Дьокуускай таһынааҕы Маҕаҥҥа Котрустар ааттарын билбэт киһи суоҕа буолуо. Билигин ыал ийэтэ Екатерина Васильевна Котрус “Котрус Е.В.” ИП-ны салайар. Быйыл арҕаа дойдулар сааҥсыйаларынан сибээстээн, хаһааҥҥытааҕар даҕаны бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччынар кэм кэллэ диэн сорук турда. Арассыыйаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны. Онон сибээстээн Екатерина Васильевнаны кытта хайдах үлэлии олорорун, ити соругу толорууга туох былааннааҕын билистибит.
Бэйэбит олохтоох бородууксуйабытынан хааччыныахха диэн санаалаах Е.Котрус урут да итинник үлэлээбитэ. Билигин да ол суолуттан халбаҥнаабат. Быйыл биирдэм урбаанньыт 50 гектарга хортуоппуй, 10 гектарга оҕуруот аһын олордуоҕа. Сиэмэ хортуоппуйун былырыыҥҥы үүнүүтүттэн хаалларбыт. Хата, хортуоппуйун үүнүүтүн саҥардаары 3 т (кыһыл хотуоппуй) ылбыт. Кыһын хортуоппуйун уолун Андрей хранилищетыгар туруорбут. Маҕан хорсун үлэһит дьахтара 360 гектарга бурдугу үүннэриэҕэ. Ол курдук, оруос, сэлиэһинэй, нэчимиэн, күн-дьыл этэҥҥэ буоллаҕына, үүнэн долгуйдьуһуохтара. Этэргэ дылы, аһатан-сиэтэн олорор бааһыналарыгар 220 т уоҕурдууну (балбаахтара) киллэрбиттэр. Бурдуктаах баһылык 25 ыанар ынахтаах уонна ыччат сүөһүлээх. Бүгүҥҥү күн туругунан, 8 ынаҕа төрөөбүт. Сотору кэминэн үрүҥ илгэ үрүлүйүө. Үүттэрин билигин “Зыряновка” туттараллар, ынахтар бары төрөөтөхтөрүнэ, Дьокуускай куораттааҕы үүт собуотугар туттарыахтара. Билигин кинилэрдиин 30 т үүтү туттарарга дуогабардаспыт.
– Урбаанньыт буолуохпуттан ыһыым иэнин сыыйа улаатыннаран иһэбин, кыахпар-күүспэр, үппэр-аспар олоҕуран. Бастакы сылбар 3 гектартан саҕалаабытым. Сыыйа 15, 35 гектарга тиэрдибитим. Уонна дьэ, ити, быйыл 50 гектарга тиэрдээри гынабын. Былырыын үүнүү мөлтөҕүн билэҕит. Ол да иһин быһыылаах, баара-суоҕа иккитэ биллэрии таһаарааппын кытта, наадыйар дьон бэйэлэрэ кэлэн хортуоппуйбун тиэйэн ылбыттара. Ол эрээри, куруук итинник буолааччыта суох, сыл-сыл араас буолар, үүнүү даҕаны, атыылаһыы даҕаны. Быйыл тиэхиньикэбин саҥардарым бу үөскээбит да балаһыанньанан уустук буолара буолуо. Дьиҥэ, комбайным даҕаны сүрдээҕин эргэрдэ. Бу Украинаны кытта сибээстээх сааҥсыйалар кэмнэригэр олохтоох үүннэрээччилэр хортуоппуйбутун, атын оҕуруот аспытын өрөспүүбүлүкэбит иһигэр батарар кыахтаныахпыт, олордуубут иэнин кэҥэтиэ этибит дии саныыбыт. Батарыы ырыынага былдьаһык буоллаҕа. Онон бары күүскэ үлэлээтэхпитинэ табыллар, – диэн үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээнин Екатерина Котрус түмүктээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ атын да хаһаайыстыбалара, оҕуруот аһын үүннэрээччилэрэ, сири кытта үлэлээччилэр маннык санаалаахтара чахчы.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат