Егор Ларионов: «Киһи кыахтааҕын тухары үлэлиэхтээх-хамсыахтаах, үүнүөхтээх-сайдыахтаах»
Саха норуотун биир чулуу уола, биллиилээх бэлиитиичэскэй диэйэтэл Егор Михайлович Ларионов бу дьыл ахсынньы 4 күнүгэр 80 сааһын бэлиэтиир.
90-с сылларга Саха өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэниитигэр үлэлэспит, СӨ судаарыстыбаннай Суверинитетын, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонун оҥорсубут, өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Түмэни тэрийсибит Егор Михайлович Ларионов ыалдьыттыыр.
ЧУГАС ДЬОНУМ БААР БУОЛАН
Үөрэхпин, идэбин, үлэбин талыыбар чугас дьонум сабыдыала улахан. Бастакынан, төрөппүттэрбин, үйэ аҥара бииргэ олорбут күндү кэргэммин Ларионова Степанида Степановнаны, Нам оройуонунааҕы хомсомуол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Иннокентий Кривошапкины уонна Нам оройуонунааҕы баартыйа кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрин Степан Платоновы, бастакы учууталбын Туласынова Анна Яковлевнаны ахтан ааһыахпын баҕарабын. Кинилэр баар буоланнар үөрэхтэнэн, үлэлээн, сайдан, олоҕум суолун сөпкө тутуһан кэллим дии саныыбын.
Ийэм Матрена Даниловна, аҕам Михаил Яковлевич төһө да үөрэҕэ суох буоллаллар, өйдөрүгэр суоттуулларын кыра эрдэхпиттэн сөҕө-махтайа көрөрүм. Кинилэр миигин, тоҕус оҕоттон тутан хаалбыт соҕотох мурун бүөтэ уолларын, хайаан да үөрэхтээх киһи буолаар диэн иитэн-такайан улаатыннарбыттара.
Кэргэммин Степанида Степановнаны кытта оҕо эрдэхпититтэн билсэр этибит. Кини биһиги дьиэ кэргэн туллубат тутааҕа, акылаата этэ. Хайа да түгэҥҥэ кини миигин өйүүрэ, өйдүүрэ… Дьоллоох киһи бэйэтин дьиҥ аҥаарын көрсөн, олох эндирдээх суолунан уһуннук бииргэ айанныыр.
Тоҕус сааспар оскуолаҕа киирээри аттаах киһиэхэ мэҥэстэн барбыппын бу баар курдук өйдүүбүн. Ити сэбиэт бэрэссэдээтэлэ миигин Хамаҕатта оскуолатыгар интэринээккэ олохтоон үөрэттэрээри илдьибит түгэнэ этэ. Ол сыл атахпын бүлгүрүтэн баран, куттанан улахан дьоҥҥо эппэккэ сылдьан, баалатан кэбиһэн, сатаан хаампат буолбутум. Улахан кылаас оҕолоро хаардаахха салаасканан соһон, хара сир тахсыбытыгар сүгэн оскуолаҕа илдьэллэрэ. Онтон Намынан, Дьокуускай куоратынан эмтэнэн, үтүөрэн, билигин да үрүҥ халааттаах аанньаларга – быраастарга махталым муҥура суох.
Үтүөрэн, Хамаҕатта сэттэ кылаастаах оскуолатыгар төннүбүппэр, бастакы кылааска анаабыттара. Онуоха бастакы учууталым Туласынова Анна Яковлевна, миигин үчүгэйдик нууччалыы билэр, нуул кылааска ситиһиилээхтик үөрэммитэ диэн иккис кылааска ыллаттарбыта. Сэттис кылаас кэнниттэн, Намҥа салгыы үөрэнэ киирбиппэр, сааһыҥ наһаа ырааппыт диэн оскуолаҕа ылбатахтара. Ону эмиэ учууталым барахсан Анна Яковлевна истэн, Намҥа киирэн кэпсэтэн, быһаарсан, оскуолаҕа салгыы үөрэммитим. Онон оскуоланы бүтэрэн, үрдүк үөрэхтэн маппатах дьолум күндү учууталым өҥөтө буолар.
Оскуола кэнниттэн, Намҥа хомсомуол оройуоннааҕы кэмитиэтин инструкторынан, онтон иккис сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан, историк үөрэҕэр туттарсар баҕа санаалаах этим. Райкомол бастакы сэкирэтээрэ Степан Николаевич Платонов ыҥыран ылан, Свердловскайга юридическай институкка үөрэнэ бар диэн сүбэлээбитэ. Эксээмэннэри этэҥҥэ туттаран, үөрэххэ киирэн хаалбытым.
Үөрэхпин бүтэрэн баран, СӨ Үрдүкү суутугар консультант быһыытынан аҕыйах ый үлэлээбитим. Ити саҕана судьуйалар быыбарынан талыллан ананар этилэр. Мин быыбарга кыайан Ленскэйгэ судьуйанан ананан түөрт сыл үлэлээбитим. Сылга 120 холуобунай, ону таһынан элбэх гражданскай дьыаланы көрөр этим.
ГАВРИЛ ЧИРЯЕВ ТУҺУНАН АҔЫЙАХ ТЫЛ
Ленскэйтэн Дьокуускайга ыҥырыллан, баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтигэр инструкторынан үлэлии сырыттахпына, кэмитиэт бастакы сэкирэтээрэ Гаврил Иосифович Чиряев ыҥыран, үөрэххэ ыытыахпыт, ол иннинэ баартыйа обкомун салалтатыгар инструкторынан үлэлээ диэбитэ. Икки сыл үлэлээбитим кэнниттэн, эмиэ кини ыҥыран, Хабаровскайдааҕы баартыйа үрдүкү оскуолатыгар үөрэххэ алҕаан ыыппыта.
Гаврил Чиряев үлэтин истиилэ олох тосту ураты этэ. Кэбиниэтигэр киирбит хас биирдии киһини кытта, ким да буоллун, утары хааман кэлэн илии тутуһар этэ. Мин ол саҕана эдэр буолан итиннэ болҕомтобун уурбат этим. Кэлин хайдах курдук ураты, көнө майгылаах, дьоҥҥо барытыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар киһи буоларын өйдөөбүтүм. Хабаровскайга үөрэнэ сылдьан, кинини бүтэһик суолугар атаара кэлбиппэр, куорат дьоно барыта тахсыбыт курдуга, улуустартан эмиэ элбэх дьон кэлбитэ. Гаврил Чиряев ити курдук дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ этэ.
ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ ТӨРҮТ СОКУОНА 28 СЫЛЫН ТУОЛАР
1989 сыллахха Нам оройуонуттан СӨ Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутаатынан талыллыбытым. Онно үлэлии сылдьан юрист идэлээх буоламмын, Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин сокуону оҥорор кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан анаммытым.
90-с сылларга дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаламмыта. Ити саҕана өрөспүүбүлүкэ салалтата сөпкө дьаһанан, биһиэхэ улахан айманыы, ыһыллыы тахсыбатаҕа.
1989 сыллаахха Михаил Николаев Сойуус ыһыллан эрэр, онон өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонун ылыныахха диэн этии киллэрбитэ. 1990 сыллаахха САССР Үрдүкү Сэбиэтин судаарыстыбаннай суверинитетын туһунан Декларацияны, онтон Саха өрөспүүбүлүкэтин ыстаатыһын эбэтэр атыннык эттэххэ, аччыгый Төрүт Сокуону ылыммыппыт. Бу аччыгый Төрүт Сокуон сүрүн Төрүт Сокуон ылыныллыар диэри үлэлээбитэ.
1992 сыллаахха Арасыыйаҕа Федеративнай дуогабар баттаммыта. Бу дуогабарга биһиги өрөспүүбүлүкэбит туруорсубут этиилэрэ бары киирбиттэрэ. Ол курдук Саха сирин сирэ-уота, сиртэн хостонор баайа, тэрилтэлэрэ өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирбиттэрэ. Федеративнай дуогабарга национальнай өрөспүүбүлүкэлэр балаһыанньалара өссө тупсарыллан киирбитэ.
