Екатерина Ноговицына: “Ыһыах кэнниттэн Дьааҥыга киһи барыта олоҥхоһут, иистэнньэҥ буолла”
СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ сыллата ыытар куонкуруһугар “Бастыҥ култуурунай-маассабай тэрээһин” диэн национальнай бириэмийэни Дьааҥытааҕы Олоҥхо ыһыаҕа ылбыта. Дьааҥы ыһыаҕар сылдьыбыт дьон бары биир киһи курдук, үрдүк сыанабылы биэрэллэр. Кистэл буолбатах, итинник хабааннаах улахан тэрээһиннэр бүтээттэрин кытта, ол туһунан таһыччы умнан кэбиһэр түгэннэр эмиэ бааллар. Онон Дьааҥыга командировкаҕа бара сылдьан, улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыга Екатерина Ноговицынаны кытта анаан-минээн көрсөн, бүгүҥҥү үлэлэрин-хамнастарын, инники былааннарын туһунан кэпсэттим.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
— Ааспыт сылга төннөн ылар эбит буоллахха, эрдэ кэлбит ыалдьыттар күннэрин-дьылларын халтай атаарбаттарын курдук, бэс ыйын 21 күнүттэн Олоҥхо Ыһыаҕын тэрээһинэ саҕаланан барбыта. Дьааҥылар хайаҕа улаханнык сүгүрүйэбит. Ыһыах кыттааччыларын, ыалдьыттарын сирбитин-дойдубутун билиһиннэрэ таарыйа, “Хайаҕа сүгүрүйүү” диэн тэрээһини ыыппыппыт. Итиэннэ Боронук хайатыгар күнү көрсүбүппүт.
Ыһыахха 18 кинигэ таҕыста
— Биир күнү олоччу кинигэлэри сүрэхтээһиҥҥэ анаабыппыт. Ол курдук, Дьааҥы улууһугар сыһыаннаах 18 кинигэ тахсыбыта. Ону таһынан, биэс нэһилиэк уонна тэрилтэлэр бэйэлэрин историяларын кэпсиир кинигэлэрин сүрэхтээбиттэрэ. Онон ааспыт сылга, уопсайа, 20-тэн тахса кинигэ күн сирин көрдө. Итини сэргэ, Ийэ олоҥхоһут Дарья Андреевна Томскаяҕа анаммыт өйдөбүнньүк туруоруутугар туспа күн анаабыппыт. Ити курдук, Ыһыах саҕаланыар диэри хас биирдии күн тэрээһиннээхтик ааспыта. Биһиэхэ Олоҥхо, Саха тыйаатырдарын артыыстара, “Гулун” ансаамбыл, “Эрэл” үҥкүү бөлөҕө кэлэн улаханнык көмөлөспүттэрэ. Итинэн сиэттэрэн, “Саха бастыҥ тыйаатырдара Тымныы полюһугар көрсүһүүлэрэ” диэн тэрээһини ыыппыппыт. Хас киэһэ аайы бу тыйаатырдар Баатаҕайга, Верхоянскайга, Боронукка бэйэлэрин испэктээктэрин көрдөрбүттэрэ. Сүрүн тэрээһиннэрбит бэс ыйын 26 күнүттэн саҕаламмыттара. Ол курдук, Дьааҥыга кэлбит олоҥхоһуттар, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ, туос ураһаҕа улуус баһылыга В.Г.Павловы кытта көрсүбүттэрэ. Олоҥхоһуттарга улахан болҕомто ууруллуохтаах диэн санаанан салайтаран, анаан-минээн улахан туос ураһа туттарбыппыт. Туох баар улахан көрсүһүүлэр онно буолбуттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр уон икки олоҥхоһут бары кэлбиттэрэ. Уон үсүһүнэн бэйэбит олоҥхоһуппут, Сайдыыттан Мария Афанасьевна Стручкова ааттанар. Кини — Ийэ олоҥхоһуппут Дарья Андреевна Томская сиэн аймаҕа.
Мин санаабар, ханнык баҕарар ыһыахха саамай кыра болҕомто бэтэрээннэргэ уонна оҕо аймахха ууруллар. Ону учуоттаан, улуустааҕы үөрэх управлениетын сыһыарбыппыт. Кинилэр оҕолорго туспа тэрээһиннэри ыыппыттара. Улуус баһылыгын ураһатын бэтэрээннэргэ анаабыппыт. Онно туспа көрсүһүүлэри тэрийбиппит. Дьааҥытааҕы многопрофильнай лицей дириэктэрэ Римма Никифорова салайааччылаах уустар туспа түһүлгэлэрэ олохтоммута.
