Егор Борисов: «Сирбит баайын туһаҕа таһаарыахха»

Бөлөххө киир:

“Сүрүн ыйытыы” бырайыакпыт ыам ыйынааҕы биэриитигэр барыта 60-ча ыйытыы киирдэ. Олортон элбэх куолаһы ылбыт социальнай суолталаах түөрт ыйытыыга Ил Дархан Егор Борисов хоруйдаата. Биэриини «Сахамедиа» АУо генеральнай дириэктэрэ Роман Мандзяк ыытар.

Бэкээринэ боппуруоһа

Роман Мандзяк: Егор Афанасьевич, нэһилиэнньэттэн социальнай суолталаах сүрдээх элбэх ыйытыы киирэр. Холобур, бу биэриибитигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгиттэн бэкээринэ боппуруоһун туруордулар. Бу нэһи­лиэккэ 2013 сылтан бэкээринэ үлэлээбэккэ турар. Олохтоохтор килиэптэрин улуус кииниттэн эбэтэр Оҥхой нэһилиэгиттэн баран атыылаһаллар эбит. Манна тугу этиэххиний?

Егор Борисов: Килиэп тиийбэт кыһалҕата, кырдьык, 90-с сыллардаахха олус сытыытык турбута. Оччолорго улахан бэкээринэлэр биир-биир сабылланнар, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэрт тыҥааһыннаах кэм бүрүүкээбитэ. Ол эрээри ити кэмҥэ дьон бэйэтэ хамсанан, ырыынак үйэтигэр киирэн эрэрбитин өйдөөн, бэкээринэни үлэлэтэн, тута бизнескэ кубулуппуттара. Билигин ырыынак үйэтигэр олорорбутунан, бу боппуруос бары нэһилиэктэргэ үксүлэригэр быһаарыллан турар. Аччыгый, орто бизнес килиэби астааһыны баһылаан, билигин урбаанньыттар бэйэ-бэйэлэрин кытары күрэс­тэһэллэр. Ыраата барбакка, Дьокуускай куораты ылан көрүҥ: Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин сэргэ хас да урбаанньыт килиэбинэн дьарыктанар. Оҥорон таһаарааччылар бэйэ-бэйэлэрин кытары куоталаһан, бородууксуйаларын хаа­чыстыбатын куруутун тупсара, көрүҥнэрин элбэтэ тураллар. Ити – ырыынак ирдэбилэ.
Онон Мэйик урбаанньыттара манна саба түһэн бэйэлэрэ ылсаллара наада. Эбэтэр чугастааҕы сытар нэһилиэктэр бизнестэрин кэҥэтэн, Мэйиги килиэбинэн хааччыйыахтарын сөп. Манна ырыынак аһаҕас турар.

Норуот өйүн-санаатын түмүү

Роман Мандзяк: Егор Афанасьевич, стратегическэй былааннааһыҥҥа олоҕуран, өссө биир интэриэһинэй ыйытыыны биэриэхпин баҕарабын. “Саха сирин национальнай сыала-соруга диэн тугуй? Биэс уонча сылынан саха норуота хайдах буолуоҕай?” – диэн ыйыталлар ааҕааччыларбыт.

Егор Борисов: Национальнай идея, өй-санаа бу баар диэн этэн кэбиһэр күчүмэҕэй. Манна олорор олохпут усулуобуйатын тупсарыы, хас биирдии киһи үөрэхтээх, үлэһит, хамнастаах буоларын ситиһии, чэгиэн, доруобай буоларын туһугар үлэни-хамнаһы тэрийии, о.д.а. барыта киирэр. Национальнай идеянан Саха сирин хас биирдии олохтооҕо бары тыыныах­таахпыт. Ол буолар норуот өйө-санаата диэн.
Саха сиригэр төрөөбүт киһи бигэ туруктаах олохтонуохтаах. Ол туһугар хас биирдиибит бэйэбит олохпутугар-дьаһахпытыгар эппиэтинэстээх буолуохтаахпыт. Эппиэтинэһи ылыы диэн улахан боппуруос. Ити үлэлээх-хамнастаах, үптээх-астаах, дохуоттаах буолууга барытыгар сыһыаннаах. Дойдуга бэриниилээх, аламаҕай, сайаҕас, аһыныгас буолуу, бэйэ-бэ­йэҕэ көмөлөсүһүү барыта холбоон биир национальнай идеяҕа түмүллэр. Ити барыта олорор олохпут таһыма үрдүүрүгэр быһаччы суолталаах.
Онон биһиги олохпутун тупсарар санаалар тула түмсэрбит, сомоҕолоһорбут наада. Норуот өйүн-санаатын оннукка түмүөхтээх.

Баайы туһаҕа таһаарыы

Роман Мандзяк: Социальнай боппуруостарга сыһыаран, дьон-сэргэ биир үксүн: “Саха сирэ баай регион быһыытынан биллэр эрээри, тиийиммэт-түгэммэт дьонун ахсаана элбэх. Тоҕо оннугуй?” – диэн ыйытар. Манна туох санаалааххыный?

Егор Борисов: Бу боппуруоска киһи элбэҕи этиэн сөп. “Биһиэхэ сиртэн хостонор баай барыта баар да, баай-талым олохтоммуппут көстүбэт”, — диэн дьон-сэргэ үгүстэ толкуйга түһэрин истэбин, ону өйдүүбүн. Кырдьык, биһиэхэ сиртэн хостонор баайбыт элбэх. Ол эрээри аан дойду үрдүнэн биһиэхэ эрэ оннук элбэх саппаас баар буолбатах. Холобур, Африкаҕа ньиэп, гаас саппааһа үгүс, биһиги курдук тоҕус ыйдаах кыһыннара суох, сылы эргиччи сылаас дойду. Ол эрээри олус дьадаҥытык олороллор. Оттон атын дойдулар ити баайдарын туһаҕа таһааран, ону эргинэн сайдаллар. Ол эрээри бу дойдуларга олохтоох норуота аҕыйаҕын, үгүстэрэ кэлии дьон буолалларын өйдүөххэ. Судургутан эттэххэ, биир мөлүйүөн олохтоох норуот олорор сиригэр өссө тоҕус мөлүйүөн киһи кэлэр. Кинилэр сир баайын туһаҕа таһаарыыга үлэлэһэн нолуогу хаҥаталлар, оҥорон таһаарыыны үрдэтэллэр.
Сир баайа сир анныгар сыттаҕына тугу да туһалаабат. Биһигини ону хостоон туһаҕа таһааран, бүддьүөппүтүгэр барыс, нолуок киирэрин хааччыйыахтаахпыт. Билигин бу хайысханы тутуһан үлэни ыытабыт.
Онон үптээх-харчылаах буоларга бэйэбит оҥорон таһаарыыбытын сайыннарарбыт наада. Ол эрээри аҥаар кырыытыттан барытын хостоон иһии диэн буолбатах, кэлэр көлүөнэлэргэ хаалларар гына саппааспытын тыырарбыт, былаанныырбыт улахан суолталаах.
Итини барытын ырытан, сыаналаан көрөн баран, стратегическэй сыал-сорук диэни туруорунабыт. Биһиги 2030 сылга диэри барытын былааннаан, 2050 сылга диэри торумнаан олоробут. Итиннэ хас биирдии киһи үптээх-­астаах, дохуоттаах буолуута, олорор усулуобуйабытын тупсарыныыбыт бастакы уочарат турар.
Онон биир сарсыарда ойон турдубут да, тута баай буолбаппыт. Былааннаабыт түһүмэхтэрбитинэн сайдан баран иһиэхтээхпит. Онуоха бэйэбит өйбүтүн-са­наабытын сааһылыырбыт, кыахпытыгар, күүспүтүгэр эрэнэн үлэлиирбит улахан суолталаах. Атын суол суох.

Алмааһы кырыылааһын

Роман Мандзяк: Ааспыт биэриилэргэ “АЛРОСА” хампаанньаҕа сыһыаннаах үгүс боппуруос ырытыллыбыта. Бу сырыыга нэһи­лиэнньэ алмааһы кырыылааһыны, хампаанньа “Кристалл” диэн алмааһы кырыылыыр судаарыстыбаннай тэрилтэни тоҕо бэйэтигэр ылбытын туһунан ыйыталаһаллар. Ити региоҥҥа хайдах дьайыаҕай?

Егор Борисов: Бу соторутааҕыта муус устар 28 күнүгэр “АЛРОСА” Кэтээн көрөр сэбиэтигэр хампаанньа “Кристалл” диэн Смоленскайдааҕы алмааһы кырыылыыр тэрилтэни атыылаһан ылар боппуруоһун сиһилии ырыппыппыт. Бу боппуруоһу хампаанньа биир улахан акционерын быһыытынан РФ бырабыыталыстыбата туруорбута. Биһиги итиннэ бэйэбит сөбүлэҥмитин биэрдибит. Тоҕо диэтэргин, кэнники сылларга федеральнай сокуон кытаатан, нолуок үрдээн, бэйэбитигэр алмааһы кырыылааһын барыһа суох эйгэ буолан хаалла. “Кристалл” судаарыстыбаннай тэрилтэ бу чааһыгар сылын аайы улахан кыһалҕаны көрсөр этэ.
Оттон бэйэбитигэр кэллэхххэ, 2017 с. түмүгүнэн, ювелирдарбыт, алмааһы кырыылааччыларбыт 2 млрд солк. үлэни оҥордулар. Ити биэс-алта сыллаах көрдөрүүтээҕэр лаппа үрдүк. Бэйэбит исписэлиистэрбит ырыынак киэҥ эйгэтигэр тахсарга үөрэннилэр, сүрдээх үчүгэй оҥоһуктары оҥорор буоллулар. Кэтээн көрөр сэбиэт мунньаҕар Саха сирин ювелирдарын, алмааһы кырыылааччыларын сайыннарыы туһунан эмиэ кэпсэппиппит. Мин санаабар, Россия хайа да муннугар, ол иһигэр Саха сиригэр, алмааһы кырыылааһын биир тэҥник сайдыахтаах.
Онон “Кристалл” кэнэҕэскитин “АЛРОСА” ыйыытынан-кэрдиитинэн үлэлээн, хампаанньа сайдыытыгар сөптөөх сайдыы барыаҕа диэн эрэнэбин. Ити хампаанньа дохуотугар эмиэ дьайара биллэр.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0