Өймөкөөн ыччата Георгий Софронов: «Наартаны ыстаныы — турукпун күүрдэр дьарык»

29.06.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы Георгий Софронов тиксэрдэ.

От ыйын 1- 2 күннэригэр Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар. Ол курдук, онтон сиэттэрэн, тымныы кииниттэн төрүттээх, ураты дьарыктаах ыччаты сырдатарга сананныбыт. 

Бүгүҥҥү дьоруойбут наартаны ыстаныы курдук успуорт төрүт көрүҥүнэн дьарыктанар. Кини — М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физическэй култуура уонна спорт институтун 2 кууруһун устудьуона, наартаны ыстаныыга Арассыыйа Кубогын призера Георгий Софронов.

Киһиэхэ төрөөбүт дойдута

-Николай Николаевич, Мавра Борисовна Софроновтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтүм. Төрөппүттэрим успуорка уһуйан улаатыннарбыттара. Мин оҕо сааһым олус сырдык, былыта суох далай халлааннаах, күөх алааска лыах көтөрүнүү ааспыта.

Биллэн турар, хас биирдии киһиэхэ дойдута саамай күндү. Билигин куоракка олороммун, төрөөбүт түөлбэбин ахтарым күүһүрэн иһэр. Дойдум ыраас салгыныгар, үрдүк хайаларыгар өрүүтүн тардыһабын.

Наарта – турукпун күүрдэр дьарык

Быраабылата: Атаххын хамсаппакка 5 сөкүүндэттэн уһуннук турбаккын, наартаны миэстэтиттэн хамсатыа суохтааххын.

-Наартаҕа кыра эрдэхпиттэн дьарыктанабын. Маҥнайгы кылааска киириэм иннинэ бастакыбын холоммутум. Кыра эрдэхпиттэн наартаны көрөн билэр, умсугуйар буоламмын, миэхэ чугас успуорт көрүҥэ буолбутун билбэккэ да хаалбыппын. Хотугу многоборьеҕа Саха сирин успуордун маастара буолабын. 14-15 саастаах уолаттарга (1000 наарта, үрдүгэ 40 см.), 16-17 саастаах юниордарга (720 наарта, үрдүгэ 50 см.) уонна эр дьоҥҥо наартаҕа Саха сирин рекордсменабын (1010 наарта, үрдүгэ 50 см).

Куруутун өйүүр тириэнньэрдэрбинэн аҕам, убайдарым Петр Софронов, Анатолий Сыромятников уонна Альберт Иванов буолаллар.

Бүгүҥҥүнэн буолбакка, сарсыҥҥынан олоробун

-Успуорт олохпор кыра эрдэхпиттэн улахан суолталаах. Өр спордунан дьарыктамматахпына, ис турукпар тута биллэр. Онон саалаҕа бара турабын…

Үөрэххэ киириэхпиттэн, саха ыччата олус дьоҕурдаах, тус санаалаах, ураты интэриэстээх эбит дии санаатым. Төһө да атын-атыттарбытын иһин, олус түмсүүлээхпит. Устудьуон олоҕум көхтөөх, чаҕылхай. Дьарыктарга хара көлөһүнүм мээнэҕэ тохтубатын билэбин. Сылтан сыл спорка үгүс сайдыы, ситиһии, кыайыы кэлиэхтэрэ диэн олус эрэнэбин!

+1
6
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0