Аны нэһилиэктэрбит олох эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ. Эһиги Суордаахха бырабыыталыстыба отчуотугар баран кэллигит дии. Улуус кииниттэн төһө ыраах сытарын, айана уустугун бэйэҕит көрдөххүт. Кинилэр, атын да нэһилиэктэр итиччэ ыраахтан дьоннорун, астарын, малларын-салларын барытын тиэммитинэн мотуорунан, массыынанан айаннаан кэлэллэр. Уһун кыһыны быһа ыһыахха дьоммутун аһатыахтаах аспытын бэлэмнээбиппит. Хас биирдии нэһилиэккэ олбох тигиитигэр тиийэ былаан, сорудах бэриллибитэ. Ону барытын кэмигэр толорон испиттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, биир дойдулаахпыт, Дьааҥы Боронугуттан төрүттээх, “Гулун” ансаамбыл уус-уран салайааччыта Л.А.Никитина дойдутун туһугар наһаа “ыалдьар” буолан, олох эрдэттэн кэлэн таҥаспыт өҥүгэр, быһыытыгар-таһаатыгар тиийэ көмөлөспүтэ. Нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр үлэни ыытар култуура, оскуола үлэһиттэрэ. Онон бары түмсүбүппүт түмүгэр, Дьааҥы Ыһыаҕа бэйэбит да сөҕүөхпүт иһин, туох да улахан уустуга суох барыта табыллан испитэ. Бэлиэтэммитинэн, 5800 киһи кэлэн барда диэн ааҕаллар. Ону таһынан, бэйэбит олохтоохторбут, аймахтарынан, доҕотторунан түспүт ыалдьыттары ааҕан сиппэппит.
Сүрүн сырыы сөмөлүөтүнэн эрэ буолан, Дьааҥыга кэлбит ыалдьыттар төттөрү барыахтарыгар, букатын от ыйын ортотугар диэри араас экскурсиялары тэрийбиппит. Ол курдук, сис хайаларга, Эһэ Хайа диэки баран истэххэ оҥхойдоммут сирдэргэ (провал) таһаара сылдьыбыппыт.
Улахан тэрээһинтэн тирэх ылан
— Сыл бүтүүтэ, ахсынньы 1 күнүгэр, Дьокуускайга Дьааҥы ыһыаҕар көмөлөспүт, үлэлэспит бар дьоммутугар махтанан тэрээһин оҥорбуппут. Уопсайынан, төһө даҕаны ыгым, ыксал түгэннэр үөскээтэллэр, тутуу, суол, тырааныспар, култуура о.д.а. салааларга барытыгар үлэлии үөрүйэхтээх, киэҥ-холку көҕүстээх дьон кэлэн үлэлэспитэ, көмөлөспүтэ.
Ол сырабыт барыта сыаналанан, Дьааҥытааҕы Олоҥхо ыһыаҕын түмүгүнэн, быйыл сайын Москваҕа баран ыһыахха кыттар чиэскэ тигистибит. Дьаһал тахсыбыта. Алтынньыга баран ыһыах хайдах быһыылаахтык ааһыахтааҕын туһунан барытын билсэн кэлбиппит. Саамай сүрүн боппуруоспут — ас этэ. Ол “Полюс холода” ТХПК (дириэктэр Е.А.Портнягина) көмөтүнэн бэркэ быһаарыллыбыта. Ити сырыыбыт кэмигэр, “Полюс холода” Москваҕа ыытыллар “Көмүс күһүн” диэн тыа хаһаайыстыбатын Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкатыгар баран, хас даҕаны көмүс мэтээли ылары ситиспитэ. Уопсайа 11 мэтээллээх кэлбиппит.
СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин солбуйааччы Н.А.Макаров “Өрөөбүт уоспун өһүлэн” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыагынан, тэрилтэ салайааччылара, баһылыктара кыттыылаах олоҥхоҕо кыттыбыппыт. Онтон кэлэн баран, улууспутугар Олоҥхо ассоциациятын чилиэннэрин кытта улуус тэрилтэлэрин салайааччыларын, баһылык солбуйааччыларын олоҥхолоппуппут.
