санаата түһэрэ, бэйэтин намыһахтык сананара төрөппүттэн быһаччы тутулуктааҕын төрөппүт өйдүөх тустаах. Ол эбэтэр оҕоҕо төрөппүт дьайыыта олус улахан. Оҕоҕо бу тыҥааһыннаах кэмҥэ хайдах өйөбүл буолабыт, тугунан көмөлөһөбүт диэн боппуруос үөскүүр.

Бастатан туран, оҕо дьарыктанарыгар, эксээмэннэригэр бэлэмнэнэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийиллиэхтээх. Ол курдук уруок ааҕар миэстэтин анаан, дьиэ иһинээҕи дьон мэһэйдээбэтин курдук балаһыанньаны олохтуохтааххыт. Психологтар сүбэлэринэн уруок ааҕар хос иһигэр фиолетовай уонна саһархай өҥ элбэх буолуохтаах, ити дьүһүннэр мэйии үлэтин күүһүрдэллэр эбит.

Оҕо хайдах аһыыра улахан оруолу ылар, эрэсиими тутуһуохтаах. Аһыыр рационугар балыгы, иэдьэгэйи, эриэхэни, кураганы элбэхтик сиэтиҥ, ити бородуукталар эмиэ мэйии үлэтигэр элбэх туһалаахтар, көмөлөһөллөр.

Ону таһынан, оҕо түүнүн хайаан да 8 чаастан итэҕэһэ суох утуйуохтаах, эрэсиими тутуһарын, сөпкө утуйарын, турарын хонтуруоллуохтааххыт, ирдиэхтээххит, уутун ханан, сынньанан турарын курдук кыһаллыахтааххыт.

Куруутун оҕоҕо өйөбүл буолан араас ньымалары туттуоххутун сөп:

— оҕо ситиһиилэриттэн дуоһуйууну, астыныыны көрдөрүөххэ наада, холобура, маннык тыллары туттуоххутун сөп: «Тыый, оҕом элбэҕи да ситиспит, маладьыас!»;

— оҕо араас сорудахтары ситиһэригэр сөптөөх ирдэбили оҥоруохтааххыт: «Мин билэбин, эн маны сатаан оҥоруоҥ!», «Кыһалыннаххына, эйиэхэ барыта сатаныа», «Эн маны барытын бэркэ диэн билэҕин!»;

— оҕоҕо болҕомтолоохтук сыһыаннаһан, кууһан, имэрийэн, сыллаан, кинини таптыыргын биллэрэн сылаас, сырдык иэйиилэри иҥэрэ сылдьыахтааххыт.

Билигин оҕолорго сүрдээх улахан сорук турар. Ол  талан ылбыт биридимиэттэринэн БКЭ-ни туттаран, үөрэххэ киирэн үлэһит дьон буолан тахсаллара. Билиҥҥи кэмҥэ идэни талыы сүрдээх сытыытык турар.

Оҕолорбут идэни талалларыгар ханнык психологическай ыарахаттары уонна сыыһалары көрсүөхтэрин сөбүн кыратык сырдатыам:

  • Оҕо кыра эрдэҕинээҕи баҕатын – улааттахпына маннык үлэһит буолуом диэн таларын улаатыар диэри ситэ сайыннарбата;
  • Талбыт үөрэҕэ ханнык үөрэх кыһаларыгар баарын, ханнык биридимиэттэри туттарыахтааҕын чуолкайдык билбэтэ;
  • Төрөппүт сабыдыала, холобур, мин оҕо эрдэҕинээҕи баҕа санаам идэтигэр сатаан үөрэммэтэҕим, онон саатар оҕом үөрэннин, — диэн күүс өттүнэн ол үөрэххэ ыытан үөрэттэриитэ. Ол аата оҕо бэйэтин баҕатынан талан ылбата;
  • Информацияны тастан сөпкө ылбата, сабыдыала. (төрөппүт өттүттэн, биир саастыылаахтарыттан буолуон сөп).

Оскуоланы бүтэрээччиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах: баҕа санаалаах буолуохтаах, үөрэҕэ, идэтэ билиҥҥи олоххо туһалаах, эппиэттэһэр, инникилээх буолуохтаах.

Онон төрөппүттэр оҕолоргут талан ылбыт биридимиэттэригэр кыһаллан, хасыһан бэлэмнэниэхтээхтэрин, үөрэтиэхтээхтэрин ситиһиэхтээххит, ол эбэтэр эбии үөрэхтэргэ сылдьыыларын, үөрэх күнүн көтүппэттэрин хонтуруоллуохтааххыт. Сөптөөх литэрэтиирэнэн, анал матырыйаалынан хааччыйыллыахтаах.

Улахан долгуйууну, айманыыны таһаарыа суохтааххыт. Оҕолоргутугар кыра да долгуйууну биллэриэ суохтааххыт, бэйэлэригэр эрэли үөскэтиэхтээххит. Инники эппитим курдук киһи бэйэтин ис кыаҕын арыйарыгар уонна эксээмэнин ситиһиилээхтик туттарарыгар, бастатан туран, төрөппүтүн өйөбүлэ уонна оҕо бэйэтин ис кыаҕын сатаан таба туһаныыта буолар.

