Успуорду сэҥээрээччилэргэ Екатерина Белолюбскаяны билбэт киһи аҕыйах буолуо. 50-гар сылдьар спортсменка эдэр кыргыттары кытары эрийсэн, кыайталыыр кыахтаах. Бүгүн Екатерина олоҕун-дьаһаҕын, хайдах успуорка кэлбитин туһунан кэпсэтиэхпит.
Екатерина Прокопьевна Белолюбская
Мас тардыһыытыгар РФ успуордун маастара;
Пауэрлифтиҥҥэ успуорт маастарыгар хандьыдаат;
2012, 2014, 2015, 2017, 2020 сылларга Уус Алдан улууһун бастыҥ спортсменката;
Мас тардыһыыта:
- 1999, 2011, 2014 өрөспүүбүлүкэ призера
- 2014 с. аан дойду үрүҥ көмүс призера (Дьокуускай)
- 2016 с. Европа үрүҥ көмүс призера (Батуми, Грузия)
- Арассыыйа чөмпүйэнээтин хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера
- Манчаары оонньууларын хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера
- 2017 c. Аан дойду Кубогын үрүҥ көмүс призера
- 2019 c. Европа чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призера (Баку, Азербайджан)
- 2019 c. Аан дойду Кубогын чөмпүйүөнэ
Гиирэ успуорда:
- 2013 с. Бэтэрээннэргэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ (Барнаул, Алтайскай кыраай)
- СӨ чөмпүйэнээттэрин кыайыылааҕа, призера
- 2017 c. Манчаары оонньууларын үрүҥ көмүс призера
Илиинэн оту охсуу:
- 2010 c. Бүтүн Арассыыйатааҕы Тыа хаһаайыстыбатын сайыҥҥы спортивнай оонньууларын кыайыылааҕа (Елабуга, Татарстан)
- «Күүлэй» илиинэн охсуу өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна призера.
— Екатерина, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларга кэпсии түс эрэ…
— Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр кыттарга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэммин, билигин «Триумф» успуорт уораҕайыгар дьарыктыыр-эрчийэр түмсүүгэ сылдьабын.
1971 сыллаахха ахсынньы аам-даам тымныытыгар Уус Алдан улууһун Баатаҕайыгар күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэринэн баай киһибин: убайдаахпын, бырааттаахпын уонна эдьиийдээхпин, балтылаахпын да. Кыра эрдэхпиттэн сүүрбүт-көппүт, уолаттары кытта тэҥҥэ охсуһар кыыс этим (күлэр). Үһүс кылаастан Кэптэни оҕо спортивнай оскуолатын хайыһар сиэксийэтигэр Григорий Дьячковскайга дьарыктанан саҕалаабытым. Хайыһарга саас-күһүн эрэ турар буоламмыт, сайынын-кыһынын сүүрэр этибит.
Оскуоланы бүтэрэн баран, успуордунан дьарыктанарбын хас да сылга тохтото сылдьыбытым. Ол кэмҥэ үөрэхтэрбин бүтэрбитим, хоту үлэлии сылдьыбытым. Бастакы уолбун оҕоломмутум.
Билигин икки уол оҕолоохпун, кыыстаах уол сиэннээхпин.
— Эйигин биһиги тимири, ыарахан успуорду кытары ситимниибит. Хайыһар, сүүрүү курдук көрүҥнэртэн хайдах гиирэ, мас тардыһыы көрүҥнэригэр көспүккүнүй?
—1996 сыллаахха Дьокуускай куоракка көһөн кэлбиппэр бииргэ төрөөбүт убайым Сергей оччотооҕу «Динамо» кулуупка илдьибитэ. Онно Федор Дегтярев тириэньэр этэ. Кини «Катя, эн күүстээххин, бэйэҕин тимиргэ, пауэрлифтиҥҥэ холонон көр» диэн, үс ыйдаах төлөбүрбүн биэрэн туран, «Спарта» кулуупка сиэтэн аҕалбыта. Онно бастаан бэйэм тугу да билбэт киһи табылыыссаны көрөн дьарыктанан саҕалаабытым. Пауэрлифтиҥҥэ оччотооҕу СГУ аһаҕас чөмпүйэнээтигэр кыттаммын, бастаан хааллым.
Онтон 1998 сыллаахха СГУ физическэй култуура институтугар туттарсан киирбитим.
Мас тардыһыыны кытта билсиһии маннык этэ. 1999 сыллаахха Майаҕа үбүлүөйүнэй ыһыах чэрчитинэн, кыргыттарга биир ыйааһыҥҥа мас тардыһыыта ыытылынна. Убайбын Сергейы кытары барбытым, арай, кыыс бөҕө мустубут, сүүрбэччэ кыттааччы баар быһыылаах этэ. Николай Колодко быыппастар быччыҥнаах икки нуучча кыыһын аҕалбыт этэ. Мин көрөммүн, толлобун аҕай. Хата, киһи соһуйуох, финалга Майа кыыһын кытары тахсаммын, кыайан кэбистим. Бирииспэр “Самсунг” икки камералаах холодильнигы тутаммын, үөрүүм муҥура суох этэ. Чэ, оччолортон саҕалаан мас тардыһыыта дьахталларга көрүҥ быһыытынан кыралаан киирэн барда. 2005 сылга диэри күрэхтэһиилэргэ наар кыайталыыр этим. Нөҥүө сылыгар иккис уолбун оҕоломмутум. Ол кэннэ 2009 сыллаахха Манчаары оонньууларыгар кыттыбытым, кыргыттар сайдыы бөҕөнү сайдыбыттар этэ. Кыайтарыы абатын онно билбитим. Сыыйа дьарыктанан саҕалаан, Дьокуускайга ыытыллыбыт аан дойду чөмпүйэнээтигэр тиийдим. Итинник таһымнаах күрэхтэһиигэ бастакы кыттыым этэ. Ол эрээри, ыйааһыным тиийбэтэ оруолу оонньообута.
— Арба, ыйааһыҥҥын хайдах тутаҕын?
— Бастаан наар аччыктаан түһэрэр этим. Оннукка киһи сэниэтэ биллэрдик эстэр. Билигин элбэхтэ кросстуубун уонна аспын кыратык аҕыйатабын.
— Мас тардыһыы курдук ыарахан көрүҥҥэ эһиги, дьахталлар, киирсэргитин хайдах быһаарыаҥ этэй? Сорохтор, дьахталлар доруобуйаларыгар соччото суох көрүҥ диэн этэллэр дии…
— Ханнык баҕарар көрүҥ олимпийскай буоларыгар, дьон сэҥээриитин ыларыгар дьахталлара суох сатаммат дии саныыбын. Мас тардыһыыта олимпийскай көрүҥ буолар кыахтаах: боростуой быраабылалардаах, ыһыылаах-хаһыылаах.
Дьахталлар дьарыктарын сыыйа саҕалыахтарын наада. Уонна тириэньэр дьахталларга сөптөөх ноҕуруусканы биэриэхтээх, үлэ былаанын сөпкө аттарыахтаах. Оччоҕо киһи туохтан да куттанара суох. Холобура, мин өр сылларга тимиринэн дьарыктанабын да, 35-пин ааһан баран оҕоломмутум.
— Успуорка уһун үйэлэнии кистэлэҥин арыйыаҥ дуо?
— Туох да кистэлэҥ суох. Саамай кылаабынайа, баҕа наада дии саныыбын. Сүрэҕэ суох киһи успуордунан син биир өр кэмҥэ дьарыктаммат. Холобура, мин ис сүрэхпиттэн дьарыктаныахпын, күрэхтэһиэхпин баҕарар буоламмын, үлэбин, дьиэ кэргэммин успуорду кытары дьүөрэлиибин. Уонна, биллэн турар, дьиэ кэргэниҥ өйөбүлэ наада. Миигин кэргэним наһаа өйдүүр. Ханнык эмэ күрэхтэһиигэ бэйэм барыахпын да баҕарбатахпына, «эс, итиччэ бэриллэр кыаҕы туһан, бар» диэн иһэр.
— Үлэбин диэтиҥ дии, ханна үлэлиигин?
— Баатаҕайга маҕаһыыннаахпын. Уонна кэргэним бааһынай хаһаайыстыбалаах.
— Успуортан ураты иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
— Кыралаан уруһуйдуур, тигэр этим. Үксүн түүлээҕинэн дьарыктанан, унтуу, бэргэһэ тигэр этим. Билигин бириэмэ тиийбэт курдук. Уһаныахпын эҥин баҕарабын. Кэргэним ууска эмиэ талааннаах.
— Күрэхтэһиилэр, күүстээх дьарыктар кэнниттэн хайдах чөлгөр түһэҕин?
— Дьиэбэр, Баатаҕайга дьарыктанарбар улахан тугу да гыммаппын. Маннык түмсүүлэргэ, биллэн турар, баанньык, битэмииннэр көмөлөһөллөр. Бамбук, бэс куоппаһын иһэбин.
— Эн быраатыҥ Уйбаан Белолюбскай эмиэ саха успуордун биир чаҕылхай бөҕөһө. Эһиги удьуоргутугар күүстээх дьоннор бааллара эбитэ дуу?
— Кырдьык, айылҕалаахпыт биллэр. Ийэм аҕата, эһээбит Петр Егорович Лугинов-Күттэс Бүөтүрэ диэн күүстээх-уохтаах киһи эбитэ үһү. Кини уу аннынан чааһы быһа да хаамар ууһут бэрдэ киһи эбит. Оттон аҕам өттүнэн ыстаныыга, сүүрүүгэ, хайыһарга талааннаахтар бааллар. Улахан уолум Владислав Белолюбскай атах оонньуутугар успуорт маастара. «Хоро уола» диэн национальнай многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ чөмпүйүөннээбитэ. Кэнники сиһин эчэтэн тохтообута. Кыра уолум Ярослав өбүгэ оонньуутунан дьарыктанар. Быйыл Манчаары оонньууларыгар барыахтаах.
Уоллаах кыыс сиэннээхпин, Вика уонна Артем диэннэр. Кэрэ кийиитим Таина Чурапчыттан төрүттээх.
— Екатерина, салгыы тус бэйэҥ туох былааннааххын?
— Билигин дьарыктыыр-эрчийэр түмсүү бастакы түһүмэҕин кэнниттэн биир нэдиэлэ курдук сынньалаҥ. Онтон эмиэ иккис түһүмэхпит дьарыгар киирэбит. Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр этэҥҥэ кыттан, Европаҕа эбэтэр аан дойдуга сүүмэрдэммит киһи диэн баҕа санаалаахпын. Аны бу сайын Манчаарыбыт буолар дии. Онно эмиэ күүстээх бэлэм күүтэр.
— Ситиһиилэри!
Виктория Бястинова, edersaas.ru саайт, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыскалар дьоруой тус архыыбыттан.