Өйдүүгүөт, Нерюнгри шахтердара кэлэн, Ленин болуоссатыгар, ДП-1 иннигэр сөһүргэстээн олорон, каскаларынан таас билиитэни тиҥиргэччи тоҥсуйар тыастара ыраахха диэри иһиллибитин?.. Биитэр, тыйаатыр оркестра эмиэ бу киин болуоссаппытыгар бохоруоннай маршы оонньообутун?… Клепечин болуоссакка балаакканан олорбутун?..
Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, дьон үлэлиир – оттон хамнас суох! Оннооҕор оҕо босуобуйата кэлбэт! Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн балаһыанньа олус уустук этэ. Дойдуга cтабильность суоҕа. Оннооҕор биһиэхэ, Сахалинтан этэ дуу, Валентин Федоров диэн хоһоон суруйар киһи кэлэн, бырабыыталыстыбабытын салайа сылдьыбыта, хата, сотору уурайан барбыта… Оччолорго биһиги Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев иккис болдьоҕор үлэлии олороро. Оттон Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлинэн Василий Власов анаммыта.
Дьэ, итинник уустук, ол гынан баран, туох да диэбит иһин, интэриэһинэй кэмнэргэ, 1998 сыл сааһыгар, кулун тутарга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан Екатерина Сидоровна Васильева ананар. Киниэхэ, үгэс курдук, биир саамай уустук — социокултуурунай эйгэ иһин эппиэтинэс сүктэриллэр.
Комсорг Катя — тутар этэрээт байыаһа
Тыа оҕотун сиэринэн, от-мас, муус үлэтэ буоллун – тугу да көрөн турбат Катя үлэҕэ сыстаҕас буола улааппыта. Олох оскуолата оннук этэ. Мүрүгэ үөрэнэ сылдьан, оскуола комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ. Учууталларын олус истиҥник ахтар. Үчүгэй үөрэнээччи, актыбыыс. Хайыһарга, баскетболга, волейболга, оннооҕор бэлисипиэтинэн сүүрдүүгэ атын оскуолалары кытта күрэхтэһии бөҕөлөрө. Ол күрэхтэһиилэргэ сылдьан Дүпсүнтэн Настя диэн кыыстыын билсиспитэ – Анастасия Николаевна Божедоновалыын күн бүгүнүгэр диэри дьүөгэлиилэр.
Оскуола кэнниттэн 1966 сыллаахха СГУ-га нуучча тылыгар үөрэнэ киирбитэ. Оччолорго университекка аан бастакы “Аргыс-68” диэн ССО — устудьуоннар тутар этэрээттэрэ тэриллибитэ. Катя Васильева бу этэрээт байыаһа. Бастакы сылларыгар Хаҥаласка, Улахан Ааҥҥа таас хотон туппуттара, иккис сылларыгар Нам 2-с Хомустааҕар мас хотону дьэндэппиттэрэ. Хамнас аахсан, дьонноругар көмөлөһөн, үөрүү бөҕөлөрө этэ.
Ыраах, Дьэлиҥдэҕэ
Университеты бүтэрбит эдэр учуутал Екатерина Васильева Өлөөн улууһугар Дьэлиҥдэ оскуолатыгар анаммыта. Сэттэ саҥа учуутал хайдах биир сыл биир оскуолаҕа тиийбитин, бары биир уопсай дьиэҕэ олорбуттарын, мас хайытан, муус уулаан, тымныы дьиэлэригэр эбии тимир оһох туруоран, киэһэ хойут, сарсыарда эрдэ дьуһуурустубалаан да баран, хайдах курдук үлүһүйэн үлэлээбиттэрин, “полярнай түүннэр”, дьүкээбил кэрэ суһумун туһунан Екатерина Сидоровна төһөнү баҕарар кэпсиэн сөп. Хоту дойдуну сөбүлээн, үөрэнээччилэригэр да ылларан, өссө да үлэлиэ эбит, ону, аҕата улаханнык ыалдьан, дьоно ыҥыттаран ылбыттара.
