Эйнштейн бүтэһик кистэлэҥэ

05.08.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Көннөрү киһи кыһалыннаҕына, олоххо тугу барытын ситиһиэн сөп. Саталлаах салайааччы, чаҕылхай полководец, албан ааттаах спортсмен, бастыҥ шоумен, президент да буолуохха сөп. Ол эрээри гений буолар кыахпыт суох. Тоҕо диэтэххэ, гений буола улааппаттар, гений буолан төрүүллэр. Ааспыт үйэ генийэ Альберт Эйнштейн олоҕо уонна үлэтэ кини өссө тыыннааҕар үһүйээн буолан тарҕаммыта. Онтон өлөөтүн кэннэ тута мэйиитин ылан чичийии, үөрэтии саҕаламмыта, генийдэр хантан кэлэллэрин билээри.

Мөлтөх үөрэнээччи

Ааспыт үйэ улуу арыйыытын — «Холооһун теориятын» («Теория относительности») аҕата 1879 с. Альберт Эйнштейн кыайан байбатах коммерсант уонна килиэп атыыһытын кыыһын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оҕо сылдьан кини гений буола төрөөбүтэ төрүт биллибэт этэ. Төттөрүтүн, олус тоҥуй, ньиэрбинэй, улахан тыастан-уустан олус куттанар ытанньах оҕо этэ. Кини хойут тылламмыта уонна тоҕус сааһыгар диэри тылын үчүгэйдик сааһылаан саҥарбата. Уопсай сайдыыта даҕаны биир саастыылаахтарыттан хаалан иһэр курдуга. Ол иһин бииргэ үөрэнэр оҕолоро уонна учууталлар кинини акаарыттан уонна аҥалаттан атыннык ааттаабаттар этэ. Физика саамай судургу сорудаҕын да кыайан толорбот Альберка кыыһыран учуутала биирдэ: «Эйигиттэн туох да күттүөннээх киһи тахсыа суоҕа! Туохха да туһата, дьоҕура суох оҕоҕун!» — диэбиттээх.

Ол иһин уоллара оччолорго аатыран аҕай олорор Цюрихтааҕы үрдүкү техническэй оскуолаҕа киириэн баҕарар санаалааҕын биллэрбитигэр дьоно олус соһуйбуттара. Кинилэргэ гений кэлбитин киирии экзамены тутааччылар эмиэ өйдөөбөтөхтөрө, билиитин «иккинэн» сыаналаабыттара. Онон Эйнштейн биир сыл профессиональнай училищеҕа үөрэнэн баран эһиилигэр туттарсан киирбитэ.Үөрэнэр кэмигэр эдэр киһи туох да уһулуччулааҕа биллибэт этэ. Хата, ол оннугар лекциялары элбэхтик көтүтэринэн биллибитэ. «Политехникуму» орто сыананан бүтэрбитэ.

Кини уһулуччутун учуонай эйгэтэ эмиэ өргө диэри билбэккэ сылдьыбыта. «Новое определение размера молекул» диэн докторскай үлэтэ ( Россияҕа кандидатскайга тэҥнэһэр) элбэх сыыһалааҕынан ааҕыллыбыта. Дьиҥнээх генийи боростуой дьон өйдүүрэ итинник ыарахан эбит буоллаҕа.