Инникитин Дьааҥыга туристическай хайысханы сайыннарыахтаахпыт диэн санаанан салайтаран, ыһыах ыспыт түһүлгэбитигэр уот-күөс холботторбуппут. Сылы эргиччи дьон сылдьар усулуобуйатын олохтообуппут. Улууспут баһылыга Виктор Герасимович Павлов дьаһалынан, ахсынньы 22 күнэ — Тымныы Полюһун күнүнэн биллэриллибитэ. Дьааҥылар бэйэбит Чымаан Чыгдаан диэн тымныы уобарастаахпыт. Кини уораҕайын ити түһүлгэбитигэр оҥоруохтаахпыт. Былырыын “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” диэн тэрээһиҥҥэ аан маҥнайгытын кыттыстыбыт.
Киһи барыта — олоҥхоһут, иистэнньэҥ
— Олоҥхо ыһыаҕа диэн ылбычча тэрээһин буолбатах. Сорох улууска ыһыах ааста даҕаны, умнууга хаала быһыытыйааччы. Эһиэхэ хайдаҕый?
— Итиччэ үлүгэр талаан хаайтара сыппыт эбит диэн, бэйэм даҕаны соһуйабын, сөҕөбүн. Олоҥхо ыһыаҕын кэнниттэн киһи барыта ырыаһыт, олоҥхоһут, иистэнньэҥ, асчыт буолла. Улууспут киэҥ, нэһилиэктэрбит бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сыталлар, дьонун-сэргэтин дьарыга даҕаны тус-туспа. Онон Олоҥхо ыһыаҕа үгүс талааннары арыйда. Билигин ханнык баҕарар ыалга киирдэххэ, наһаа үчүгэй олбохтордоохтор, чаппараахтардаахтар, дэйбиирдэрдээхтэр, ситии саламаны өрүү ньыматын баһылаатыбыт. Аны муоһунан уһанар дьоммут эмиэ күүскэ үлэлээтилэр. Адыаччы олохтооҕо Николай Стручков муоһунан уһанарын таһынан, ат симэҕин барытын үрүҥ көмүстэн оҥордо. Ыһыахха бэлэх-туһах быһыытынан туттуллар уонна атыыга барар сувенирдары барытын бэйэбит олохтоох маастардарбыт чочуйан таһаарбыттара. Боруулаах сиэли баһылаабыт нэһилиэк буолар. Бэйэлэрэ айбыт ньымаларынан (авторскай технологияларынан) аҥаар өттүгэр түүтэ көстө сылдьар, олус кырасыабай олбохтору бэлэмнээбиттэрэ.
Саҥа саҕахтар
— Дьааҥы ыһыаҕа дуо, дэтэр бэрт ыһыах ааспыт этэ. Биир да киһиттэн итэҕэһин туһунан истибэтэҕим. Бары Аал Луук маскыт уратытын бэлиэтииллэр. Инникитин туох былааннардааххытый?
— Ахсынньыга Баатаҕайга Арчы дьиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыппыт. Ол иннинэ култуура управлениета туспа дьиэтэ-уота суоҕа. Бу дьиэбит иһинэн түмсүүлэри түмэн эрэбит. “Эчий” айар куттаах дьон, “Дьааҥы сарыала” мелодистар түмсүүлэрэ үлэлииллэр. Соторутааҕыта Дьааҥы улууһун эдэр үлэһиттэрин Сэбиэтин тэрийдибит. Итиэннэ уруккуттан Дьааҥы эбэ хотун сүнньүгэр олорор улуустары түмэр баҕа санаалаах этибит. Бу идиэйэбитин өрөспүүбүлүкэ өйөөтө. Кулун тутар 10-13 күннэригэр Баатаҕайга “Дьааҥы сомоҕото” диэн Дьааҥы улуустарын ыччатын Арктикатааҕы форумун ыытаары олоробут. Хайысхаларынан араас үлэлэри оҥоруохпут. Олоҥхобутун эмиэ умнубаппыт. Итиэннэ “Министр” дьыалабыай оонньуу хотугу түһүмэҕин Дьааҥыга ыытыахтаахтар. Ити курдук, улуус иһигэр тэрээһиннэр тиһигин быспакка салҕаналлар.