Комском Васильева
Дойдутугар, комсомол райкома, Дьоруой Егоров аатынан сопхуоска комсомольскай тэрилтэ босхоломмут сэкирэтээринэн анаабыта. Билигин Үлэ Дьоруойа Михаил Готовцев оччолорго “Мечта” ыччат-комсомольскай ферма салайааччыта. Үлэ күөстүү оргуйар! “Дьоруой Егоровка” комском Васильева салайар, тэрийэр үлэҕэ буһан-хатан, бастаан райкомолга учуот сиэктэринэн, онтон 1976-1979 сылларга хомсомуол Уус Алданнааҕы райкомун I сэкирэтээринэн талыллыбыта. Биллэрин курдук, ол кэмнэргэ “Оскуола-производство-вуз” диэн лозунг киэҥник тарҕаммыт этэ. Оҕолор кырата иккилии-үстүү сыл үлэлээн, үөрэхтэн тэйэ быһыытыйаллара. Дьэ, онуоха, улууһун ыччатын үөрэхтээри, сэкирэтээр Екатерина Васильева, чуолаан Уһук Илин үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар, биһиэхэ маннык үчүгэй производственник, пятилетка гвардееһа, комсомол, спортсмен, уус-уран самодеятельность кыттыылааҕа баар, кинини бэлэмнэнии салаатыгар баһаалыста үөрэххэ ылыҥ, диэн барыларыгар сурук суруйан, почтанан ыытан кэбиһэр эбит. Соһуйуон, үөрүөн иһин, онуоха вузтартан үчүгэй хоруйдар кэлитэлээннэр, үгүс ыччат үрдүк үөрэхтэнэн турар!
Дьон туһугар
Екатерина Сидоровна, ханна да үлэлээтэр, ити курдук, барыта дьон туһугар, дьоҥҥо туһалаах буоллар, диэн оҥорор, тэрийэр. Хабаровскайдааҕы ВПШ-ны бүтэрэн баран, 1983-1990 сылларга Таатта райкомугар II сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 1986 сыллааҕы обком III пленумун уурааҕын өйдүүр инигит – оһуохайынан, олоҥхонон “олус үлүһүйбэт” кэм кэлбитэ… Онуоха, Суорун Омоллооннуун сүбэлэһэн баран, Арассыыйаҕа “Пушкин ааҕыылара”, “Лермонтов ааҕыылара” диэн баар, оччотугар, биһиги “Ойуунускай ааҕыыларын” тэрийиэҕиҥ, диэбиттэрэ. Дьэ онно сөхпүтэ ээ, дьон-норуот туруммутун, санаата кэлбитин!
Бырабыыталыстыбаҕа Екатерина Васильеваны САПИ-га үлэлии сырыттаҕына, ыҥыран ылбыттара…
Бэчээт, тыйаатыр уонна айар сойуустар
Дойду үрдүнэн бу кэмнэргэ туруктаах быһыы-майгы соччо суоҕун, Екатерина Сидоровна өйүнэн-сүрэҕинэн билбитэ. Ол Арассыыйа бырабыыталыстыбатын салалтата уларыйа турарыттан да дьэҥкэтик көстөрө: Черномырдин, Кириенко, Примаков, Фрадков…
1998 сыллаахха СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан ананан үлэлии олордоҕуна, арай биирдэ, киниэхэ приемҥа 2 эдэр киһи кэлбитэ. “Бичик” кинигэ кыһатын салайааччылара Август Егоров уонна Валерий Луковцев эбиттэр. Кинилэр тэрилтэ кыһалҕаларын, уустук балаһыанньаҕа киирэн, моҥкуруут барар кутталламмытын, производственнай баазаларын атыылыыр турукка киириэх курдуктарын аһаҕастык кэпсээбиттэрэ. Екатерина Сидоровна сонно тута, Василий Власовка киирэн, сүбэлэһэннэр, “баар-суох национальнай кинигэбит кыһатын суох оҥордохпутуна норуот биһигини өйдүө суоҕа”, диэн, түмүгэр, Саха Бырабыыталыстыбата “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын судаарыстыбанан өйүүр Өрөспүүбүлүкэтээҕи сыаллаах бырагырааманы ылыммыта. Билигин “Бичик” ситиһиилэрин бары билэ-көрө сылдьабыт.
Салгыы, бэчээт туһунан этэр буоллахха… Бырабыыталыстыбабыт, атын приоритетнай хайысхалары сэргэ, нэһилиэнньэни информациянан хааччыйыы боппуруоһун мэлдьи өйүүрэ, өйүүр. Оннооҕор саамай ыарахан кэмнэргэ биир даҕаны улуус хаһыата, өрөспүүбүлүкэ да хаһыата, сабыллыбатаҕа! Зампред Екатерина Васильева Москваҕа, Уһук Хотугу регион олохтоохторо Арассыыйа сонунун истиэхтэрин наада, өйөөҥ, диэн элбэхтик туруорсан, РФ Култууратын итиэннэ Бэчээтин министиэристибэлэригэр сылдьыталаабыта. Федеральнай киинтэн туһааннаах министиэристибэлэргэ анал көмө кэлбитэ.