genij2

Аан дойдуга аатырыы

Дьэ, онон хайдах эрэ гынан Эйнштейн бэйэтин холооһун теориятын оруобуна 100 сыл аннараа өттүгэр, 1916 сыллаахха, айан таһааран учуонайдары эрэ буолбакка, аан дойду дьонун барытын сөхтөрбүтэ. Ааспыт үйэ улуу арыйыытын бастаан утаа оннооҕор учуонайдар кытта ылымматахтара. Кинини «сымыйа учуонайынан» ааттаабыттара, оттон теориятын — туох баар науканы барытын утарар дойҕоҕунан. Ол үрдүнэн Эйнштейн «киэли — бириэмэ» өйдөбүлү төрдүттэн уларытар теорията сөптөөҕүн дакаастыырын тохтоппотоҕо. Киэли (пространство) үс кээмэйдээх эрэ буолбатаҕын, төрдүс кээмэй — бириэмэ кээмэйэ эмиэ баарын быһаарбыта. Кини бириэмэ бэйэтин хаамыытын уларытыан сөбүн, ону таһынан өҕүллүүлээх киэли (искривленное пространство) баарын, онно үгэс буолбут физика сокуоннара күүстэрин сүтэрэллэрин дакаастаабыта. Сүүһүнэн сылларга олохсуйан кэлбит физика уонна ону ааһан философия өйдөбүллэрин итинник төрдүттэн түөрэ эргитэн таһаарарга учуонайы ким эбэтэр туох сирдээбитэ буолуой? Бу боппуруоска эппиэт билиҥҥитэ булулла илик уонна булуллара да саарбах.

Улуу учуонай арыйыыта 1919 сыллаахха эрэ сөптөөҕө биллибитэ. Британия астрономнара ити сыл ыам ыйын 29 күнүгэр —күн толору өлүүтүн кэмигэр сулустартан кэлэр сырдык көнө траекторияттан төһө туоруурун кээмэйдээбиттэрэ. Ол кээмэй Эйнштейн ааҕыытын-суоттааһынын кытта толору сөп түбэспитэ. Онон кини аата улуу генийдэр Сократ, Аристотель, Ньютон ааттарын кытта тэҥҥэ туруоруллубута.

Эйнштейнтэн арай теорияҥ кыайан бигэргэтиллибэтэх буоллун, эн хайыаҥ этэй диэн ыйыппыттарыгар: » Мин биһигини айбыт таҥараны аһыныам этэ, теориям син биир сөп эбээт», — диэн хардарбыт.

Гений ураты мэйиитэ

Научнай үлэттэн тэйэн баран Эйнштейн туохха да кыттыспакка уу чуумпутук олорбута. Улуу физик 1955 с. муус устар 18 күнүгэр өлбүтэ. Кини өлүүтэ, эмиэ олоҕун курдук, үгүс таабырыннаах буолбута. Кэпсииллэринэн, бүтэһик сылларга кини биир кэлим хонуу теориятын айыыга үлэлэспит. Бу теория киэлини уонна бириэмэни эмиэ төрдүттэн саҥалыы көрүүгэ тиэрдиэхтээҕэ. Ол эрээри Эйнштейн маны өйдүүргэ киһи аймах өйө-санаата өссө да тиийэ илик диэн дневниктэрин уонна илиинэн суруйууларын барытын уоттаабыта дииллэр.

Эйнштейн өлөөтүн кытта тута мэйиитин хостоон 240 чааска үллэрэн баран үөрэтэн барбыттара. Онуоха гений мэйиитин префронтальнай уобалаһыгар олус улахан уратылар бааллара бэлиэтэммиттэрэ. Исписэлиистэр этэллэринэн, бу чахчы учуонай көрөр-билэр кыаҕа олус үрдүгүн көрдөрөр. Мэйии оройун, чанчыгын уонна сүүһүн диэки өртүгэр ньиэрбэ этэ (ткань) олус элбэх буолан олох атыннык хомуллан ууруллубут. Холобур, сирэй уонна тыл хамсааһынын хонтуруоллуур учаастактар биллэ улахаттар. Чинчийээччилэр этэллэринэн, ол иһин учуонай мэйиитин моторикаҕа эппиэттиир учаастактара атын үлэни, холобур абстрактнай толкуйдааһыны, кытта толорор кыахтаахтар. Итини тэҥэ амтаны, ыарыыны, даҕайсыыны билэр уорганнары кытта ситимнээх, былааннааһыны, болҕомтону күүһүрдүүнү, соругу толорууга дьулуурдаах буолууга эппиэттээх мэйии зоналара күүскэ сайдыбыттара биллибитэ.

