ХОҺООННОР: Эйэ холууба

Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгин олохтооҕо, чөл олох көхтөөх пропагандиһа, коллекционер, айар куттаах Полина Находкина — Полина-Победа бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустааҕы икки айар куонкуруска  “Кыайыы Күнэ” уонна “Дьылҕа” диэн хоһооннорунан кыайыылааҕынан тахсан, бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр —Улуу Кыайыы 75 сылыгар  уонна бэйэтин төрөөбүт күнүгэр, кэрэ-бэлиэ бэлэх оҥордо. Эҕэрдэлиибит!

                                        Полина — Победа

КЫАЙЫЫ КҮНЭ

Мин Кыайыы күнүгэр

Төрөөбүт буоламмын

Мин Кыайыы былааҕар

Кытыаннаах курдукпун.

Ол оҕо саастартан

Бэтэрээн дьоннордуун

Алтыһан бу Кыайыы

Суолтатын билэбин.

Сэбиэскэй саллааттар

Сэриигэ кыайаннар

Бу бүгүн эн бааргын,

Бу бүгүн мин баарбын.

Төһөлөөх өлүүнү

Түөстэрэ тэлбитэй?

Төһөлөөх хааннара

Толооҥҥо сүүрбүтэй?

Төһөлөөх ийэни

Түүннэри ытатан,

Төһөлөөх оҕону

Тулаайах хаалларан…

Бу Кыайыы кэлбитэй?

Бу Кыайыы буолбутай?

Ким кыайан ааҕыаҕай?

Ким сатаан суоттуоҕай?

Ол иһин туойабын,

Кыайыыны туойабын!

Элбэхпит биһиги

Кыайыыттан төрөөбүт!

"Дьоруой Ийэ Феврония Малгина мэтириэтэ" С.Луканси. 2020 с. Биэс уолбуттан биир эмэ оҕом кэлиэ диэн 1978 сыллаахха диэри эрэнэ кэтэспит ийэҕэ ананар...

ДЬЫЛҔА. МАЛГИННАР

Малгиннары сахаҕа

Билбэт киһи суох буолуо,

Уоттаах сэрии кэмигэр

Толук буолбут биэс уолу.

Үрүҥ күнү көрдөрбүт

Ийэлэрэ барахсан

Көмүскэтэ куурбакка

Күрэннэҕэ бу сиртэн.

Ити Ийэ түөстэрин

Хайа мэтээл киэргэтиэй?

Уулла суохтуур дууһатын

Ханнык уордьан уоскутуой?

Кини кистээн ытаабыт

Харахтарын уулара

Уолаттарын аатыгар

Гранит тааска иҥнэҕэ.

Дьылҕа оннук өрүттээх

Кылгас-уһун үйэлээх:

Сорох тута умнуллар,

Сорох өлбөт үйэҕэ.

УЛУУ КЫАЙЫЫ

Улуукан Кыайыыбыт

Үбүлүөй сааһынан

Үлэһит норуоту

Уруйдуох, айхаллыах!

Кыайыыны уһансан

Хайа дьай сэрииттэн

Кэлбэтэх, кэлбит да

Саллаакка бокулуон!

Хонуктар, сыллар да

Аасталлар даҕаны

Умнууга хаалбаттар

Ол хорсун саллааттар.

Кэнчээри ыччаппыт,

Эн умнар буолума

Хайдахтаах сыранан

Бу кыайыы кэлбитин.

Дьоллоохпут!

Эн эһэҥ, мин эһэм

Кыайыыны уһансан

Бу бүгүн эн бааргын,

Бу бүгүн мин баарбын.

Хас оҕо бврыта

Эһээтэ, эбээтэ

Кыайыыга дьулуһан

Кыайыыны аҕаалта.

Ол иһин биһиги

Дьоллоохпут бу бүгүн,

Эйэлээх үйэҕэ

Үүнэбит-сайдабыт.

ЭЙЭ ХОЛУУБА

«Туохтан үөрдүҥ эн бүгүн?»-

Ыйыттылар миигиттэн

«Кыайыы күнэ, үөрүү күнэ»-

Эппиэттээтим мин күүскэ.

Былаах тутан, шарданан

Хаамтым үөрэ сэлэлии,

Аҕам холууп оҥордо

Өрүү ЭЙЭ  буоллун диэн.

КИЭН ТУТТА

Үүннэ бүгүн Кыайыы күнэ!

Үүннэ Улуу сүдү күн!

Күүстээх норуот үөрэр күнүн

Уруйдуубут оҕолуун!

Мэтээл кэтэр бэтэрээннэр

Өлөн-сүтэн бүппүттэр.

Эһээм киэнин бэйэм кэтэн

Хаамтым дьиэбэр киэн тутта!

Муус устар-ыам ыйа, 2020 с.

Сүрүн хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0