Биллэн турар, кыһалҕалар да бааллар. Ханна барыахтарай?! Итиччэ үчүгэй баараҕай түһүлгэни туттаран баран, хайдах баарынан. алдьаппакка-кээһэппэккэ илдьэ сылдьан, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр, үлэлэтэр туһугар туруулаһабыт. Билиҥҥитэ управлениебыт иһинэн штат таһааран, көрөр-истэр дьону анаабыппыт. Сайын, күһүн сылгы, ынах киирэн алдьатар. Ону барытын бэркэ көрөн, абырахтаан олороллор. “Былырыын 18 кинигэни таһаарбыт буоллаххытына, быйыл маны таһаарыахха” диир дьон элбэх. Былырыын туох-баар ордубут харчыны барытын кинигэҕэ ыыппыппыт. Биллэн турар, мөҕүллэр этим. Ол эрээри, дьоҥҥо-сэргэҕэ уонна, саамай сүрүнэ, кэнэҕэс ыччаппытыгар өйдөбүл буолар диэн санааттан, ити курдук быһаарыыны ылыммыппыт. Инньэ гынан, билигин бэлэм илиинэн суруллубут матырыйааллаах киһи олус элбэх. Аны дойду тас өттүгэр куонкурустарга баран кыттыан баҕалаах киһи баһаам. Олоҥхобут дьиэтин сыбаайата түспүтэ. Ол эрээри, суумата кыччаан, түргэнник тутуллар матырыйаалларга уларытылынна. Ити курдук, барыта үпкэ-харчыга кэлэн иҥнэр. Биһиэхэ эрэ итинник балаһыанньа буолбатах. Бары салааҕа барытыгар бүддьүөт сууматын быстылар.
Идэлэригэр бэриниилээх үлэһиттэр
— Маны барытын хайдах саба тутаҕытый? Управлениеҕытыгар төһө элбэх киһи үлэлиирий?
— “Байды” норуот тыйаатырын, суоппарбытын киллэрэн туран, уопсайа 13 киһи үлэлиир. Тустаах тыйаатыр өссө Боруулаах нэһилиэгэр баар. Эдэр эрэ буолан, бу улахан ыһыаҕы үмүрү туттубут дии саныыбын. Үксэ эдэр дьон үлэлиибит. Саастаах даҕаны дьоммут эдэрдэртэн хаалсыбакка, тэҥҥэ түсүһэн, барытыгар ылсан иһэллэр. Ол курдук, мелодист, бэйиэт, “Олоҥхо” ассоциацияны салайааччы, Олоҥхо ыһыаҕын, улуус гимнэрин ааптардара Раиса Чирикова туох-баар докумуон үлэтин дьаһайар, кылтан, сиэлтэн оҥоһуктарынан дьарыктанар солбуйааччым Дария Васильева. Ыһыахха ылламмыт ырыа, туруоруллубут үҥкүү матыыптара барыта Дьааҥы үйэлэргэ муспут баайыттан оҥоһуллан тахсыбыта. Ону барытын Валентина Прудецкая иилээн-саҕалаан, аранжировкалаан таҥмыта. Бириис, смета, докумуон, грамота боппуруоһа барыта Саргылаана Потапова нөҥүө ааһаллар. Кылаабынай буҕаалтырбыт Ксения Юмшанова үбү-харчыны барытын хонтуруоллаан кэмигэр аһарбыта. Управлениебыт иһинэн бэйэбит туспа теле-студиялаахпыт. Эппитим курдук, дорҕоон, тыас студиятын Валентина Константиновна салайар. Устуу өттүн Афанасий Попов иилиир-саҕалыыр. Хаартыскаҕа түһэрии, видеоҕа устуу барыта Афанасий Николаевич илиитин иһинэн ааһар. Көннөрү методист эрэ быһыытынан буолбакка, ити курдук үлэлэригэр бүүс-бүтүннүү бэриниилээхтэр. Сүрүн үлэлэрин таһынан араас хайысхаларынан дьарыктаналлар. Олоҥхо дириэксийэтин Михаил Рожин салайбыта. Алгысчыт, ыытааччы, арыалдьыт, төрүт култуура өттүгэр сүбэ-ама ылар киһибит Василий Колесов буолар. Дьүүллүүр сүбэни кытта уонна дьону түһэриигэ Клавдия Неустроева ыкса үлэлэспитэ. Кулууп дириэктэрдэрэ, уус-уран салайааччылар, «Олоҥхо» ассоциация чилиэннэрэ Галина Максимова, Ульяна Шишигина, Татьяна Божедонова, улуустааҕы бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Розалия Попова салалтатынан Олонхо түһүлгэлэрин көрөн-истэн, аһатан улахан үлэни ыыппыттара. Ити курдук, төһө даҕаны аҕыйах буолларбыт, түүннэри-күнүстэри сүүрэн, инники былааннарбытын олоххо киллэрэ, айа-тута сылдьабыт.
