«Экипаж» киинэ спецэффектэрин оҥорбут Трофим

06.03.2017
Бөлөххө киир:

“Дууһаҥ тугу сөбүлүүрүн идэ оҥоһуннаххына олоххор биир да күнү үлэлиэҥ суоҕа”                                                                               

                                                                                                                  Конфуций

[vc_separator color=»black» border_width=»2″]Хас биирдии киһи сынньалаҥ, иллэҥ кэмигэр сааһыттан тутулуга суох  араас спецэффектаах киинэлэри, мультиктары көрөрүн сөбүлүүрэ буолуо. Саха уола Трофим Романов идэтинэн Москваҕа биллэр Russian Film Group диэн компанияҕа  киинэлэр, сериаллар, араас хабааннаах устуулар спецэффектэрин, компьютернай графикаларын оҥорон таһаарар үлэлээх. Кини бары даҕаны көрбүт “Экипаж”, “Метро”, “Вий. Темный мир”, “Белые ночи почтальона”, “О любви”, “Крым”, “Айыы уола”, “Мой убийца” (“Сайсары күөлгэ түбэлтэ”), тахсаары турар “Вий 2. Путешествие в Китай”, о.д.а. киинэлэрбитигэр үлэлэрин көрүөххэ сөп. “Pepsi Сo”, “Dior”, “Abbot” (Аан дойдуга эми оҥорон таһаарар), “Disney”, “BBDO”, 1 ханаал, Россия 1, 2х2, СТС, ТНТ о.д.а. – брендэлэргэ спецэффект өҥөтүн оҥорор .

 

Идэбин талыым 

Мин бу идэни талыым бэрт кыраттан саҕаламмыта. Оҕо эрдэхпиттэн элбэх араас куруһуоктарга сылдьар этим: пианино, маһы уотунан сиэтэн хартыыналары оҥоруу, араас прибордарынан салайыллар көтөр ааллары тутуу уонна да атын элбэх. Олохпор сирдьиппинэн “Ситиспиккинэн муҥурданыма, үөрэн, үөрэн уонна өссө биирдэ үөрэн ” диэн тыллар буолаллар. Хас күн аайы эн туох эрэ саҥаны билэ, сайда сатыыбын. Киһи олоҕун тухары үөрэниэхтээх.

20 сөкүүндэлээх мультик

Оттон билигин санаатахха, мин бу идэбин бэйэм да билбэппинэн кыра сылдьан талбыт эбиппин. 10 саастаахпар мультиктары хайдах оҥоруохха сөбүн туһунан сурунаалга булан аахпыппын өйдүүбүн. Онтон саҕалаан интэриэс үөскээбитэ. Бу хайысхаҕа киирэн барбытым. Сотору соҕус буолаат убайбыттан камера уларсаммын бастакы “мультикпын” уһулбутум. Ити барыта видиктар, кассеталар, эмэһэлээх күөх экраннар баар бириэмэлэригэр этэ, ол иһин монтаж эҥин диэн наһаа сайда илигэ.  Мин оҕо сааспар пластилинтан оҥоһуллубут мультиктар кэмнэрэ этэ диэххэ сөп. Түүннэри олороммун хас биирдии түгэни илиибинэн хамсатан уһуларым. Наһаа үлэлээх этэ. Ол биир түүннээҕи сырам сүүрбэ сөкүүндэлээх “мультик” буолааччы. Туох барыта кыраттан саҕаланар.

Бастакы видеокамера

9 кылааска сылдьан сайынын скважинаҕа уу кутааччынан үлэлээммин бэйэм бастакы хамнаспынан олохпор бастакы видеокамерабын атыыласпытым, үөрүүм муҥура суох этэ. Итинтэн саҕалаан оскуоланы бүтэриэхпэр дылы алта тэттик киинэлэри уһулбутум. Араас куорат иһинээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ куонкурустарыгар бастыҥнар кэккэлэриттэн түспэт этим. Устууларбын аан дойду таһымыгар боруобалаан көрөөру 2006 сыллаахха “Мин оҕонньотторум” диэн киинэбинэн «Fish eye» диэн аан дойдутааҕы киинэ фестивальыгар кыттан дьүүллүүр сүбэ анал бирииһин кыайаммын үөрүүбүттэн көтүөхпүн кынатым эрэ суоҕа.

