Егор Филиппов: “Улахан сыранан кыайдым, аны, сайыҥҥы күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэниэм”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт субуотаҕа «Триумф» Спорт киинигэр «Дыгын оонньууларын» сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай бирииһигэр саха төрүт оонньууларыгар «Чөмпүйүөн Кубога» турнир буолла. Спорду сэҥээрээччилэр өртөн күүппүт күрэстэригэр кыайыылааҕынан Хаҥалас боотура Егор Филиппов таҕыста.

edersaas.ru 


Бу кыайыы улахан сыранан кэллэ. Сэрэбиэй да санаам хоту буолбатаҕа. Ол эрээри чиэһинэй киирсии буолла. Хомолтолооҕо диэн, Леонид Филиппов эчэйии ылла. Киниэхэ төһө сатанарынан түргэнник үтүөрэригэр, чөлүгэр түһэригэр баҕарабын.

Мантан ыла сыыйа сайыҥҥы күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэниэм. «Дыгын оонньууларыгар» кыттыым туһунан билигин туох да диэн эппэтим буолуо. Спорт аата спорт, инникини тымтыктанан көрбүт суох. Онон хайдах-туох буолан иһиэҕин кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэҕэ.

Быйыл дьарыккка хомулларга ыарахан соҕус этэ, салгыы күрэхтэһэргэ стимул суох курдуга. Бүгүҥҥү «Чөмпүйүөн Кубогар» кыайыым саҥа үрдэллэри дабайарбар тирэх буолуо дии саныыбын. Уолаттар да, бука, салгыы кыһыйан-абаран туран дьарыктаныахтара, бэлэмнэниэхтэрэ буоллаҕа. Онон аны сайын өссө интэриэһинэй күрэхтэһиилэр күүтэллэр.

Миэхэ ыалдьар, өйөбүл буолар дьонум күүспэр күүс эбэллэр. Оттон ол миэхэ эбии эппиэтинэһи сүктэрэр. Инникитин да кинилэри түһэн биэрбэт туһугар кыһаллыам.

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0