Экэниэмикэни уонна олохтоохтору өйүүргэ барыта 14 миллиарды көрдүлэр
Арҕааҥы дойдулар биллэрбит хааччахтарын кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэтин өйүүргэ бастакы түһүмэх миэрэнэн барыта 14 миллиард солкуобай көрүлүннэ.
Аһынан-үөлүнэн хааччыйыы, урбааны өйөөһүн
Сүрүн табаарынан нэһилиэнньэни хааччыйыыга «Якутоптторг» нөҥүө 408 мөл солк былааннанна.
Оччугуй уонна орто биисинэскэ кирэдиит быһыытынан 819 мөл. биэриэхтэрэ. Бу иэһинэн урбаанньыттар табаары атыылаһан, саппаастарын хаҥатыахтаахтар. Нолуокка эмиэ кэккэ чэпчэтии көрүлүннэ.
Тыа хаһаайыстыбата
Быйыл сааскы ыһыыга 88,7 мөл хортуопуйу уонна уоҕурдууну ыларга эбии көрдүлэр. Килиэп-буулка сыаната үрдээбэтин туһугар ороскуоту толуйалларыгар 114 мөл солк былааннанна. 358 млн солк сибиинньэ уонна көтөр комбикорматыгар ыытыахтара. Түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга, ыал экэниэмикэтигэр ФАПК «Туймаада» нөҥүө 600 мөл былааннанна.
Нэһилиэнньэ дохуоттаах буолуута
Муус устар 1 күнүттэн бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа 6,4% үрдээтэ.
72 мөлүйүөнүнэн аҕыйах дохуоттаах ыалларга уонна соҕотоҕун олорор кыаммат дьоҥҥо көмө элбээтэ. Социальнай хантараак ИП-ларга 300 тыһ. буолла, кэтэх хаһаайыстыбаҕа — 250 тыһ. тиийдэ.
8 сааһыттан 16-татыгар диэри оҕоҕо көмө быһыытынан 412 мөл. бэриллиэҕэ. Көмөнү 40 тыһ тахса оҕо ылыаҕа. Суумата 9 729 солк — 23 229 солк халбаҥныыр.
Авиация
Салгын тырааныспарын тутаах тэрилтэлэригэр 600 мөл. солк биэриэхтэрэ. Бу харчы сөмөлүөттэр көтөллөрүн хааччыйарга уонна лизинг төлөбүрүн субсидия быһыытынан барар.
Бырамыысалыннас
Тастан киирэр табаары солбуйарга 100 мөлүйүөнүнэн анал пуонда харчытын улаатыннарбыттар.
Тутуу
Бу хайысхаҕа барыта 2,243 млрд солк. барыахтаах. Тимир-бетон оҥоһуктарын собуота үлэҕэ киириэҕэ.
Айти
Айти хампаанньалары өйүүргэ уонна үлэһит миэстэтин хааччыйалларыгар 353 мөл. көрүллүбүтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан