Дьиктилэр: тиит сиэмэтэ уонна лыахтар
1990 с. Майа сэл. күһүн тыаҕа тиит сиэмэтэ киһи ытыһынан баһар гына дэлэйдик түспүтэ, онуоха диэри хас да сыл түспэтэҕэ. Ол түспүт сиэмэттэн хомуйан эдьиийим дьиэтин таһыгар, мастар күлүктэригэр куппута эһиилигэр үнүгэс бөҕө буолан тахсыбыта. Ойуурга эмиэ оннук үнүгэстэр үүммүттэрэ саарбахтаммат. Кырдьык, кэнники биэс-алта сыл иһигэр тыаларга титириктэр иһирик ойуурдары үөскэттилэр.
1998 с. кыһын Арменияҕа сир хамсааһына буолбута. Саха сирэ Арменияттан ыраах эрээри, сир хамсааһына үөскэппит дьигиһийиилэриттэн сылтаан, 1999 с. сайын биһиэхэ төгүрүк уот чаҕылҕан түһэрэ элбээбитэ. Ол чаҕылҕаннар таһаарбыт электромагнитнай долгуннарыттан 2000 с. сайын солкоһут (шелкопряд) лыахтар тиллэн, тыа мутукчатын сиэбиттэрэ. 1997 сылтан Ванесса лыах гусеницалара үөскээннэр, өрүс арыыларын талаҕын күкээриччи сиэбиттэрэ, 2001 с. от лыахтара үөскээбиттэрэ.
Аҕыс уон сыллаах эргиир
Мин 1990-с сс. Ирбэт тоҥ проблемаларын чинчийэр институкка үлэлээбитим. Оччолорго интэриниэт, көмпүүтэр диэн суоҕа. Үөрэтиэхтээх сирбит хаартатын Наукалар Академияларыттан көҥүллэтэн ыларбыт. Миэхэ түбэспит хаарта “1947 сыллааҕы” диэн суруктааҕа, алаас аайы күөл, олор аттыларыгар сайылыктар, пиэрмэлэр ойууламмыттар этэ. 1990-с сс. ол күөллэр төрүт суохтара. Ити кэмҥэ илин эҥээр улуустарга Өлүөнэттэн уу ситимэ тардыллара. Мин турба сотору туһата суох буолуо, алаастар бэйэлэрэ ууланыахтара диирбин ким да истибэтэҕэ. Солкоһут лыах тыаны сиэбитин кэннэ, улахан ириэһин кэлбитэ, угут дьыллар балаһалара саҕаламмыта. Ирбэт тоҥ мууһа ирэн, ардах-хаар кэмэ суох түһэр буолбута, үрүйэлэр, үрэхтэр уһуктан халыһыйа сүүрбүттэрэ.
Айылҕаҕа 80 сыллаах эргиир диэн баар. Хас 80 сыл аайы солкоһут лыах тахсан, тыа мутукчатын сиир. Бу сыллар тухары көтөҕө көпсөҥнүү сылдьар буолуор диэри мунньуллар, оттон уу-хаар сытыттаҕына уонна күн күүһэ улаатан, сир температурата үрдээтэҕинэ, сытыйыыта күүһүрэр. Дьэ оччоҕуна саҥа тахсан эрэр иһирик ойуур харса суох үүнэн барар.
Дьылдьыт дьон этэллэринэн, Саҥа дьылга диэри түспүт хаар көмүрүө буолан уу биэрэр, тохсунньуттан түспүт хаар сааскы тыалга көтөр. 1997 с. Саҥа дьылга диэри дуона суох хаар түспүтэ, ол эрээри саас муус устар бүтүөр диэри тымныйбыта. Итиэннэ үрэх, өрүс мууһа харан, сир-дойду ууга барбыта. Ирбэт тоҥ сыыйа ирэн хойукка диэри сири угуттаабыта, кытылга тахсыбыт былыык уоҕурдуу буолан, от-мас хамсыы-хамсыы үүммүтэ. Ардах сайынын суоҕун кэриэтэ этэ да буоллар, от маска эрэ үүммэтэҕэ. Уу кэлиэн иннинээҕи күһүн, ол эбэтэр 1997 с., тиит көтөҕөтө түспэтэҕэ, аһыҥа сүппүтэ. 1998 с. көтөҕө эмиэ түспэтэҕэ. Угут дьыллар балаһалара ити курдук саҕаламмыта. Өр сылларга кууран турбут сир-дойду нүөлсүйбүтүнэн барбыта. Бастаан бурдуктуҥу от элбээн кутуйах, чыычаах үксээбитэ, сыыйа лыахтар сибэккилэээх үүнээйилэри буоһатаннар, киһи хараҕын үөрдэр үүнээйи бөҕөтө үүммүтэ, дэгиэ тыҥырахтаах көтөр элбээбитэ. Сииктээх сири таптаан үөскүүр тэллэйдэр сир аннынан тэнийэн, сардаана сибэккигэ, луук эгэлгэ көрүҥнэригэр, хатыҥнар силистэригэр эриллэн эбии аһылык булан биэрээччи буолбуттара. Онон боб астаах үүнээйилэр (күрүөн күрдьүгэһэ, клевер, астрага, донник, сардаа от, чылыгырыар) кэмэ суох үүнэр буолбуттара.