Миниистир бэлиэтээбитэ

4 сыл кэнниттэн бүтүн Арассыыйатааҕы “Арассыыйа дьиэ кэргэнэ” диэн тэттик киинэлэр фестивальларыгар “Күүтүү” диэн үлэбинэн “Олох – Таҥара бэлэҕэ” номинация кыайыылааҕынан буолбутум уонна Арассыыйа култууратын миниистириттэн бочуоттаах грамота туппутум – бу «үлэ бэтэрээнигэр» тэҥнээх наҕараада буолар. 

“Геолог идэтигэр түөрт сыл үөрэммитим”

Мин Дьокуускай куорат 2-с №-дээх, ол эбэтэр Национальнай политехническэй орто оскуоланы 2006 сыллаахха бүтэрэммин салгыы Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университекка 4 сыл геолог идэтигэр үөрэммитим. Ол саҕана миигин араас экспедициялар, элбэх арыйыылар көстүбэт күүһүнэн абылыыллара, интэриэспин тардаллара. Ол эрээри кэлин дьиҥ сөбүлүүр дьарыгым ис-испиттэн анньыалаан, геологяны “миэнэ буолбатах эбит” диэн өйдөөбүтүм. Санкт – Петербургтааҕы киинэ уонна телевидение университетыгар аудиовизуальнай техника факультетын киинэ уонна телевидение системаларын прибордарын инженеригэр үөрэнэ киирбитим. Билигин дипломмунан Москва куоракка үлэлии-хамсыы сылдьабын.

“Киинэ эффектэрэ — схема”

Элбэх киһи киинэ эффектэрин оҥоруу хаартыскаҕа уруһуйдуур курдук саныыр — фотошоптааһын эҥин. Ол гынан баран, ис дьиҥэр оннук буолбатах. Уһулууну чочуйуу олус уустук, манна тулуурдаах, дьыалаҕар бэриниилээх, кытаанах ньиэрбэлээх буоллаххына сатанар. Мин идэм программист үлэтигэр майгынныыр: барыта суот-учуот, схема үрдүгэр схема, араас формулалар, оттон түмүгэр биһиги күөх экраҥҥа дьикти кэрэ, сороҕор олоххо суох көстүүлэри көрөбүт. Бу барыта дьон маны көрөн дуоһуйарыгар, сынньанарыгар, киинэ, реклама, ролик о.д.а. үлэлэр ааптардара көрүүлэрин үүт-үкчүтүк тириэрдии туһуттан оҥоһуллар.

Үлэни кэмигэр ирдииллэр

Бу идэҕэ бэриллибит сорудаҕы кэмигэр туттарар бастакы миэстэҕэ турар. Туох да буолтун иһин эн үлэҕин бириэмэтигэр туттарыахтааххын. Киһи эппиэтинэстээх, түргэн туттуулаах-хаптыылаах буоларга үөрэнэр. Ити кэнниттэн эйигиттэн үөһээ турар киһи үлэҕин көрөн баран салгыы ыытар, бүтэһигэр бу барыта режиссер, ааптар дьүүллэригэр тиийэр, ол эрэ кэнниттэн үлэҥ түмүгэ биллэр.

Хас сорудах ахсын араас ирдэбиллэри биэрэллэр, бу маны оҥороргор эн наһаа элбэх уопуту, билиини ылаҕын. Холобур, мин улахан эйгэҕэ биллэр, ааттаах-суоллаах режиссердары Тимур Бекмамбетовы, Андрей, Егор Кончаловскайдары, Владимир Бортконы, Алексей Пимановы уо.д.а. кытта бииргэ үлэлэспиппиттэн киэн туттабын. Кинилэр бары тус-туспа көрүүлээхтэрэ, санаалаахтара, буочардаахтара эйиэхэ саҥаны арыйар. “Экипаж”, “Метро”, “Вий. Темный мир” о.д.а. дойдубут саҥа киинэлэрин көрбүккүт буолуо. Онно көстүүлэрэ барыта элбэх дьаныардаах үлэттэн тахсыбыттара, сорохторо хас да сыллаах үлэлэр.