Төрөөбүт дойдуга төннүү
— Екатерина, бэйэҥ тускунан кэпсии түспэккин ээ. Аныгы ыччат сиэринэн, үөрэххин бүтэрэн баран тоҕо куоракка хаалбакка, ыраах хоту улууска дьулустуҥ?
— 2008 сыллаахха Саха Судаарыстыбаннай университетын биология-география факультетын бүтэрээт да, тута дойдубар үлэлии кэлбитим. Дьааҥы Боронугуттан төрүттээхпин. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар саамай ыарырҕатар биридимиэппит биология, химия этэ. Тоҕо диэтэххэ, учуутал тиийбэтэ. Киһи биирдэ олорор, билбэтин билэргэ дьулуһуохтаах диэн санаанан салайтаран, “Инникигэ хардыы”, о.д.а. куонкурустарга үгүстүк кыттарбыт. Ол курдук, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэскэ баран кыайан турардаахпын. Салгыы норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ кыттыбытым. Оскуолабын бүтэрэн баран, ити салаабынан үөрэххэ киирбитим. Онтон СГУ юридическай факультетын, Култуура уонна искусство Арктикатааҕы Судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитим. Соторутааҕыта, РФ бэрэсидьиэнин иһинэн норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа Арасыыйатааҕы академиятыгар кууруска баран кэллим. Нууччалыы “Век живи — век учись” диэн этии, арааһа, миэхэ сыһыаннаах быһыылаах.
Устудьуоннуур сылларбар факультеппар профсойуус бэрэссэдээтэлэ этим. Устудьуоннар Сэбиэттэригэр бэрэссэдээтэли, СГУ профсойууһугар эмиэ култуура салаатыгар солбуйааччы этим. Ону таһынан, Дьааҥыттан төрүттээх устудьуоннар түмсүүлэрин салайарым. Уопсайынан, устудьуоннуур сылларбар ити курдук буспутум-хаппытым билигин олохпор улаханнык туһалыыр. Аны кыра эрдэхпиттэн төрөппүттэрим, киһи ыарахантан чаҕыйыа суохтаах, дойдутугар бэриниилээх буолуохтаах диэн кытаанах патриотическай тыыҥҥа ииппиттэрэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар саха тылын сайыннарыы Кэнсиэпсийэтэ саамай муҥутуу сайдан турар кэмэ этэ. Онон, фольклор, олоҥхо, итэҕэл оҕолоробут. Биһиги көлүөнэ дьон бары кэриэтэ дойдубутугар төннөн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Кэлэн баран маҥнай методистаабытым, начаалынньыгынан бэһис сылбын үлэлиибин.
Дьиэ кэргэним — эрэллээх эркиним
— Култуура үлэтэ диэн түүннэри-күнүстэри сүүрүү буоллаҕа. Дьиэ кэргэниҥ маны барытын хайдах ылынарый?
— Биллэн турар, олохпор-дьаһахпар, үлэбэр-хамнаспар саамай өйөбүл буолар дьонум – кэргэним, оҕолорум, чугас дьонум. Ийэбэр Нина Афанасьевнаҕа, аҕабар Василий Васильевич Ноговицыннарга махталым муҥура суох. Икки оҕолоохпут. Кырдьык, култуура эйгэтин үлэһитэ, дьиэтигэр арыт сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо буолан хаалар түгэннэрдээх. Күнүүлэһии даҕаны баар буолуон сөп буоллаҕа. Хата, кэргэним киэҥ көҕүстээх буолан барытын өйдүүр, өйүүр. Сорох түгэннэргэ бэйэтэ кэлэн илии-атах, күүс-көмө буолар. Доҕотторум, атастарым элбэхтэр. Ыксаллаах түгэннэргэ дойдубут туһугар бары бииргэ туруулаһабыт.
— Екатерина, кэпсээниҥ иһин махтал. Ылбыт тэтимҥитин ыһыктыбакка, иннигит диэки ити курдук дьулуурдаахтык айаннааҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/