Сир азотун хомуйан силистэригэр мунньар боб астаах үүнээйилэр аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймыыр кыахтаахтар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр мунньар азоттара — гаас. Ол гаас тыал көмөтүнэн тулалыыр эйгэҕэ уоҕурдуу буолар. Ол иһин биһиэхэ унньуула от кэнники сылларга хойуутук көстөр, хомус, манчаары элбээтэ, үкэр, сөкү туһунан киһи этэ да барбат. Азот байытара итинэн эрэ муҥурдаммата, акыйааҥҥа киирэн планктону (балык аһын) элбэттэ, ол түмүгэр Охотскай муораттан сельдь балык эргийэн кэллэ, атын да балыктар, муора кыыллара үксээтилэр. Оннооҕор манна устрицалары, крабтары көрөбүт. Планктон кэҕиннэҕинэ, муора түгэҕэр түһэн дьапталҕаны үөскэтэр уонна кэмэ кэллэҕинэ, эстэн доргуйууну үөскэтэриттэн сылтаан цунами үөскүүр, түмүгэр булкааннар уһукталлар диэн килиимэти чинчийээччилэр этэллэр.
Айылҕаҕа араас сыллаах эргиирдэр бааллар: сүүрбэ сыллаах, түөрт уон сыллаах… алта тыһыынчалаах. Хас алта тыһыынча сыл аайы муус үйэ кэлэр эбит. Ол алта тыһыынча сыллаах эргиир бу кэлбит. Баҕар, аҕыйах сүүс сыл син олоро түһүөхпүтүн бэйэбит билиибит тиийбэтиттэн уонна харчыга хараҥаран күн сарсын да муус үйэни аҕалаары олоробут.
Саха сирин ирбэт тоҥо Сир ийэни барытын тутан турар. Ирбэт тоҥ ирдэҕинэ, муора таһыма үрдээн, сир-дойду ууга барар, хайалар сууллаллар…
Угут дьыллар түмүктэнэн эрэллэр, ол бэлиэтинэн адьырҕа кыыл (бөрө, эһэ) элбээбитэ буолар. Айылҕа бу угут дьылларга эдэримсийдэ. Тыалар саҥа маһынан суугунастылар, кырдьаҕас мастар солкоһут сиэһиниттэн, ардахтан, ирбэт тоҥ ириититтэн силистэрэ сытыйан өллүлэр, үрүйэлэр сүүрдүбүт, от үрэхтэр киллэрбит сирдэригэр хатыҥ, талах тыалар силистэринэн тыыналлара суох буолан хаттылар, ордубут тыаны уот салаата, саҥа үүнэр үнүгэстэргэ күн уотун аһан биэрдэ. Оо, айылҕа барахсан оҥоруон баҕардаҕына оҥорор, эдэрсийиэн баҕардаҕына эдэрсийэр!
Түмүк оннугар
Тыабытын кэртэхпитинэ, өрүстэрбитигэр азоттаах химическэй эттик собуоттарын туттахпытына, уһаабаппыт. Муора таһымыттан баара суоҕа сүүстэн тахса миэтэрэ үрдүккэ олоробут. Урукку өттүгэр аан дойду үс мууһуруу кэмин ааспыта. Ол аайы сүүстэн тахса миэтэрэ үрдүктээх бааллар кытылы үрдүнэн таһыйан, сири-сибиири ылан, Улуу ууга барыыны, тимириини аҕалбыттара араас омуктар үһүйээннэригэр ахтыллар. Ууга барыыга индиялар төрүт эстиэхтэрин Гималай хайаларыттан дьон түһэн уонна Греция диэкиттэн дьон кэлэн элбээбиттэрэ суруллар. Норвегия, Финляндия эргин хайалаах эрэ сирдэргэ дьон ордубут, Орто Азия үгүс өттө суох буолбут. Ол кэмнэргэ Хотугу муустаах муора түлүөнэ Байкал күөлгэ тиийэн ньиэрпэ аатырбыт. Уу соһуччу кэлбитэ саарбаҕа суох. Киин Саха сирин намтал сирэ диэн ааттаммыт хотоолго Уус Таатта аттыгар улахан уу мааманнары илдьэн симпит. Амма, Алдан, Өлүөнэ кытылын устун таас чох көстөрө папоротник мастар хааламмыттарын көрдөрөр.
Алта тыһыынчалаах эргиир чугаһаабыта толкуйдатар. Салайааччылар, маһынан эргинэр дьон, баҕар, бу суруллубукка болҕомтолорун ууран, ирбэт тоҥ сиргэ үүнэр тыаны харыстаан, маанылаах айылҕабытын киртиппэккэ киһи-аймах цивилизациятын эстэр суолтан тэйитиэхтэрэ.
Раиса ВИНОКУРОВА, биолог, суруйааччы, суруналыыс. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru. сайтка анаан.