Биирдэ эмэ бэйэтин саастыылаахтарыгар маастар-кылаас ыытар, сэминээр тэрийэр, лиэксийэ ааҕар оҕону истибиккит дуо? Үгүстэр, бука, суох диэххит. Бүгүн эһиэхэ бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дьулуур” оҕо биир сомоҕо хамсааһынын тэрилтэтин чилиэнэ, лидер, Үөһээ Бүлүү Егор Борисовын туһунан билиһиннэриэхпит.
edersaas.ru
Егору кытта өссө Саҥа дьыл иннинэ, Ил Дархан харыйатыгар кэлэ сырыттаҕына көрсөн кэпсэппитим. Итиэннэ хара ааныттан кэпсэтэр киһибин таба тайаммыт эбиппин диэн санаа үөскээбитэ. Егор сахалыы ыраастык саҥарара, тылы сөпкө туттара, туохтан даҕаны толлубакка сэһэргэһэрэ, чахчы лидер хаачыстыбалааҕа, кырдьыгын эттэххэ, миигин сөхтөрбүтэ.
“Оскуола – иккис дьиэм”
“Үгүс бириэмэбин оскуолаҕа атаарабын. Бэл диэтэр, уһун сынньалаҥнарбар оскуолабын ахтабын. Хаһан каникул бүтэрин эрэ кэтэһэбин. Иллэҥ кэммэр хоһоон ааҕарбын сөбүлүүбүн”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.
Нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала Инна Радмировна Дмитриева салайар “Вдохновение” диэн тыйаатыр устуудьуйатыгар дьарыктанар. Куруһуоктарыгар үксэ уолаттар. Улуус таһымнаах күрэхтэһиилэртэн саҕалаан, “Бриллиантовые нотки”, “Зима начинается с Якутии” миэстэлэһэн, норуоттар икки ардыларынааҕы “Планета искусств” (Москва к.) тиийэ ситиһиилээхтэр. Саха, нуучча классик суруйааччыларын айымньыларын тылбааһын үс омук тылынан ааҕаллар. “Тус бэйэм, Александр Пушкин, Анна Ахматова, Сардаана Амгинская киһи дууһатын таарыйар, ураты, тиийимтиэ айымньыларын ордоробун. Куруһуокпутугар үгүспүт уол. Тоҕо диэтэххэ, уол сыанаҕа тахсыан толлор. Кыыс кыра эрдэҕиттэн сытыы, санаатын этэр, туохтан да иҥнэн турбат. Оттон уолга ыйан-кэрдэн биэрдэххэ, көмөлөстөххө эрэ, уопсастыбаҕа тахсар. Маҥнай уолаттартан иккиэ эрэ этибит. Сыыйа-баайа биһиэхэ талаһан, билигин эбилиннибит”, — диэн санаатын үллэстэр. Хоһоон ааҕыы дьон-сэргэ иннигэр саҥара, тутта-хапта үөрэнэргэ, алтыһарга, элбэх доҕордонорго улаханнык көмөлөһөр диир Егор.
Үөһээ Бүлүү 4-с нүөмэрдээх оскуолатын “Сайдыы” түмсүүтэ Саха сиринээҕи “Дьулуур” оҕо тэрилтэтин хамсааһынын иһинэн үлэлиир. “Сайдыыга”, уопсайа, 40-тан тахса оҕо киирэр. Оскуола хас биирдии тэрээһинэ кинилэр быһаччы кыттыыларынан ааһар.
Эдэр лидер
2015 сыллаахха “Бэс Чагда” сынньалаҥ уонна оҕо доруобуйатын бөҕөргөтөр киин “Саха сирин эдэр лидердэрэ” диэн симиэнэтигэр кэлиитэ Егорга улаханнык туһалаабыта. Ол курдук, лидердэр сэминээрдэрэ диэни маҥнай онно көрбүтэ. Итинтэн оҕо киһи хараҕа уоттаммыта, мин даҕаны тэрийиэхпин сөп эбит диэн санаа киирбитэ. “Онон “Бэс Чагда” үлэһиттэригэр улаханнык махтанабын. “Дьулуур” хайысхаларынан номнуо үстэ кэлэн сынньанным”, — диэн кэпсиир.
Эдэр лидер — оскуола бэрэсидьиэнин сүбэһитэ. Уһун сынньалаҥнарга бэйэтин саастыылаахтарыгар анаан “Я – юный вожатый”, “Молодой лидер Якутии”, “Саморазвитие – основа успеха”, о.д.а. араас тиэмэлэргэ иккис сылын сэминээрдэри, маастар-кылаастары ыытар. “Сэминээргэ эдэр лидер хайдах буолуохтааҕын кэпсиибин. Сааскы сынньалаҥҥа улуус таһымыгар тахсыахпын баҕарабын. Билиҥҥитэ оскуолабытыгар икки-үс лидердээхпит. Ол эрээри, ити тутах. Төһөнөн элбэх лидер баар да, соччонон уопсастыба байар, оҕолор бэйэлэрэ даҕаны туһаналлар”, — диэн санаатын үллэстэр.
Лидертэн – кэмпириэнсийэҕэ
Егор лидер хаачыстыбатын салгыы сайыннаран, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттар. Тиэмэлэрэ эдэр лидергэ сыһыаннаахтар. Бэйэтин холобуругар олоҕурбут уопутун үллэстэр. Бэйэни хайдах үүннэрдэххэ, сайыннардахха ситиһиилээх буолуохха сөбүн суруйан көмүскүүр. Региональнай таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан миэстэлэһэр. “Дьулуур” оҕо биир сомоҕо хамсааһына сайдыытыгар кылаатын иһин” СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев, “Дьулуур” бэрэссэдээтэлэ Геннадий Охлопков махтал суруктарынан наҕараадаламмыт.
Үөһээ Бүлүү Егор Борисова
“Ил Дархан курдук ааттаах эбиккин, оҕолор дьиибэлээбэттэр дуо?”, — диэн ыйытабын. Онуоха: “Бэйэм даҕаны историяны, бэлиитикэни сэҥээрэрбин көрөн уонна дьыалабыайгын диэн, манна, “Бэс Чагдаҕа” “Дархан”, “Дархаммыт сылдьар” эҥин дэһэллэр. Үөрэнэн хаалбыт буолан кыһаммаппын. Ол эрээри, син биир эбээһинэстээх, эппиэтинэстээх курдук сананабын”, — диир.
Түмүк
Эдэр лидер Егор Борисов ити курдук ураты дьоҕурдаах. Тылгын-өскүн сааһылаан, сөпкө туттан, дьоҥҥо тиийимтиэ гына кэпсиир бэйэтэ туспа искусство. Итиниэхэ кини история, обществознание курдук үгүс ааҕыыны эрэйэр биридимиэттэри интэриэһиргиирэ туһалыыр буолуохтаах. Биир кэлим эксээмэҥҥэ ити ыйыллыбыт биридимиэттэри талбыт. Уонна юрист эбэтэр финансист дуу экэнэмиис дуу буолар ыра санаалаах. “Бүгүҥҥү сыалым – эксээмэннэрбин ситиһиилээхтик туттаран, талан ылбыт үөрэхпэр киирии”, — диэн кэпсээнин түмүктүүр.
Ыспыраапка
Егор Үөһээ Бүлүү 4 нүөмэрдээх орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ. Аҕыс оҕолоох Борисовтар дьиэ кэргэҥҥэ 7-с оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Мария Ивановна идэтинэн буҕаалтыр, аҕата Борис Егорович – суоппар. Төрөппүттэрэ билигин иккиэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru