2003 сыллаахха от ыйын 2 күнүгэр оччолорго Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Егор Борисов “Манчаары”, “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттар утумнаһыыларыгар ураты суолталаах дьаһалы таһаарбыта. Манна кини сахалыы суруналыыстыката сайдыытыгар утумнааһыны чөлүнэн хаалларыы, сахалыы тылынан тахсыбыт хаһыаттар үтүө үгэстэрин салгыы ыытар улахан суолталааҕын ыйан туран, “Саха сирэ” хаһыат тахсыбыт күнүн-дьылын 1921 сыл ахсынньы ыйыттан “Манчаары” хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт күнүттэн ыйарыгар, периодическай таһаарыллыытын дааннайдарыгар туһааннаах уларытыылары киллэрэригэр диэн суруйбута. Егор Афанасьевич бу туһунан маннык диэн этэр.
– 2003 сыллаахха ылыныллыбыт дьаһал бэйэтэ олус дириҥ ис хоһоонноох. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сахалыы тылынан тахсар, бэйэбит үгэспитин илдьэ сылдьар хаһыат аатын-суолун, историятын, хайдах тэриллибититтэн саҕалаан салгыы сайдар суолун тобулууга тиийэ, үйэтитэр, оннук өйдөбүлгэ тириэрдэр дьаһал буолар диэн биир бэйэм саныыбын.
Өскөтүн 1900 сыллар саҕаланыыларыгар тахсыталаабыт сахалыы сыһыарыылар (нууччалыы кылгас кэмҥэ тахсыбыт хаһыаттар иһинэн тахсар сыһыарыылар) тиһигин быспакка тахсыбыт “Манчаары” хаһыат 1921 сыллаахха күн сирин көрөрүгэр төһүү буолбут буоллахтарына, “Манчаары” кэнниттэн кэлэр “Кыым” хаһыат өрөспүүбүлүкэ былааһын үлэтин сырдатар хаһыат быһыытынан төрүттэнэригэр тирэх буолбута. “Кыым” 1923 сылтан тахсан былаас үлэтин-хамнаһын, оччотооҕу партийнай идеологияны сырдатан, дьон, норуот уһун сылларга ааҕар, сөбүлүүр хаһыата буолбута.
Онтон 1990 сыллартан саҕалаан олохпут тутула уларыйан, саҥалыы олоҕу тутар суолга киирбиппит. Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев дьон-норуот олоҕун кырдьыктаахтык көрдөрөр, норуот көҥүлү ылыытын сырдатар хаһыаттаах буолуохтаахпыт диэн “Саха сирэ” хаһыат тахсарын туһунан уураах таһаарбыта. “Саха сирэ” хаһыат оччотооҕу уларыта тутууну саҥалыы көрөн сырдатан дьоҥҥо-норуокка кэпсээн барбыта.
1993 сыллаахха СӨ бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович анал ыйааҕынан бигэргэтиллэн, “Кыым”, “Саха сирэ” уонна “Советы Якутии”, “Якутия” хаһыаттар редакциялара холбоһон, сахалыы тахсар “Саха сирэ” уонна нууччалыы тахсар “Республика Саха” хаһыаттара буолбуттара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын хаһыаттарын быһыытынан тахсан барбыттара.
2003 сыллаахха СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн анаммытым. Ити кэмҥэ “Саха сирэ” хаһыат редакторынан Наталья Ивановна Харлампьева ананан үлэлии олороро. Саха сирин суруналыыстыкатыгар, сахалыы хаһыаттар тахсан кэлбит историяларыгар үтүө үгэһи салҕааһын, утумнааһыны чөлүгэр хаалларыы боппуруостара турбуттара. Онон “Саха сирэ” хаһыат кини иннинэ тахсыбыт “Манчаарыны”, “Кыымы” кытары быһаччы ситимнээҕинэн уонна соҕотох судаарыстыбаннай хаһыат буоларынан, утумнааһына докумуонунан бигэргэниллиэхтээх диэн санааттан 2003 сыллаахха ити дьаһал тахсыбыта. Бу дьаһал тахсыытыгар редактор Наталья Ивановна сүҥкэн оруоллаах. Билигин бу үс хаһыат утумнаһыылара историческай кырдьык быһыытынан оннун булан турар.
Билигин “Саха сирэ” хаһыат урукку “Кыым” хаһыат үтүө үгэстэрин салҕаан сахалыы суруналыыстыкаҕа ойуччу миэстэни ылар. Бэйэтэ үгэстэрдээх, кэлэктииптээх, норуоттарын иннитигэр эппиэтинэһи толору өйдүүр, кырдьыктаах сыанабылы биэрэр суруналыыстардаах, былаас уонна норуот икки ардыгар далаһа буолар, саха тылын, култууратын, үгэһин, духуобунай сайдыытыгар кылаатын киллэрэр олорор хаһыат диэн сыаналыыбын. Уонна саамай сүрүнэ кырдьаҕас “Кыым” саҕаттан кэлбит бэтэрээннэрин, суруналыыстарын бииргэ илдьэ сылдьар. Ол буолар көлүөнэлэр алтыһыылара, үтүө үгэһи салҕааһын, утумнааһын диэн. Инникитин “Саха сирэ” хаһыат суолтата өссө улаатан иһиэҕэ.
Аграфена КУЗЬМИНА