Егор Борисов: Саха сирэ Россия сайдыытын кытары быстыспат ситимнээх
Күндү Сахам сирин олохтоохторо! Эһигини Россия Төрүт Сокуонун күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Россия 1993 сыллаахха ылыммыт Төрүт Сокуона дойдубут сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах. Киһи быраабын көмүскээһин, тутуһуу уонна билинии – бу судаарыстыба тулхайдыйбат тутааҕа.
Ол эрээри бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарбыт, сиэри-майгыны, үйэлээх үгэстэрбитин тутуһарбыт, үтүөнү үксэтэрбит, көнөтүнэн сылдьарбыт – хас биирдиибит эбээһинэспит.
Биһиги бэйэбит холобурбутунан кэлэр кэнчээри ыччакка дойдуга тапталы иҥэрэбит, төрөөбүт төрүт тылбытын, култуурабытын сайыннарарга ыҥырабыт, атын омукка, итэҕэлгэ, култуураҕа убаастабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар үөрэтэбит.
Саха сирин инники кэскилэ Россия сайдыытын кытары быһаччы сибээстээх. Быйыл биһиги Саха сирэ Россия судаарыстыбатыгар холбоспута 385 сылын бэлиэтиибит. Билигин Россия састаабыгар киирэн олорон, инники сайдыыбытын түстүүбүт, социальнай, бэлиитикэ боппуруостарын быһаарыыга бары ылсан үлэлэһэбит. Онуоха баар кыһалҕаны быһаарыыга, туруоруммут сыалбытын-сорукпутун ситиһэрбитигэр бары куолаан ылсарбыт улахан суолталаах.
Дойдубут үүнэ-чэчирии сайдара биһигиттэн, хас биирдиибититтэн, тутулуктаах. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит инники кэскилини туһугар хас биирдиибит эппиэтинэс ылыах тустаахпыт. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын!
СӨ Ил Дархана Егор Борисов.