Егор Борисов Анастасия Диодорованы уочараттаах кыайыытынан эҕэрдэлээтэ
Аҕыйах хонуктааҕыта Краснодарга ыытыллыбыт доруобуйаларынан хааччахтаахтар ортолоругар харбааһыҥҥа Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр саха кыыһа Анастасия Диодорова араас дистанцияларга куоталаһааччыларын кэннигэр хааллартаан, түөрт кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ.
Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Анастасия Диодорова Арассыыйа, Европа, аан дойду элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, Пекиҥҥэ ыытыллыбыт Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара. Саха сирин биир чулуу спортсмена “Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иһин” уордьан II степеннээх мэтээл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү наҕараадатын – “Хотугу сулус” уордьан хаһаайкатынан буолар. Дойду күрэхтэһиилэригэр Анастасия Москва уонна Саха сирин ааттарыттан кыттар.
Арассыыйа быйылгы чөмпүйэнээтигэр 33 регионтан 170-ча спортсмен, дойду чулууттан чулуулара, Паралимпийскай оонньуулар, аан дойду, Европа күрэхтэһиилэрин кыайыылаахтара уонна призердара күрэхстэстилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов Анастасияны дойду улахан күрэхтэһиитигэр чаҕылхай кыайыытынан эҕэрдэлээтэ. “Саха сирэ эйигинэн киэн туттар! Эн эдэр спортсменнарга холобур буолаҕын, ситиһииҥ кинилэри саҥа кыайыыларга сирдиир”, — диэн этиллэр Ил Дархан тэлэгирээмэтигэр.
Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru