Эһэм кэпсээннэриттэн

Ааптар:  Сардаана Барабанова
01.05.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Биир үтүө күн эһээм Барабанов Юда Яковлевич матасыыкылынан оттоон испит.

Айаннаан истэҕинэ, арай бу сиргэ хаһан да көрсүбэтэх нуучча дьахтардаах эр киһи тохтоппуттар. Эһээбиттэн ханнык эрэ сир аатын ыйыппыттар уонна онно быраҕан кулу диэбиттэр. Ыйбыт сирдэрэ айанныыр, дьиэлиир суолун аара баар эбит. Олорсубут дьоно өссө куул сүгэһэрдээхтэрэ үһү. Айаннаан иһэн биир да тылы саҥарбатахтар, бааллара-суохтара биллибэт, кэпсэтинньэҥэ суох аргыстар буолан биэрбиттэр. Ыйыллыбыт миэстэлэригэр чугаһаан иһэн, эһээм арай өйдөөн көрбүтэ, били дьахтардаах эр киһитэ суохтара үһү. “Тыый, аны аһары түргэнник айан­наан дьону эмсэҕэлэттим дуу”, – дии-дии кэлбит суолун көрүтэлээбит. Нууччалар хаампыт, охтубут суоллара да суох үһү. Соһуйуу бөҕөтүн соһуйан дьиэтигэр тиийбит. Дьонугар кэпсээбэтэх. Арай ити киэһэ киһи ууга түстэ диэн сурах иһиллибит. Эһэм ыйыталаһан билбитэ, ууга түспүт киһи нууччалары сүтэрбит сирин чугаһыгар суорума суолламмыт эбит. Бокуонньук, эһээм этэринэн, төрдө-ууһа нууччалар үһү.

Аны биир түбэлтэтэ күһүн кус сезона аһыллыбыт кэмигэр буолбут. Эһээбин кытта табаарыһа дэриэбинэ чугаһыгар биир күөлгэ кустуу тахсыбыттар. Дурдаларын оҥостон, кустарын кэтии сыппыттар. Арай хантан эрэ, ыраах соҕус сиртэн хаһан да истибэтэх кэрэ куоластаах киһи ыллыыра иһиллибит. Ырыа чугаһаатар чугаһаан, дуораһыйдар дуораһыйан испит. Онтон киһи дьиктиргиэх, ыллааччыта олох да суох үһү. Ырыа ис хоһооно киһиэхэ кыа­йан өйдөммөт эбит. Биир кэм халлааҥҥа киһи көтө сылдьан ыллыырын курдук буолан сипит. Ырыа олох үөһээ халлааҥҥа тиийэн сүтэн хаалбыт. Көстүбэт киһи кэрэттэн кэрэ куоластааҕын эһээм сөҕөр, махтайар.

Амма, Болугур.

1994 сыл муус устар 6 күнүнээҕи , “Эдэр саас” хаһыаттан.

 

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
1