Киинэ албына

Үгүс дьон киинэҕэ уһуллар артыыстар дьиҥнээх куорат көстүүтүгэр, көтөр аал иһигэр – ол эбэтэр кэнники фоҥҥа тураллар дии саныыллар. Оттон дьиҥинэн, ити барыта инженердэр үлэбит. Студияҕа, павильоҥҥа уһуллубут видеолары уруһуйдаан, тупсаран биэрэбит. Онно кыра, бытархай көстүүлэр эмиэ киирэллэр. Холобур, ууга уһуллар сыанаҕа артыыс таҥаһын иһинэн анаан тоҥмот көстүүмү кэтэ сылдьар буолар, онтукатын көстүбэт оҥоруу биһиги эбээһинэспитигэр киирэр. Онон, улахан куорат көстүүлэриттэн саҕалаан ырбаахыга-маайкаҕа тиийэ уруһуйдуубут.

Карьера кирилиэһэ

Дуоһунаспыт төһө билиилээххиттэн уонна сатабыллааххыттан тутулуктаах. Холобур,1-2 сыл үлэлээтэххинэ — саҕалааччы, 3-6 сыл — худуоһунньук, 6-10 сыл — сүрүн худуоһунньук, 10 сыл – отдел салайааччыта, 10-тан элбэх сыл – спецэффектэргэ салайааччы…“Мин үлэлээбэппин, мин — дуоһуйа сынньанабын”

Кыра эрдэхпиттэн киинэ көрөрбүн туохтааҕар да ордоробун. Ол иһин да буолуо, күн аайы үлэбэр бырааһынньыкка барар курдук сылдьабын. Сорох доҕотторум: “Эн бу хас күн аайы киинэ оҥороргуттан, көрөргүттэн сылайбаккын, хал буолбаккын дуо?” — дииллэр. Суох буоллаҕа дии, мин иллэҥ кэммэр саҥа киинэ таҕыстаҕына үөрэ-көтө киинэ театрыгар барабын. Ол эрээри ити урут, видеоларга спецэффектэри хайдах оҥорору билбэт эрдэхпинэ. Билигин номнуо сатабылларын сыаналыы, көрө барабын. Билигин, холобур, ханнык баҕарар киинэни көрөн бараммын “Бу манан оҥоһуу баар” — диэн чопчу этиэхпин сөп. Гынан баран сороҕор төбөнү араара түһэр үчүгэй, киинэ устатын тухары “маннык, итинник оҥорбуттар,” — дии олордохпуна киинэни бэйэтин көтүтэн кэбиһиэхпин сөп. Онон, үлэни уонна ол кэннинээҕи бириэмэни араарар ордук. Конфуций “Дууһаҥ тугу сөбүлүүрүн идэ оҥоһуннаххына олоххор биир да күнү үлэлиэҥ суоҕа” диэн этиитин кытта сөбүлэһэбин. Киһи астынар дьарыгынан үлүһүйүөхтээх. Бу саамай сөптөөх этии.

“Киинэ спецэффектэрин оҥорор идэни баһылыан баҕалаахтарга”

“Иккистээн күн сиригэр кэлэриҥ буоллар туох идэлээх киһи буолуоҥ этэ?” – диэн ыйытыгы барыбытыгар да биэрбиттэрэ буолуо. Оттон мин итиннэ “син биир сөбүлүүр дьарыкпын талыам этэ,”-эрэ диэн хоруйу биэрэбин. Быһаарыныыбын кэмсиммэппин. Онтон киинэ спецэффектэрин оҥорор идэлээх буолуон баҕалаахтарга сүбэлиэм этэ: хаһан баҕарар үөрэнэр хойут буолбатах. Онон, сөбүлээн оҥорор дьарыккытын өйдөөн көрүҥ, баҕар, чугас баара буолуо.

Чэлгийээнэ Бахсырова

[vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=RQ2ga2syvi8&feature=youtu.be» title=»ВИДЕО»]

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0