Эксээмэн туттарааччыга сүбэ:

  • Оскуоланы бүтэрээччилэргэ БКЭ-ни туттарыы олох биир саамай бастакы сүүрээнэ буолар. Бу сүүрээҥҥэ эксээмэнинэн эрэ олорбокко, буолуохтааҕын курдук ылыннахха улахан долгуйууга (стресс) тиэрдиэ суохтаах;
  • Эрдэттэн бэйэлэрэ сыал туруорунан ол сыалларын ситиһэргэ дьулуһуохтаахтар;
  • Сыыһыам, алҕаһы оҥоруом диэн куттаныа суохтаахтар;
  • Хас биирдии оскуолаҕа үөрэммит оҕо БКЭ-ни туттарар кыахтаах. БКЭ сорудахтара оскуола үөрэтэр бырагырааматыгар олоҕуран оҥоһуллар. Сөптөөх бэлэмнэниини ааспыт оҕо туттарар сорудахтара.

Эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэргэ сөптөөх сүбэлэр:

  • Оҕо үлэлиэн иннинэ бастаан үчүгэйдик өйүн-санаатын, ис туругун сынньатыахтаах, сааһылыахтаах;
  • Үлэтин оҥоруон иннинэ сорудаҕын болҕомтолоохтук ааҕыахтаах, бириэмэтин сөптөөхтүк туһаныахтаах;
  • Дьарык бириэмэтигэр, ол эбэтэр бэйэтэ бэлэмнэнэр кэмигэр аралдьыйарыттан куттаныа суохтаах: 40-45 мүнүүтэ кэннэ 10-15 мүнүүтэлээх сынньалаҥы тэриниэхтээх. Бу кэмҥэ эрдэ дьарыктана сылдьыбыт дьарыгын быраҕан кэбиһиэ суохтаах (хобби). Өй үлэтин хамсаныы үлэтигэр кубулутуохтаах, бэлэмнэнэр кэмигэр оҕо тэлэбиисэри, төлөпүөнү көрөрүн аҕыйатар ордук. Тэлэбиисэр, төлөпүөн мэйии үлэтигэр эбии ноҕоруусканы эбэллэр;
  • Ыраас ууну иһии – өй-мэйии үлэтигэр туһалаах дииллэр, чэй оннугар уу ордук;
  • Утуйар бириэмэлэрин тутуһуннарыы. Өскөтүн наһаа сылайар буоллахтарына утуйар чаастарын биир чаас уһатан биэриҥ.

Эксээмэҥҥэ хайдах бэлэмнэниэхтэрин сөбүй?

  • Хатылааһын дьарыгын бириэмэтинэн көрөн аттаран биэриэххэ сөп;
  • Биир боппуруоһу 15-20 мүнүүтэ, 8-9 чаас, 24 чаас буола-буола хатылыахтарын сөп, кыралаан сурунан, табылыысса, исхиэмэ оҥостон, билбэт формулаларын көстөр сиргэ ыйаан, кэлэ-бара хатылыы сылдьыахтарын сөп;
  • Хатылааһын үлэтин киэһэ утуйуон 15-20 мүнүүтэ иннинэ уонна сарсыарда уһуктан баран үчүгэйдик болҕойон олорон оҥороро ирдэнэр. Бу дьарык ыарахан сорудахтары таба оҥорорго көмөлөһүө;
  • Дьарыктанар кэмигэр тиэкиһи үчүгэйдик болҕойон ааҕыахтаах. Тыллары уонна этиилэри бэйэтин тылынан саҥаран көрөрө ордук (близко к тексту);
  • Билиилэрин чиҥэтэр хатылааһыннары оҥороругар бастаан биир хонук буола-буола хатылыан сөп, онтон улам бириэмэ арытын кыччатан иһиэн наада;
  • Үлэни чэпчэкиттэн саҕалаан, уустук сорудахтарга көһөрө ордук.

Санаатын көтөҕөр инниттэн эксээмэн буолуон иннинээҕи күн оҕо сөбүлүүр аһын астаан аһатыҥ, сарсыардааҥҥы аһылыкка сакалааты биэриҥ, оскуолаҕа барарыгар чаһыта кэтэрдэн ыытыҥ, бириэмэтин аттарынарыгар наада буолуо. Эксээмэн буолар күнүгэр оҕону мөҕүмэҥ, долгутумаҥ. Үлэ түмүгэ хайдах буолуон сөбүн быһа холоон эрдэттэн кэпсэтэ сылдьыҥ, үрдүк сыананы ирдээмэҥ. Оҕо үлэтин кыра сыанаҕа суруйбут буоллаҕына, улахан айдааны таһаарбакка буола сатааҥ, оҕону буруйдаамаҥ, төттөрүтүн оҕоҕутун уоскутуҥ, санаатын көтөҕөн үөрдэ сатааҥ. Эксээмэнинэн олох бүппэт.

Бу сүбэлэр оҕолор эксээмэннэрин этэҥҥэ туттаран, олохторун биир сүрүн кэрчигин сөпкө туоруулларыгар көмө буолуо. Барыгытыгар ситиһиилэри баҕарабын.

Арина Шишигина Чурапчы улууһун А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатын психолога.

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0