Улуустар хаһыаттарын эрэдээктэрдэрэ бырабыыталыстыбаны кытта дуогабар түһэрсибиттэрэ, хаһыаттар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр буолбуттара. 2001-2002 сылларга улуус хаһыаттара бары офсекка көспүттэрэ, кинилэргэ анал оборудование ылыллыбыта.
Билигин санаатахха, үп-харчы кырыымчык кэмигэр, култуураны “тохтуу түһүҥ” да диэхтэрин сөп этэ, ону, салалтабыт чахчы өйүүр буолан, бу сылларга култуура “тохтообут” эрэ буолбатах — өссө сайдыбыта. Саха тыйаатыра ситэн-хотон, үлэҕэ киирбитэ. Оччолорго “Комдрагмет” салайааччыта Карл Васильевы кытта хайдах курдук “дириҥ ис хоһоонноохтук” кэпсэтэн, Екатерина Сидоровна Саха тыйаатырын сценическэй оборудованиетыгар харчы көрдөттөрбүтүн билэр дьон умнубат. Оттон Нуучча тыйаатырыгар Пушкин аата иҥэриллибитэ. Хамнас төлөммөт уустук кэмнэригэр кэлэктииби кытта көрсүһүүлэргэ эмиэ Екатерина Сидоровна бэйэтинэн тиийэрэ… Олоҥхону үйэтитии үлэлэрэ саҕаламмыттара. Национальнай библиотекаҕа бу кэмнэргэ сайдыы саҥа саҕахтара арыллыбыттара… Айар сойуустар үлэлэрэ сөргүтүллүбүтэ. Дьоҥҥо-норуокка тиийиҥ, диэбиттэрэ. Мелодистар айар сойуустара тэриллибитэ. Аахтахха – элбэх үлэ. Айар сойуустарга, Екатерина Сидоровна, “чэ, биир кыайбатахтаахпын” диэн билинэр, ол – Суруйааччылар икки сойуустарын холбооботоҕо буолар…
Ол эрээри, саамай кылаабынайа – Екатерина Васильева бу поһуттан уурайан барарыгар (Конституцияҕа көннөрүү киллэриллибэтэҕэ, Михаил Ефимович үһүс болдьоххо киирсибэтэҕэ. Президенинэн Вячеслав Штыров быыбардаммыта), Василий Власов салайар бырабыыталыстыбата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хамнаска иэһи суох оҥорбута.
Эдэрдэргэ анаан
Үлэлээн бүппүтүн кэннэ, сорохтор Екатерина Сидоровнаны, тоҕо тугу да саҥарбаккын, дииллэр. Онуоха, мичээрдээн кэбиһэн баран: үлэҕэ-хамнаска туох эрэ итэҕэс баар буоллаҕына – ол биһиги итэҕэспит, оттон туох эрэ ситиһии баар буоллаҕына – ол биһиги саҕалааһыммыт, онон, туох да диэбэппин, диэн хоруйдуур үгэстээх.
“Билигин салалтаҕа олорор эдэр каадырдар, биир үксүн – быдан билиилээхтэр, сайдыылаахтар, ол гынан баран, дьонтон тэйиччи соҕустар. Кинилэр, Ил Дархаммыт Егор Борисовтан, дьону кытта хайдах кэпсэтэргэ, дьон кыһалҕатын өйдөөн истэргэ, быһаарарга үөрэниэхтээхтэр, оччоҕуна эрэ дьоммут-сэргэбит туһугар тугу эмэ оҥоруохпут турдаҕа”, — диир, бу күннэргэ 70 сааһын бэлиэтиир Екатерина Сидоровна Васильева, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Ытык киһитэ.
Кини 2002 сыллаахха, «Социокультурное развитие Республики Саха (Якутия) в 1998-2002 г.г.» диэн, СӨ бырабыыталыстыбата бу сылларга туһааннаах эйгэҕэ тугу ситиспитин, тугу үлэлээбитин барытын түмэн, чөкөтөн, брошюра таһаартарбыта Национальнай библиотекаҕа уонна филиалларыгар баар, онон, интэриэһиргээбит дьон хаһан баҕарар булан ааҕыаххытын, билсиэххитин сөп.
Ыспыраапка
Екатерина Сидоровна Васильева 1948 сыллаахха тохсунньу 30 күнүгэр Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр 4-с оҕонон төрөөбүтэ. Аҕата Сидор Иванович холкуос бэрэссэдээтэлэ, райком инструктора этэ, ийэтэ Александра Петровна 5 оҕотун бэрийэрэ.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru