Егор Борисов: судаарыстыбаннаһы тутуу — хас биирдиибит эппиэтинэспит

28.09.2017
Бөлөххө киир:

“Историябытыгар сигэнэрбит, төрөөбүт төрүт тылбытын, култуурабытын, үгэспитин илдьэ сылдьарбыт, харыстыырбыт судаарыстыбаннаспытын сайыннарарбытыгар төһүү күүс буолар. Манна хас биирдиибит эппиэтинэстээхпит” , — диэн этэн туран, Ил Дархан Егор Борисов бэҕэһээ Судаарыстыбаннас күнүгэр анаммыт биэчэргэ тэтиммитин өссө эбэн сайдыыны уһансар наадатын бэлиэтээтэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат,edersaas.ru.

1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическэй Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин II сессиятынан Саха сирэ суверенитетын ылынарын туһунан декларация бигэргэммитэ. Бу Декларация кэлин Федеративнай дуогабары оҥорсууга, Саха сирэ билиҥҥи Төрүт Сокуонун ылыныытыгар, ону сэргэ Россия ис тутулун оҥостуутугар, регионнары кытары үлэлэһиитигэр тулааһын буолбута. Егор Борисов бэлиэтииринэн, Декларация икки сүрүн боппуруоһу быһаарбыта. “Бастакытынан, Саха сирэ федеративнай тутуллаах Россия састаабыгар киирбитэ. Россия киэҥинэн-куоҥунан, бириэмэтинэн араастаһыытынан, элбэх омуктаах дойду буоларынан, федеративнай тутулга киирэрэ сөп этэ. Федерализм хас биирдии региоҥҥа эппиэтинэһи сүктэрэр. Ол иһин, иккиһинэн, нэһилиэнньэ бэйэтин дьылҕатын, олоҕун-дьаһаҕын оҥосторугар эппиэтинэһи сүгэригэр бу Декларация өҥөтө улахан”, — диэн бэлиэтиир кини.
Билигин биһиги, Россия биир субъегын быһыытынан, атын регионнары кытары тэҥҥэ федерацияны кытары үлэлэһэн, олохпутун-дьаһахпытын оҥостон олоробут. “Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы биһиэхэ эмиэ сыһыаннаах. Ол иһин Россия сайдыытын кытары тэҥҥэ хаамсан иһиэхтээхпит, онно холоон социальнай-экономическэй сайдыыбытын туһулуубут. Ол эрээри судаарыстыбаннас – бу былаас буолбатах. Бу – уопсастыба туруга, уопсастыба уонна былаас бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэ. Судаарыстыба норуот төһө эппиэтинэстээҕин, дьылҕатын бэйэтин илиитигэр төһө ылан эрэрин көрдөрөр. Билигин биһиги экономикабытын кимтэн да ыйыппакка бэйэбит сайыннара олоробут, сайдыыбыт тосхолун стратегиябытыгар тиһэн былаанныыбыт. Итини барытын бэйэбит исписэлиистэрбит, учуонайдарбыт оҥороллор”, — диэн иһитиннэрэр Егор Афанасьевич.
Билигин, кырдьык, аан дойдуга буола турар быһыы-майгы биһиэхэ өтөн киирэ турар. Онуоха Ил Дархан төрөөбүт төрүт тылбытын, историябытын билэрбит, үөрэтэрбит, култуурабытын, үгэспитин илдьэ сылдьарбыт, үрдүктүк тутарбыт улахан оруоллааҕын ыйар. Итиннэ баһыйар оруолу биир санаанан салайтаран сомоҕолоһорбут, дойдубут туһугар биир сыаллаах-соруктаах үлэлиирбит наада. “Норуот кэскилин бэйэтэ оҥостор. Сайдыытын торумун бэйэтэ хайынар. Ити судаарыстыбаннаска саамай сүрүнэ. Билигин биһиги биир сыаллаахпыт: тыйыс усулуобуйалаах айылҕабытыгар олохпутун чиҥник оҥостон, сайыннаран, туруктаах, дохуоттаах буолуубутун ситиһиэхтээхпит. Ону ситиһиигэ механизмнар оҥоһулуннулар. Онно тирэҕирэн, уопсай сыалы-соругу быһаарыыга күүспүтүн-уохпутун ууруохтаахпыт”, — диэн Ил Дархан бар дьонугар туһаайан этэр.
2000 сыллартан бэйэни салайыныы диэн киирэн, улуустарга, нэһилиэктэргэ туспа боломуочуйалар бэриллибиттэрэ. Билигин бу институт атаҕар туран, судаарыстыбаннас өйдөбүлүн өссө кэҥэттэ. Итини этэн туран, Егор Борисов олохпутун тупсарарбытыгар өссө да күүстээх үлэ күүтэрин бэлиэтээтэ. “Билигин да быһаарылла илик боппуруостарбыт, кыһалҕаларбыт элбэхтэр. Холобур, кэлиҥҥи сылларга олорор дьиэни да, социальнай эбийиэктэри да тутабыт, суолу-ииһи оҥоробут да, дьиэбит тиийбэт, хаарбах оскуола, оҕо саада элбэх, суол-иис боппуруоһа кыайтарбат. Ол иһин бары күүһү уопсай сыалга-сорукка ууран туран, үлэлиирбит наада. Билигин кыһалҕалары быһаарыыга тэпсэҥнээбэккэ, айаннаан иһэбит. Биир сиргэ турбаппыт. Ол эрээри тэтиммитин өссө эбиэх тустаахпыт”, — диэн кини түмүктээн этэр.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат,edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0