1992 сыла муус устар 24 күнүгэр Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин сиэссийэтигэр, Арассыыйа Төрүт Сокуону ылынарын кэтэспэккэ, өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонун ылыммыппыт. Бу сокуону оҥорорго икки сыл үлэлээбиппит.
Төрүт Сокуон бэчээккэ тахсыбыт муус устар 27 күнүттэн олоххо киирэн үлэлээн барбыта. Бу 2020 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона ылыныллыбыта 28 сылын туолар.
АРАССЫЫЙА ТӨРҮТ СОКУОНУН ЫЛЫНЫЫ
Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлии олордохпуна, эрэгийиэн аайыттан иккилии киһини Арассыыйа Үрдүкү Сэбиэтигэр Төрүт Сокуону оҥорор хамыыһыйаҕа ыытыҥ диэн Москваттан сурук кэлбитэ. Онно өрөспүүбүлүкэ аатыттан мин уонна Конституционнай суут бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Дмитриевич Петраков буолан барбыппыт. Барыта 114 киһилээх хамыыһыйа 1,5 сыл курдук үлэлээбитэ. Үлэлииргэ олус ыарахан кэм этэ. Барыта үс бырайыак үөрэтиллибитэ. Мөккүөр да олус элбэҕэ.
Онтон дойдуга уларыйыы буолан, Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтэ ыһыллыбыта. Мин дойдубар Намҥа тиийэн олордохпуна, эмискэ Москваҕа Төрүт Сокуону салгыы оҥоро барыҥ диэн илдьит кэлбитэ.
Эрдэ оҥоһулла турбут Арассыыйа Төрүт Сокуонугар киин былаас субъектары кытта дуогабарынан, сөбүлэһиинэн үлэлиир диэн этии киирбитэ. Тиийбиппит ол сотуллубут этэ. Сүүстэн тахса киһиттэн, сүүрбэ түөрт эрэ буолан иккистээн ыҥырыллан үлэлээбиппит. Элбэх мөккүһүү, быһаарсыы кэнниттэн Арассыыйа Төрүт Сокуонугар “өрөспүүбүлүкэ” диэн тыл кэнниттэн ускуопкаҕа “судаарыстыба” диэн тыл суруллубута. Улахан мөккүөрдээх иккис боппуруоһунан суут систиэмэтэ уонна прокуратура уорганнарын балаһыанньата буолбута. Субъектар борокуруордара парламент нөҥүө ааһар, бигэргэнэр буолбуттара. Төрүт Сокуоҥҥа бу билигин суох.
Үһүс улахан ситиһиибит – сиртэн хостонор баай бу сиргэ олорор норуот бас билиитигэр киирэр диэн биһиэхэ олус наадалаах этии Төрүт Сокуоҥҥа киирбитэ.
Федеративнай дуогабар Төрүт Сокуон иһигэр киирэр диэн бастакы хамыыһыйа ылыммыт быһаарыыта олоххо киирбэтэҕэ. Бүтэһик мунньахха Борис Ельцин Федеративнай дуогабар Төрүт Сокуоҥҥа киирэрин туһунан этии сотулунна диэн тыл эппитэ. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэр бэрэстэбиитэллэрэ бары аймана түспүппүт. Мин тыл этээри тута илиибин көтөхпүтүм да, Борис Ельцин кими да көрбөккө-истибэккэ тахсан барбыта.
ТӨРҮТ СОКУОҤҤА КИИРЭР УЛАРЫТЫЫЛАР ТУСТАРЫНАН
Билигин Арассыыйа Төрүт Сокуонугар киирээри турар уларытыылартан Дуума, Федерация Сэбиэтин боломуочуйалара үрдээбиттэрин өйүүбүн. Госдуума бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин аныыр, устар кыахтанар. Билигин маннык суох. Онон парламент хонтуруола олохтонор. Бу сөптөөх быһаарыныы дии саныыбын.
