Экологияҕа сыһыаннаах тарҕаммыт чахчылар

Ааптар: 
05.06.2020
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 5 күнэ – Аан дойдуга тулалыыр эйгэни харыстааһын күнэ. Арассыыйаҕа бу күн 2007 сылтан Эколог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көҕүлээһининэн, үгэс быһыытынан мас олордооһунунан бэлиэтэнэр этэ.

Быйыл бу күн «Кыайыы саада» диэн ааттаах аахсыйа ыытыллыахтаах этэ эрээри, коронавирус эпидемиятыттан сылтаан күһүҥҥэ диэри көһөрүлүннэ. Онон Экология күнүгэр сыһыаннаах тэрээһиннэр барыта онлайн эрэсииминэн ыытыллыахтара. СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистир Сахамин Афанасьев этэринэн, онлайн тэрээһин иһигэр билиини-көрүүнү тургутар викториналар ыытыллыахтара.

Экология эйгэтигэр билигин даҕаны элбэх булкуурдаах, анал билиитэ суох киһини соһутар чахчылар бааллар. Edersaas.ru саайт биэс ордук буортулаах булкуур туһунан санатыан баҕарар.

1. Кумааҕы ыстакаан пластик ыстакааннааҕар ордук.

Кэнники биир-икки сыл иһигэр Дьокуускай куоракка аан дойду биир биллэр адьыната сайынна — хааман иһэн кумааҕы ыстакааннаах кофены атыылаһааһын. Сып-сап, сылаас утаҕы атыылаһан, хааман иһэн күүс-уох эбинэри дьон астына ылынна.

Бу атыыланар кофе кумааҕы иһиккэ атыыланар, арай санаатахха, пластиктан оҥоһуллубут ыстакаантан эколгияҕа быдан туһалаах курдук. Ол эрэн, маннык ыстакаан сиигирэн алдьамматын курдук иһиттэн чараас полиэтилен араҥалаах. Онтукатын сатаан араарар олус уустук, ол иһин итинник ыстакаан кыайан переработкаламмат матырыйаалларга киирсэр.

Экологтар ааҕан таһаарбыттарынан, биир мастан 2,5 тыһыынча итинник ыстакаан оҥоһуллар. Күн аайы мөлүйүөнүнэн киһи кофе иһэрин аахтахха, тулалыыр эйэгэҕэ сөҕүмэр сүтүк тахсара көстөн кэлэр.

Онон, итинник ыстакааннаах кофены атыылаһар оннугар элбэхтэ туһаныллар тиэрмэс-куруусканы эбэтэр анал тамблеры атыыласпыт ордук. Үгүс кофейнялар бэйэ иһитигэр утаҕы кутан биэрэри утарбаттар.

2. Кумааҕы бакыат пластиктааҕар ордук

Пластиктан оҥоһуллубут бакыаттар уонунан сыллар устата сүппэккэ сыталларын туһунан дьон диэн билэр. Уончака эрэ мүнүүтэ туһаныллан баран бөххө быраҕыллар мал экологияҕа улахан хоромньуну таһаарар. Ол эрэн, кумааҕы бакыаты оҥорорго олус элбэх мас, уу уонна энергия туһаныллар. Биир кумааҕы бакыаты оҥорорго, хас даҕаны пластик бакыат оҥоһулларыгар баранар матырыйаал туһаныллар. Онон кумааҕы төһө даҕаны түргэнник үрэллэрин иһин, тулалыыр эйгэҕэ оҥорор хоромньунута эмиэ улахан.

Оччоҕуна хайдах буолабыт, пластик бакыаттары туһанабыт дуо? Суох, ордук туһалаах быһаарыынан элбэхтэ туттар таҥас суумканы, саппыйаны илдьэ сылдьыы буолар. Таҥастан тигиллибит шоппер саппыйалар, умнуллууга барбыт авоськалар (сетка курдук быаттан өрүллүбүт суумкалар), биирдэ туттуллар бакыаттардааҕар айылҕаны харыстааһыҥҥа ордук туһалаах буолуохтара.

