Егор Неймохов олорбут дьиэтигэр – өйдөбүнньүк

17.11.2016
Бөлөххө киир:

Cаха сирин норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Томпо улууһун бочуоттаах гражданина, прозаик уонна публицист Егор Неймохов 29 сыл олорбут уонна үлэлээбит дьиэтигэр (Кальвица уул. 9/1.) өйдөбүнньүк дуоска туруорулунна.

Суруйааччы олоҕун аргыһа, кини аатын үйэтитиигэ элбэх үлэни ыытар Мария Неймохова:

«Өйдөбүнньүк дуоска бу дьиэҕэ туруоруллубута мээнэҕэ буолбатах. Манна биһиги оҕолорбут төрөөбүттэрэ уонна улааппыттара, кэргэним айымньылара үксэ манна суруллубуттара. Кини айымньытынан туруоруллубут «Мой убийца» киинэ Арассыыйаҕа киэҥ прокакка тахсан, бэҕэһээ дойду тэбэр сүрэҕэр аан бастаан көрдөрүлүннэ, онтон бүгүн, Сомоҕолоһуу күнүгэр, өйдөбүнньүк дуоска баар буолла. Арассыыйаҕа Литэрэтиирэ сылыгар Е.Неймохов үс айымньыта бэчээккэ тахсыбыта итиэннэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков туһунан пьесата Дьокуускай к. баһылыгын бириэмийэтигэр тиксибитэ олус кэрэхсэбиллээх. Кэргэним мөссүөнүн үйэтиппит Саха сирин норуодунай худуоһунньуга, Егор Петрович доҕоро, биир дойдулааҕа Максим Павловка, СӨ Ил Дарханыгар, бырабыыталыстыбатыгар, кэргэним доҕотторугар, суруйааччыларга дириҥ ытыктабылым ананар», – диэн бүгүн Егор Неймохов сырдык аатын үйэтитиигэ мустубут дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн махтанна.

memorialnaya-doska

СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин эҕэрдэ тылыгар норуодунай суруйааччы Е.Неймохов саха уонна Арассыыйа литэрэтиирэтигэр биллэр-көстөр суолу хаалларбытын бэлиэтээтэ. Суруйааччы искусство араас көрүнэр, ол иһигэр тыйаатырга уонна киинэҕэ, бэйэтин кылаатын киллэрдэ. Айымньылара киинэҕэ, литэрэтиирэҕэ саҥа холонор эдэр дьоҥҥо үтүө холобуру көрдөрөллөр, айарга-тутарга көҕүлүүллэр, саха литэрэтиирэтэ салгыы сайдарыгар олук уураллар.

«Саха литэрэтиирэтин улахан доҕоро, бэйиэт Евгений Каминскай суруйааччы «Алампа» арамаанын тылбаастаан, киэҥ араҥаҕа таһаарда. Онон, Егор Петрович суруйуулара өрүүтүн тыыннаахтар уонна саха дьоно баарын тухары биһиги киэн туттуохпут. Кини айымньылара ыччаты иитэргэ, сахалар улуу дьонноох этибит диэн өйдөбүл үөскүүрүгэр бигэ тирэх буолаллар», – диэн Олег Сидоров санаатын тириэртэ.

СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин эппитинии, Егор Петрович айымньылара саха дьонугар элбэҕи биллэриэхтэрэ, олоҕу таптыырга дьулууру үөскэтиэхтэрэ, билиини ыларга, кырдьык туһугар туруулаһан кэпсэтиигэ ыҥыра туруохтара. Ханнык баҕарар саха оҕото ийэтин сылаас алаадьытын үөрэ-көтө амсайарын, ахтарын курдук, кини айымньылара өрүү ахтылҕаннаахтар.

Надежда ЕГОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0