“Аҕа көлүөнэ оҥорбут олугун биир уонча-сүүрбэччэ сылынан эһиги, эдэрдэр, салгыаххыт. Өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыыта эһиги илиигитигэр киириэҕэ. Онон билиҥҥиттэн эппиэтинэс ылынан, үлэҕэ-хамнаска сыстан үлэлээн бараргыт ордук”, — диэн бэлиэтиир Ил Дархан Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ эдэр каадырдарын резервэтигэр киирбит ыччаты, “МИНИСТР” дьыалабыай оонньуу кыттыылаахтарын кытары көрсүһүүтүгэр.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи туругун, экономикатын билиһиннэрэригэр Егор Афанасьевич промышленнай тэрилтэлэр региоммутугар ураты миэстэни ылалларын ордук тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ону сэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар, олохтоох оҥорон таһаарыыга болҕомто ууруллан, анал сокуон тахсыбытын, дьон-сэргэ, ырыынак сыһыаннаһыытыгар олоҕуран, санаата-оноото уларыйан эрэрин эттэ. “Билигин норуот судаарыстыба тугу биэрэрин кэтэһэн олорбокко, сайдыы сүрүн тосхоллорун бэйэтэ этэр, онно этиилэри киллэрэр буолан эрэр. Былырыын тыа хаһаайыстыбатын сокуонун ылыммыппыт. Онно олоҕуран үлэлиэхпит-хамныахпыт. Олохтоох оҥорон таһаарыыны инники күөҥҥэ таһааран, орто, дьоҕус бизнеһи сайыннарыахпыт. Онуоха усулуобуйаны тэринэн, сайдарбытыгар сөптөөх суолбутун-ииспитин, хайысхабытын булуннубут дии саныыбын. Ити саамай сүрүнэ”, — диэн иһитиннэрэр кини.
Сирбит-уоппут киэҥинэн, айылҕабыт уратытынан Россияҕа буолуохтааҕар, аан дойдуга биир биллэр миэстэни ылабыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ Азия, Тиихэй акыйаан тула олорор дойдулар биһиги региоммутугар интэриэстэрэ улаатта. Бииринэн, ити сайдыы биир таһымыгар тахсыбыт бэлиэбит буолар. Иккиһинэн, аан дойду бэлиитикэтигэр Россия сабыдыала күүһүрбүтүн көрдөрөр. Онон инвестицияны киллэрии, тас дойдулары кытары үлэлэһии билигин хаһааҥҥытааҕар да сайдан турар кэмэ. Ол иһин өрөспүүбүлүкэбитигэр инвестициянан дьарыктанар туспа министиэристибэ тэриллибитэ.
“Биһиги Россияҕа сайдыы суолун бары хайысхатыгар барытыгар бэйэбит институттарбытын тутан олорор соҕотох регион буолабыт. Атыннык эттэххэ, үүнэрбитигэр-сайдарбытыгар бары хайысхалары барытын олохтоотубут. Инвестициянан дьарыктанарга туспа министиэристибэ тэрийдибит, бизнес-инкубатор, технопаарка, урутаан сайдар сирдэр, анал фондалар, Наука дьоҕус академията, о.д.а. арылыннылар. Инфраструктура чааһын эттэххэ, былаан быһыытынан, сылтан-сыл саҥаны киллэрэн, тутан иһэбит. Ити үөрэхтээһиҥҥэ, суол-иис боппуруоһугар, доруобуйа харыстабылыгар, о.д.а. эйгэлэргэ барытыгар сыһыаннаах”, — диэн бэлиэтээн этэр Ил Дархан.
Ол эрээри инникитин тирэхтээх буоларга норуоппут историятын, култууратын, төрөөбүт тылбытын-өспүтүн, үгэстэрбитин билэрбит улахан суолталаах. Егор Афанасьевич бу туһунан этэригэр: “Норуот быһыытынан сайдарбытыгар, глобализация үйэтигэр бэйэбитин көмүскэнэрбитигэр тылбытын-өспүтүн, култуурабытын, үгэстэрбитин илдьэ сылдьарбыт наада”, — диэн бэлиэтиир.
Онуоха эрдэттэн сир ылан, эппиэтинэһи тэҥҥэ сүксэн үлэҕэ-хамнаска сыстар эмиэ улахан оруоллаах. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ каадырын резерветигэр киирии ураты эппиэтинэс. “Билигин биһиги бары хайысхаҕа олук уурдубут. Эһиги ону хамсатыаххытын, олоххо киллэриэххитин наада. Олохтоох каадырдартан олус улахан тутулуктаах. Аҕа көлүөнэттэн үөрэнэн сүүрбэ-отут сылынан өрөспүүбүлүкэ сайдыытын инники күөҥҥэ таһаарар, эппиэтинэһи ылынан дойдубут үүнэригэр-сайдарыгар бэлэм дьон буолуохтааххыт”, — диэн саалаҕа мустан олорор эдэр дьону кэриччи көрөрүн быыһыгар Ил Дархан тиэмэни салгыы сайыннарар.
Уонна түмүккэ сиэрдээх буолуу, үлэнэн-хамнаһынан сыаналаныы билиҥҥи кэмҥэ ирдэбил быһыытынан турарын иһитиннэрэр. “Карьера туһунан санаам биир: эһиэхэ барыгытыгар үрдүк чыпчаалы баҕарабын. Ол эрээри карьераны инники күөҥҥэ тутан, ону эрэ тумус туттан үлэлиир сыыһа. Бастатан туран, хас биирдиигит уопсастыбаҕа туһаны аҕалар туһунан толкуйдааҥ. Мин өйдүүбүн, бу маннык усулуобуйаны тэрийэн, биир өттүнэн, карьераны оҥосторго бэлэм суолу тэлэбит. Ол эрээри ити барыта үлэнэн-хамнаһынан сыаналаныахтаах. Ситиһиигит төрдө бэйэҕит үлэҕит-хамнаскыт, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрэр кылааккыт буолуоҕа”, — диэн этэр Егор Борисов.
Ыспыраапка: “МИНИСТР” дьыалабыай оонньуу 2009 с. саҕалаан ыытыллар. Тоҕус сыл устата барыта 62 хамаанда, 956 эдэр исписэлиис кытынна. Кинилэртэн 152 киһи өрөспүүбүлүкэ каадырдарын резервэтигэр киирбитэ. Оонньуу сүрүн сыалынан эдэр салайар каадырдары талыы, ыччат ураты санаатын, идеятын өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһулааһын буолар.
Ол курдук, 2012 с. “саһархайдар” хамаандалара арыгыны атыылааһыҥҥа хааччахтары киллэриигэ бырайыак көмүскээбиттэрэ. Итинтэн сиэттэрэн 2013 с. бүтүүтүгэр “Арыгыны атыылааһыҥҥа эбии хааччахтары киллэрии туһунан” Саха сирин сокуона тахсыбыта. Онтон 2014 с. “үрүҥнэр” хамаандалара “Арктика күнүн” бэлиэтиэҕиҥ диэн этии киллэрбиттэрин Ил Дархан өйөөн, эһиилгитигэр 2015 с. өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастакытын “Арткика күнэ” диэн тэриллэн ыытыллыбыта.
“МИНИСТР” оонньуу түмүгүнэн, 2010 с. Ыччат бырабыыталыстыбата диэн уопсастыбаннай түмсүү тэриллибитэ.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru