СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистир Сахамин Афанасьев быһа биэриигэ араас хабааннаах ыйытыыларга хоруйдары биэрдэ.
Олортон биирдэстэринэн, бэс ыйын 5 күнүгэр бэлиэтэнэр Эколог күнүн туһунан ыйытыы буолла.
— Эколог күнүгэр мас олордуутун, миитиннэри, көрсүһүүлэри уонна да атын араас аахсыйалары тэрийэр үгэстээх этибит. Ол гынан баран, быйыл коронавирус дьаҥа турбутунан, тэрээһиннэр барыта онлайн эрэсииминэн ыытыллыахтара. Онно баар буолуохтара билиини-көрүүнү тургутар викториналар, араас аахсыйалар. Онон сэргээбиттэр, сэҥээрбиттэр бары кыттаргытыгар ыҥырабыт.
Быйыл «Кыайыы саада» диэн бырайыакпыт олоххо киириэҕэ. Ити бырайыак күһүн ыытыллара былааннанар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1