Сир-уот боппуруоһугар сыһыаннаах уларытыы киирээри турарыгар болҕомтону ууруохха наада. Арассыыйа ханнык баҕарар эрэгийиэнигэр туспа былаастаах, кыраныыссалаах сири-уоту үөскэтэр бырааптаах диэн эбии Төрүт сокуоҥҥа киирэр эрэр. Манна боппуруос элбэх. Дойдуга экэниэмикэ эбэтэр экология өттүгэр куттал суоһаатаҕына, бу маннык федеральнай сир-уот тэриллэр кыахтаах диэн ааптардар быһаараллар. Эмискэ сүүһүнэн маннык сир-уот тэриллиэ суоҕа. Ол эрээри манна эрдэттэн дьаһаныахха наада. Ил Түмэн бырабыыталыстыбаны кытта ыкса үлэлээн, бу боппуруоска бэлэм буолуохтаах. Сөптөөх саҥа сокуон ылыныллыахтаах эбэтэр өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонугар уларытыы киллэриллиэхтээх. Маннык боппуруостарга ыытыллар үлэ киин былааһы кытта дипломатия уонна бэйэ-бэйэни өйдөһүү суолунан тэриллиэхтээх.
Ил Түмэн 90-с сылларга ылыммыт эбээһинэстэрин урут да, билигин да толоро олорор. Ол курдук норуот туһугар үлэлиир, өрөспүүбүлүкэ интэриэһин көмүскүүр сокуону ылынар, сокуон олоххо киирэрин хонтуруоллуур.
ТҮМҮККЭ
Бииргэ үлэлии сылдьыбыт үөлээннээхтэрбин, норуот дьокутааттарын ааттаталаан тураммын, дойдуларыгар бэриниилээх үлэлэрин иһин махтаныахпын баҕарабын. Кинилэр төрөөбүт дойдуларыгар, норуоттарыгар олус бэриниилээх, бэйэлэрэ туспа көрүүлээх норуот талбыт дьокутааттара буолаллар. Афанасий Илларионов, Георгий Артемьев, Андрей Кривошапкин, Артур Алексеев, Александр Власов, Дмитрий Попов, Макар Яковлев, Михаил Санников, Михаил Гуляев, Анатолий Голдьман, Анатолий Данилов, Ульяна Винокурова, Алексей Шишигин, Прокопий Иванов – өрөспүүбүлүкэ интэриэһин көмүскэспит уонна билигин да көмүскэһэ сылдьар дьиҥнээх патриот дьон. Маннык үтүө хаачыстыбалаах норуот дьокутааттара баар буоллахтарына Ил Түмэн күүһүрэр.
Мин 70 сааспар биэнсийэҕэ тахсыбытым. Олоҕум учуутала, Сунтаар улууһун Тойбохой олохтооҕо, Саха сиригэр кыраайы үөрэтэр оскуола мусуойун бастакы төрүттээччи, Тойбохой оскуолатыгар 70 сыл учууталлаабыт, СӨ бочуоттаах олохтооҕо, РСФСР, САССР үтүөлээх учуутала Георгий Евдокимович Бессонов 70 сааһыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Онно мин, орто саастаах киһи Георгий Евдокимовичтан 55 сааскын туолан баран тоҕо биэнсийэҕэ тахсыбатаххыный диэн ыйыппыппар: “Биэнсийэҕэ таҕыстыҥ да, үлэ үлэ буолбат, олох олох буолбат. Эдэр киһи биэнсийэҕэ тахсар сааһы күүтэриҥ табыллыбат”, — диэн хоруйдаабыта. Онон учууталым этиитин ылынаммын биэнсийэҕэ хойут тахсыбытым.
Биэнсийэҕэ олорон, автобиографическай туһааннаах «Олох кырдьыга» диэн кинигэ суруйан таһаардым. Ити кинигэм иккис чааһын таһаартарар толкуйдаахпын. Ил Түмэн уопсастыбаннай консультативнай сэбиэтин чилиэнэбин. Дэҥ-дэҥ Ил Түмэҥҥэ ыҥырыллан, мунньахтарга кыттабын. Матырыйаал үөрэтэ биэрдэхтэринэ, бэйэм санаабын, толкуйбун биллэрэбин. Төһө күүс баарынан сүбэлии, көмөлөһө сатыыбын.
Киһи кыахтааҕын тухары үлэлиэхтээх-хамсыахтаах, үүнүөхтээх-сайдыахтаах. Үлэҕит үлэ буоллун, олоххут олох буоллун!
Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.