3. Люминесцентай лаампалар судургу лаампатааҕар ордуктар

Энергияны харыстыыр лаампалар билигин сокуон быһыытынан ордук туһалааҕынан биллэриллибиттэрэ. Кырдьык, итинник лаампалар 80% тиийэ уоту кэмчилиир буолан, экологияҕа улахан туһаны аҕалаллар. Ол эрэн, бу лаампалар биир олус куһаҕан өрүттээхтэр — уустук оҥоһуулаах буолан, ртуть, фосфор курдук доруобуйаҕа буортулаахх эттиктэри айылҕаҕа таһаарыахтарын сөп. Бу лаампалары бөххө быраҕар сатаммат, туспа хомуллан анал собуоттарга төттөрү туһаҕа тахсар гына туһаныллыахтаахтар. Хомойуох иһин, анал тутар пууннар биһиги дойдубутугар билигин даҕаны олус аҕыйахтар. Ол эрэн, кэнники кэмҥэ бу хайысхаҕа хамсаныылар баран эрэллэр. Биһиги куораппытыгар сорох маҕаһыыннар люминесцентай лаампалары утилизацияҕа туталлар.

4. Синтетика таҥас айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһуллубут таҥастан ордуктар

Дьиҥэр, солко, хлопок уонна да атын айылҕа матырыйааллара, кырдьык, олус элбэх ресурсаны эрэйэллэр. Ордук элбэх иһэр уу баранар. Онон сороҕор ньиэп, химия көмөтүнэн оҥоһуллубут таҥас айылҕаҕа оҥорор хоромньута кыра соҕус курдук көстөр. Ол эрэн, синтетика таҥас олус чэпчэки сыаналаах буолан, аҕыйахта кэтиллэн баран быраҕыллар үгэстээх. Оттон араас нейлон, вискоза, капрон таҥастар үрэллибэт түгэннэригэр айылҕаҕа элбэх куһаҕан эттиги таһаараллар. Биир оннук эттигинэн микропластик буолар. Киһи хараҕар көстүбэт бытархай пластик билигин аан дойду үрдүнэн тарҕанар уонна кыылга, балыкка үөскүүрүгэр мэһэй буолар. Учуонайдар этэллэринэн, тутуллубут балык 73% куртаҕар итинник микропластик көстүбүт. Аны синтетика таҥас умайарыгар дьааттаах гаастар үөскүүллэр.

Онон, айылҕа харыстабылын өттүттэн көрдөххө, үс-түөрт чэпчэки сыаналаах синтетика таҥас оннугар биир айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуллубут таҥаһы ылан өр туһаныы, быдан көдьүүстээх.

5. «Мин экология хамсааһыныгар көмөлөһөр кыаҕым суох» өйдөбүл

Экологияҕа көмө аҥардас харчы сиэртибэлээһининэн эбэтэр аахсыйаларга кыттааһынынан эрэ муҥурдаммат. Айылҕаны харыстыыр киһи, бэйэтин олоҕор судургу быраабылары тутуһан кыра кылаатын киллэриэн сөп. Биирдэ эрэ туһаныллар маллары атыылаһартан туттунуу, дьиэ иһигэр уотунан үлэлиир прибордары арааара сылдьыы, ууну харыстаан туһаныы, туһата суох маллары атыылаһартан туттунуу — бу барыта экологияҕа көмө буолар. Уонна, биллэн турар, айылҕаҕа сынньана тахсан баран, бөххүтүн хомуйан аҕалыахтааххыт. Ону таһынан, атын дьон киртиппит сирдэрин аттынан аааспакка хомуйа сырыттахпытына, тулалыыр эйгэбит арыый үчүгэй туруктаах буолуо этэ.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0