Егор Борисов ыччаттарга музей-балаҕанын бэлэхтээтэ

18.06.2018
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 17 күнүгэр Чурапчы улууһун киинигэр, маанылаах Маҕаайы алааһыгар, Чурапчы нэһилиэгэ сурукка киирбитэ 370 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах буолла.

Ыһыах күндү ыалдьыттарын ортолоругар чурапчылар киэн туттар биир дойдулаахтара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан үлэлээн кэлбит, билигин СӨ Судаарыстыбаннай Сүбэһитэ Егор Борисов дьиэ кэргэнинээн баара тыа сирин үлэһит дьонун сүргэтин көтөхтө.

Отучча сыл устата бөдөҥ салайар үлэҕэ сылдьарын тухары мэлдьи истиҥ өйөбүл буолар биир дойдулаахтарыгар ис сүрэҕиттэн махтанан туран, Егор Афанасьевич, оҕо сааһа ааспыт, аан бастаан үлэҕэ уһаарыллыбыт таптыыр Чурапчытын сэлиэнньэтин кэнчээри  ыччатыгар, оскуола үөрэнээччилэригэр  күндү бэлэҕи оҥордо.

Ол курдук, кини, Чурапчы Арҕаа баһыгар турар, элбэх оҕолоох Борисовтар төрөөбүт-иитиллибит иэримэ дьиэлэрин уһаайбатыгар тутуллубут сабыс-саҥа, аныгылыы оҥоһуулаах музей-балаҕанын үүнэр көлүөнэҕэ анаата.

Егор Афанасьевич бэйэтэ үөрэммит оскуолатын – С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын —Дархан кыһатын уонна С.К.Макаров аатынан Улуустааҕы гимназия кэлэктииптэригэр, улууска, музейы тэрийиигэ көмөлөрүн иһин махталын биллэрдэ. Онон, оскуола үөрэнээччилэрэ, ыччаттар кэлэннэр, Егор Афанасьевич тугунан да кэмнэммэт баай библиотекатынан туһаныахтара, ааҕыахтара, дьарыктаныахтара, үгүс-элбэҕи саҥаны билиэхтэрэ. Итиэннэ оскуолалар араас тэрээһиннэри — семинардары, кэмпириэнсийэлэри, НПК-лары ыытыахтарын сөп. Манна ахсаана биллибэт элбэх туһалаах кинигэ,  альбом, историяны кэрэһэлиир сэдэх докумуоннар, хаартыскалар, араас баай матырыйаал баар. Уонна, бириэмэ-кэм ирдэбиллэринэн, музей-библиотека аныгы технологиянан, үөрэх саҥаттан-саҥа  араас оборудованиетынан  байытыллан иһиэҕэ диэн бүк эрэниллэр.

Маннык бэлиэ түгэҥҥэ дьоно-сэргэтэ Егор Афанасьевичка, биллэн турар,  дириҥ махталынан хоруйдаата, истиҥ тыллары эттэ.

Чурапчы “Арҕаа баһын” биир боростуой ыалын тулаайах аҥаардаах оҕото, хайдах иитиллэн, дьүккүөрдээхтик үөрэнэн-үлэлээн, киһи-хара буолан, буһан-хатан, бүтүн өрөспүүбүлүкэ салайааччыта буолан тахсыытын арылхай чахчыта кэнчээри ыччакка сүдү улахан суолталаах, үтүөкэннээх  холобур буолуоҕа, олоххо суолун-ииһин булунарыгар көмөлөһүөҕэ.

Татьяна МАРКОВА.

Семен ЖЕНДРИНСКЭЙ хаартыскаҕа  түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0