Эйэлэһии минньигэһэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕынным ээ… аттыбар да сыттаргын, эн бэйэлээх эр киһини… кыра да өйдөспөт буолуу кэнниттэн өр да өр саҥарбат буолаҥҥын, айах атан кэпсэппэккин наһаа да ыараханнык ылынабын. Бу билигин эмиэ дьиэбит тымныы истиэнэтин диэки түҥнэри хайыһан баран, өрүтэ тыына утуйбута буола сытаҕын. Алта күн ааста, эн тыынаргын эрэ истэбин, уруогун толорботох оскуола оҕотун курдук харахпын утары көрбөккө, сири-буору одуулуугун.
Кыра кыыһырсыы кэнниттэн кэпсэппэтэхпит муҥур үйэ буолбут курдук. Аттыгар сытан ахтартан куһаҕан туох да суох эбит. Кууһуохпун илиим барбат, туох эрэ тохтотор. Ама маннык кыра аайы кыыһырсан баран, сыһыаммыт сойон, олох да тэйсииһибит диэн, ааккын ыҥырдым… харда суох. Хомойо, хоргута сыттыкпын кууһан баран нухарыйан бардым.
Уум быыһынан эн күүстээх илииҥ миигин кууһан ылла. Сылааһыын… бу үүммүт түгэни үргүтүмээри, сэрэниин сэрэнэн бэйэҕэр ыксары тардан, куруук күүтэр минньигэс тылларбын кулгаахпар сипсийдиҥ. Ип-итии уоскунан моонньубун нарынныык-нарыннык уураан бардыҥ. Бу нарын уостар итии суостара утуйар уубун уйгуурдан кэбистилэр. Маны эрэ күүтэ сыппыт курдук эйиэхэ хайыһан, эн тапталгар тапталынан эппиэттэһэн бардым. Барытын бүөлүү-хаайа сылдьыбыт таҥас сыыһыттан босхолонон, таҥара биэрбит таһаатынан хааллыбыт. Эн түөскэр сыстан үс төгүл күүһүрбүт сүрэҕиҥ тэбиитигэр ааппын истэн аһардым. Таптыыбын… таптыыбын уонна баҕарабын. Эйигин. Бу аптаах түгэҥҥэ эн миэнэҕин, мин эйиэнэбин. Мин эйиэхэ быһа бэринэрбиттэн дьоллоохпун. Мүөттээҕэр минньигэс уостаргын уулла-уулла уураан бардым. Эйиэхэ инчэҕэй эппинэн эриллэ түстүм. Бу түгэҥҥэ эн биһи иккиэ бэйэбит силбэһэн биир буолан, икки атахтаах үөскээн үөдүйүөҕүттэн баар имэҥ илбиһирэр үҥкүүтүн толорон бардыбыт. Эн иҥсэлээх уостаргын уурууртан уулла-уулла тохтуох курдукпун. Бу орто туруу дойдуга өссө өтөрүнэн үөскүү илик улуу дьоҕурдаах мусукаан оруолугар киирэн, миигин талбыккынан таарыйан, эйиэхэ эрэ иэйэр эппин-сииммин бүүс бүтүннүү кырыымпалыы оонньотоҕун. Иэйэр имэҥ көрөөччүтэ суох кистэлэҥ үҥкүүтүн түмүгэр тыыммыт кылгаан, сүрэхпит тэбиитэ күүһүрэн, эн хас биирдии хамсаныыгыттан астыныы амтанын амсайабын. Эн тэтимҥин тутан ааккын ааттыы, тыын быһаҕаһынан тыына сыттахпына, туллубут сэбирдэхтии мин үрдүбэр налыс гынныҥ… Бу түүн мүөттээх түгэнин сүрэхпэр дириҥник иҥэрэн эйигин куустум… тыла суох иллэһии имэҥнээх түгэнэ эн биһи тапталбытын өссө күүһүрдэн биэрдэ…. кыыһырсымыах дуу.

Хараҥаччы.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0