Егор Неймохов «Хапсыhыы» сэhэнэ иккиhин таҕыста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Народнай суруйааччы Егор Неймохов быйыл саас төрөөбүтэ 70 сылын туолла.

 еdersaas.ru

Хамсык ыарыы өрө турбатаҕа буоллар, кини бу бэлиэ үбүлүөйүн суруйааччылар, суруйааччы айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэр, төрөөбүт-үөскээбит дойдутун Мэҥэ Алдан дьоно-сэргэтэ үөрүүлээхтик бэлиэтиэ этилэр.

Cуруйааччы доҕоро, учуонай, фольклорист Василий Илларионов суруйааччы саҥа кинигэтин туһунан бу курдук кэпсиир:

Харантыын буолуон иннинэ Егор Неймохов аатын сүгэр орто оскуола үөрэнээччилэрэ учууталларын кытта Санкт-Петербург — Ытык Ильмень маршрутунан сылдьан, кэмпэриэнсийэ ыытан, көрсүhүүлэри тэрийэн кэлбиттэрэ. Томпо улууhун дьаhалтата үбүлээн, Егор Петрович ахтыыларын түмэн «Сэргиир, таптыыр хараҕынан» диэн сонун кинигэни бэрэпиэссэр Гаврил Филиппов уонна народнай суруйааччытын аатынан  Мэҥэ Алданнааҕы мемориальнай мусуой үлэhиттэрэ бэлэмнээн, «Көмүөл» кинигэ кыhатыгар таһааттарда.    Кинилэргэ улахан махтал буоллун.

Онтон «Бичик» кинигэ кыhата суруйааччы  «Хапсыhыы» сэhэнин «Саха народнай суруйааччылара» сиэрийэҕэ  бастакы туомунан бэчээттээн күн сирин көрдөрдө. Ол аата кэлин да Егор Петрович ааҕааччылар да, литература боппуруостарынан дьарыктанар учуонайдар да биhирээбит айымньыларын сыыйа бу сиэрийэҕэ бэчээттээн таhаарыахтарыгар эрэниэххэ сөп.

«Хапсыhыы» суруйааччы үбүлүөйүнэн сибээстээн, маҥнайгы туомунан киирбитэ сөптөөх. Егор Петрович суруйааччы быhыытынан бу сэhэнинэн ааҕааччылырга аан маҥнай биллибитэ. Кини устудьуон эрдэҕиттэн спортсменнары кытта уопсай тылы булара. Биир кэмҥэ биhиги кэммит биллиилээх спортсменнара Иван Гороховы, Николай Санниковы кытта биир хоско олорбуттара. Кэлин да Иван Ивановичтыын доҕордуу, табаарыстыы этилэр. Тустууктары ааҕа билэрэ, ким ханна хайдах тустубутун барытын билэрэ. Маҥнайгы кууруска тустуу сиэксийэтигэр сылдьыбыппыт баара да, биhигиттэн тустуук тахсар кыаҕа суоҕун эрдэ билэн тохтообуппут. Солбуллубат старостабыт Ганя Филиппов бэркэ тустуох эбит этэ да, үөрэҕи өрө тутан, наука суолун тутуспута. Володя Андросов диэн бэйэтин кэмигэр аатырбыт тустуук биhигиттэн үрдүкү кууруска үөрэнэрэ. Сотору-сотору сборга сылдьара, бэрт көнө көссүө табаарыс этэ. Сбортан уонна күрэхтэhиилэртэн кэллэ да, биhиги хоско хайаан да сылдьара, Гошаҕа сувенирдаах буолара. Хайа эрэ учуутал хатыhан, үөрэҕиттэн уурайбыта, онтон олох очурдарыгар охсуллан, олохтон туораабыта. 

Сэhэҥҥэ кэпсэнэр дьоруойдар эрчиллииттэн эрчиллиигэ, тыҥааhыннаах күрэхтэhиилэргэ, улахан таhымнаах көбүөрдэргэ кииллийэн, кыайыы туhугар бары албастарын, кыахтарын, өйдөрүн-санааларын түмэн, сытыытык киирсэллэрин тустуу ымпыгын-чымпыгын барытын сиhилии итэҕэтиилээхтик арыйан көрдөрбүтэ. Итини тэҥэ улахан тустуу кытаанах тыйыс ирдэбилин, кыайыы-хотуу  үөрүүтүн, чиэстээhини, хайҕалы тулуйбакка, онно эбии тустуук кыайыытын-хотуутун сууйааччы, илим-салым түhээччи элбэҕэ, очурга да оҕустарыы баара эмиэ көстөр. Суруйааччы сэhэнин сүнньэ көбүөргэ эрэ буолбакка, олоххо мэлдьи кытаанах хабыр хапсыhыы баарын дьүhүйэн көрдөрүүтэ итэҕэтиилээхтик көстөр.

Билиҥҥи кэм биллиилээх литературоведа, бэрэпиэссэр Варвара Окорокова  народнай суруйааччы айымньыларын барытын олоххо хапсыhыы курдук көрбүтэ мээнэҕэ буолбатах. Егор Неймохов «Хапсыhыы» сэhэнэ кини айар улэтин аартыгын арыйбыт дьоhуннаах сэhэнинэн буолар. Ол да иhин кини айар үлэтин түмэн көрдөрүөхтээх «Саха народнай суруйааччылара» сиэрийэҕэ бастакы туомунан киирбитэ сөптөөх.

Салгыы саха литературатын кэнники кэмнээҕи бэлиэ айымньыларынан билиниллибит «Сайсары күөлгэ түбэлтэ», «Көтүү» сэhэннэрэ, «Быhах биитинэн», «Алампа» арамааннара бу сиэрийэҕэ тахсыахтара диэн эрэнэ саныыбын.  

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0