Ол да буоллар генийдэр хантан кэлэллэрин үөрэтиигэ Эйнштейн мэйиитин үйэ аҥара чинчийии улахан хамсааһыны таһаарбата. Генийдэри таҥара Сиргэ тоҕо анаан ыытарын бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.

 

dyra 

«Хара дьөлөҕөс» уонна “Бириэмэ устун айан»

1916 с. Эйштейн бэйэтин холооһун теориятын уонна гравитационнай хонуу тэҥнэбилин (уравнение) бэчээттээбитин кэннэ немец астронома Карл Шварцшильд улуу учуонай ааҕыытыгар-суоттааһыныгар олоҕуран «киэли — бириэмэ» эйгэтигэр олус улахан гравитационнай хонуулаах уобалас баар буолуон сөбүн быһаарбыта. Бу уобалас оннооҕор күн сардаҥатын саҕаччы түргэннээх эттиктэри бэйэтигэр тардан ылар сүдү күүстээх. Итинник муҥутуур күүстээх гравитация иһигэр баар өҕүллүбүт киэли бүтүн космос куйаарын илдьэ сылдьар «хара дьөлөҕөһү» үөскэтиэн сөбө бүгүн учуонайдар ортолоругар туох да мөккүөргэ турбат. Ол куйаар иһигэр туох баар буолуон сөбүй? Ааспыт кэмтэн кэлэр кэмҥэ тиийиэххэ сөп «бириэмэ устун айан» суола дуу, параллельнай эйгэ эбэтэр биһиэхэ биллибэт эттиктэри ыытар куйаар атын цивилизацията? Бу боппуруостарга билиҥҥитэ ким да эппиэттии илик. Ол эрээри байыаннай институттарга уонна сабыылаах лабораторияларга бу теорияны үөрэтии, чинчийии тохтообокко ыытыллар.

Бириэмэ устун айанныахха сөбүн туһунан Эйнштейн бэйэтэ эмиэ этэн турар. Холобур, космическай хараабылга хас да сыл көтө сылдьан баран сиргэ төннүбүт космонавт бэйэтин кэлэр кэмигэр түбэһэн хаалыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, Космоска уонн Сиргэ «бириэмэ» атын-атыннык ааһар, хаамыыта бытаарыан да, түргэтиэн да сөп.

Ол эрээри, дьиктиргиэх иһин, Эйнштейн «хара дьөлөҕөс» баар буолуон сөп диэҥҥэ итэҕэйбэт этэ. 1939 с. ол туһунан «Математические анналы» сурунаалга итинник күүстээх гравитационнай эйгэ суох диэн дакаастаан суруйбута.

Туох да диэбит иһин, Эйнштейн холооһун теорията 20-с үйэ физикатыгар сүдү кылааты киллэрбитэ. Ити теория көмөтүнэн «хара дьөлөҕөстөр» бааллара биллибитэ, планеталар, сулустар уонна бүтүн галактикалар хамсааһыннара чуолкайдаммыттара. Оттон космоска баар аргыстартан сигнал ылар саамай туочунай навигационнай ситимнэр айыллыахтарыттан араас үрдүккэ чаһы хаамыыта эмиэ араастык уларыйыыта быһаччы олоххо туһаныллар буолла.

Өскөтүн аппаратураҕа холооһун теорията туһаныллыбата буоллар, эбийиэк баар сирин быһаарыы хас эмит километрынан сыыһалаах буолуох этэ.

Гений бэйэтин кэмиттэн урутаан төрүүр аналлаах буоллаҕа.

Татьяна ПавловаАльберт Эйнштейн аныгы теоретическай физиканы төрүттээчилэртэн биирдэстэринэн буолар. Кини бу хайысхаҕа 300-тэн тахса научнай үлэ, 150 кинигэ уонна ыстатыйа ааптара. 1921 с. Нобелевскай бириэмийэни ылбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0