Владимир Солодов: «Биисинэһи сайыннарыы Өймөкөөн оройуонун кыһалҕаларын быһаарыаҕа»

22.02.2019
Бөлөххө киир:

Өймөкөөҥҥө бырабыыталыстыба отчуота түмүктэннэ. Саха сирин премьер-миниистирэ Владимир Солодов баһылыктаах оробуочай бөлөх Томторго, Өймөкөөҥҥө, Уус Ньараҕа сырытта. Миниистирдэр кэбиниэттэрин баһылыга этэринэн, улууска сытыы кыһалҕалары быһаарыыга биисинэһи сайыннарыы көмөлөһүөҕэ.  

Быйылгы отчуокка тус бэйэбинэн Уус Ньараҕа кэлэрим суолталаах этэ, тоҕо диэтэххэ, бу ураты оройуон киинэ туризм сайдарыгар улахан  кыахтаах, ол эрээри манна быһаарыллыбатах үгүс боппуруос элбэх”, — диэн бэлиэтээтэ Владимир Солодов.

Кини этэринэн, олохтоохтору кытта көрсүһүү түмүгүнэн сытыы кыһалҕалар быһаарыллыахтара: ОДьКХ уонна ыраас уунан хааччыйыы, сууллар туруктаах дьиэлэр, авиация сырыытын сайыннарыы, удамыр сыаналаах авиабилиэтинэн хааччыйыы, ону тэҥэ туризм.

Оройуон сайдыытыгар урбаан күүс-көмө буолуоҕа диэн эрэнэбин. Бу эйгэҕэ төһө элбэх киһи бырайыактарынан дьарыктанар даҕаны, тыын кыһалҕалары быһаарыахпыт”, — диэн эбэн эттэ премьер-миниистир.

Санаайа Иванова, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0