Алена Руфова: «Көмөҕө сайабылыанньа биэрбитим»

Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйын 11 күнүгэр нэһилиэнньэҕэ анал этиитигэр урбаан эйгэтигэр  көрүллэр көмө туһунан билиһиннэрбитэ.

Бүлүү куоратын урбаанньыта Алена Руфова тыа сиригэр урбаан билиҥҥи туругун кэпсээтэ.

edersaas.ru

Дойду үрдүнэн коронавирус дьаҥа туран, үгүс дьоҕус уонна аччыгый биисинэс тэрилтэлэрэ  үлэлээбэккэ олоробут. Кыра да көмө наада кэмэ кэллэ. Мин хас да салаанан дьарыктанабын. Билигин мороженай уонна күлүүс оҥорор салааларым үлэлээбэккэ тураллар. 12 тыһыынчалыы көмөҕө сайабылыанньа биэрбитим. Улуус мунньаҕын  быһаарыытынан, ЕНВД, ол эбэтэр киириэхтээх дохуот нолуога аччатыллыбыта.

Ону таһынан, улуус дьаһалтата урбаанньыттарга кыра бырыһыаннаах сойуом биэрбитэ. Бу көмөнөн  ордук ыраах уонна  өрүс уҥуор олорор урбаанньыттар туһаннылар.  Билигин оҥорон таһаарар урбаан тэрилтэлэрин балаһыанньалара ыарахан. Онон болҕомто ууруллуо, көмө көрүллүө диэн эрэнэбит.

Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ”  хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0