Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, саха норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай уонна Саха сирин Хомсомуолун, САССР ИДьМ бириэмийэлэрин лауреата, Томпо улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ (2007-2011 сс.) Егор Петрович Неймохов төрөөбүт күнэ (30.03.1950).
edersaas.ru
Ааҕааччы билиниитин, норуот тапталын ылбыт суруйааччы Егор Неймохов Томпо оройуонун Мэҥэ Алдан сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
1973 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын история-филология факультетын бүтэрбитэ. «Эдэр коммунист» хаһыат кэрэспэдьиэнинэн, Тыл, литература уонна устуоруйа институтугар лаборанынан, «Хотугу сулус» сурунаал отделын сэбиэдиссэйинэн уонна кылаабынай эрэдээктэри солбуйааччынан, «Саха сирэ» хаһыат отделын эрэдээктэринэн, ССКП ОК култуураҕа отделын инструкторынан, «Аргыс» уонна «Айсберг» сурунааллар кылаабынай эрэдээктэрдэринэн үлэлээбитэ, СГУ саха литературатыгар кафедратын дассыана.
1993 сыллаахха СӨ бэрэсидьиэнин дьаһалтатыгар судаарыстыбаннай наҕараадалар хамыыһыйаларын эппиэттиир сэкирэтээрин дуоһунаһыгар үлэлээбитэ. Санкт-Петербурга СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлин сүбэһитинэн анаммыта. Онтон 1999 сыллаахха Саха сиригэр төннөн, «Саха сирэ» хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн, СӨ массыына суолун тутууга дириэксийэтин сүрүн исписэлииһинэн, «Дорожник Саха» хаһыат эрэдээктэринэн, социальнай страховка эрэгийиэннээҕи пуондатын отделениетын управляющайын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ.
ххх
Суруйааччы «Сэргэлээххэ саас этэ» бастакы кэпсээнэ 1975 сыллаахха «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммитэ. Ааптарга норуот билиниитин аҕалбыт «Хапсыһыы» (1983 с.) диэн сэһэнэ Саха хомсомуолун бириэмийэтинэн бэлиэтэммитэ. 2000-2012 сылларга ааптар «Таптал түөрт кэмэ», «Хара мааска», «Ильмень үрдүнэн туруйалар», «Алампа» уо.д.а. улахан айымньылары суруйан бэчээккэ таһаарбыта.
Ону таһынан толору кээмэйдээх бастакы киинэлэргэ сценарийдары суруйбута. Олортон биирдэстэрэ «Хара мааска» 2003 сыллаахха Москваҕа детектииптээх киинэлэр аан дойдутааҕы бэстибээллэригэр «Лучшее игровое кино» номинанацияҕа 6 иһигэр киирбитэ.
Суруйааччы олоҕун кэнники сылларыгар арамаан жанрын баһылаабыта. 2005 сыллаахха «Быһах биитинэн» историческай арамаана күн сирин көрбүтэ. «Алампа» диэн бүтэһик дилогия-арамаана 2012 сыллаахха бэчээттэммитэ. Арамааны Е.Ю.Каминскай нууччалыы тылбаастаан, киэҥ араҥаҕа таһаарбыта.
Егор Петрович ону сэргэ Ю.Сергеев «Ыраахтааҕылыы бултааһын» кинигэтин сахалыы тылбаастаабыта, П.Пинигин «Олимпиадаҕа айан» кинигэтигэр үлэлээбитэ.
Кини 2011 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр орто дойду олоҕуттан күрэммитэ.
Айымньылара:
«Тустууга анаммыт олох» (1980 с.), «Хапсыһыы» (1983 с.), П.Пинигин «Олимпиадаҕа айан» (1984 с.), «Көтүү» (1986 с.), «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» (1988 с.), «Хаһыы» (1992 с.), «Таптал түөрт кэмэ» (2000 с.), «Хара мааска» (2002 с.), «Быһах биитинэн» (2005 с.), «Ильмень үрдүнэн туруйалар» (2004 с.), «Алампа» икки кинигэлээх арамаан (2006, 2009 сс.), «Эр киһи уонна дьахтар» (2010 с.), «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» (2013 с.).
Належда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru