Ноҕуруускалара улахан буолан, ойуур баһаардарын утары охсуһарга туттуллар тиэхиньикэ түргэнник эргэрэрэ өйдөнөр.
edersaas.ru.
Киэҥ сирдээх-уоттаах буолан, сайыҥҥы өттүгэр элбэх баһаар турар эрэгийиэннэригэр, Красноярскай кыраайга уонна Иркутскай уобаласка курдук, Саха сиригэр баһаарынай тиэхиньикэ 70 %-а эргэ биитэр хаарбах туруктаах. Ону саҥардан иһэргэ өрөспүүбүлүкэ салалтата федеральнай киини кытары күүскэ үлэлиир. Ол түмүгэр, быйыл саас “Экология” национальнай бырайыак чэрчитинэн, 85 мөлүйүөн солкуобай көрүллэн, 28 араас баһаарынай тиэхиньикэ, ол иһигэр бульдозердар уонна траллар, аҕалыллыбыттара. Итиэннэ ойуур баһаардара күүскэ турбут сирдэригэр илдьиллэн, уоту уодьуганнааһыҥҥа көдьүүстээхтик туһанылла сылдьаллар. Соторутааҕыта эбии үп көрүллэр буолла.
— Биһиги өрөспүүбүлүкэбит ойуур баһаардарын утары охсуһарга федеральнай бүддьүөттэн 68 мөлүйүөн солкуобайы эбии ылыаҕа, — диир Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Алексей Агеев. — Бу харчы “Экология” национальнай бырайыак иһинэн көрүллэр. Онон билигин ойуур хаһаайыстыбатыгар, итиэннэ баһаары умуруорарга ханнык уонна төһө тиэхиньикэ, тэрил наадатын быһаара, испииһэк оҥоро сылдьабыт. Сүрүннээн “ДТ-75” мааркалаах тиһиликтээх тыраахтардар, “МТ-ЛБ” мааркалаах тиһиликтээх вездеходтар, “МТ3-82” мааркалаах көлөһөлөөх тыраахтардар тиийбэттэр.
Национальнай бырайыак биир сүрүн хайысхатынан баай хара тыа харыстабыла буолар. Өскөтүн 2018 сыллаахха Арассыыйа үрдүнэн кэрдиллибит уонна “өлбүт” ойуур 60 %-а чөлүгэр түһэриллибит буоллаҕына, 2024 сыл бүтүүтүгэр бу көрдөрүүнү 100 %-ҥа тиэрдэр сыал-сорук турар. Чөлүгэр түһэриллэр ойуур иэнэ 1,55 мөлүйүөн гектарга тиэрдиллиэхтээх. Онуоха ойуур баһаардарыттан тахсар хоромньу үс төгүл: 32,5 миллиард солкуобайтан 12,5 миллиардка диэри аччатыллыахтаах.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru