Эстрада тыйаатыра үөһээттэн айдарыылаах ырыаһыт Юрий Платонов төрөөбүтэ 80 сылынан кэнсиэр көрдөрүөҕэ

Ааптар: 
18.06.2021
Бөлөххө киир:

Былырыын бэс ыйын 29 күнүгэр саха норуота бүттүүнэ улахан сүтүктэммитэ. Коронавирус дьаҥын өссө биир сиэртибэтинэн РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун бырапыассара Юрий Егорович ПЛАТОНОВ буолбута. Бу ыарыы буулаабатаҕа эбитэ буоллар, норуот таптыыр артыыһа быйыл бэс ыйын 18 күнүгэр 80 сааһын бэлиэтиэхтээх этэ.

Маҥнайгы идэтийбит эстрада артыыһа

Бэйэтэ кэпсииринэн, үлэһит буолар сааһын сиппит кэмигэр артыыс буолар санаата суоҕа эбитэ үһү. Онон кини маҥнайгы үөрэҕин кыһатынан Дьокуускайдааҕы Речной училище буолбута. Ол эрэн, бүргэһи саппыйаҕа кистээбэккин, “ырыаһыт талааннаах уол баар үһү” диэн сураҕы истэн, ол кэмнээҕи муусука идэлээх улахан дьон эдэр уолу Жатайтан булан аҕалан, ­анаан-минээн истибиттэр. Онно уол чахчы талааннааҕа бигэргэнэн, улахан артыыс Матвей Лобанов кууһан ылан, ырыаһыт идэтигэр алҕаабыт. Ити курдук, эдэр киһи дьылҕата тосту улары­йан, Ленинградка Римскэй-Корсаков аатынан консерватория вокал салаатыгар үөрэнэ барар буолбут, 1965 сыллаахха ырыаһыт идэтин баһылыы айаннаабыт.

1967 сыллаахха дойдутугар төннөн кэлэн Ойуунускай аатынан Саха судаарыстыбаннай музыкальнай-драматическай тыйаатырыгар солист-вокалиһынан үлэҕэ киирбит. Эһиилгитигэр Култуура министиэристибэтэ кинини Москаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы эстрада ускуустубатын мастарыскыайыгар (ВТМЭИ) стажировкаҕа ыыппыт, ону 1969 сыллаахха бүтэрбит.

Дойдутугар эргиллэн кэ­­лиэҕиттэн, төрөөбүт Сахатын сиригэр эстрада ускуустубатын кэҥэтэр, сайыннарар туһуттан, Москваҕа үөрэммит кыһатыгар талаан­наах ыччаты үөрэттэрэ ыытыынан ылсан, турунан дьарыктаммыт. Кини көҕүлээһининэн, 1970 сыллаахха билигин биллэр-көстөр ааттаах-суоллаах артыыстар, оччолорго эдэркээн 15 киһи үөрэххэ барбыта: Сергей Расторгуев, Марфа Колесова, Федор Колосов, Владимир Заболоцкай, Наталья Кирюшкина (Шестакова) уо.д.а. Юрий Егорович көҕүлээн уонна бэйэтэ кыттан, «Радуга» (1975) бөлөх, «Мелодии Севера» ВИА (1983-90) тэриллибиттэрэ.

Ырыаҕа уһуйааччы, үрдүк үөрэх бырапыассара

1990 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай филармониятыгар Юрий Егорович ааптарыскай ос­­куолатын кэнсиэпсийэтинэн эстрада ускуустубатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи айар мастарыскыай тэриллибитэ (РТМЭИ), 1996 — 2015 сылларга М.К.Аммосов аатынан СГУ-га үлэлээбитэ. Манна интеграционнай систиэмэнэн 108 киһи үөрэммитэ, итинтэн 33 киһи эстрада артыыһа буолбута. Юрий Егорович үөрэнээччилэрэ, билигин эстрада биллэр артыыстара: Герман уонна Клавдия Хатылаевтар, Лариса Троева, Чыскыырай, Варвара Аманатова, Сахаайа, Лэгэнтэй, Сиэйэ уола, Саарын, Уруйдаана Харитонова, Ангелина Файрушина, Тамара Попова, Мирослав Егоров, Андреана уонна да атын бил­­лиилээх артыыстар. Юрий Егорович М.К.Аммосов аатынан ХИФУ фольклорга уонна национальнай култуураҕа хаапыдыратын дассыанынан үлэлээбитэ.

Муусукаҕа сыһыаннаах тэттик ыйынньык («Развитие певческого голоса» циклтэн), хас да монография уонна өрөспүүбүлүкэҕэ эстрада ускуустубатын сайыннарыы устуоруйатыгар научнай үлэлэр ааптардара, Эстрада тыйаатырын үбүлүөйдэригэр анаммыт түөрт буклеты оҥорбута, «Якутская эстрада глазами очевидца» кинигэни оҥорбута. Юрий Егорович өрөспүүбүлүкэҕэ эстрада ускуустубатын сайыннарыыга кылаатын иһин «Саха АССР үтүөлээх артыыһа» (1981 с.), «РСФСР үтүөлээх артыыһа» (1991 с.), «СӨ норуодунай артыыһа» (2002 с.) үрдүк ааттары ылбыта, «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаламмыта, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Маайа улуустарын Бочуоттаах гражданина буолбута.

Кини аатынан тыйаатыр

Эстрада тыйаатырын кэлэктиибэ ытыктыыр учууталлара күн сириттэн барбытыгар, бэйэлэрин тыйаатырдарын Юрий Платонов аатынан ааттаан, кэриэстииргэ туруорсуу киллэрбиттэрэ. Онон СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2021 сыл олунньу 11 күнүгэр аналлаах ыйаахха илии баттаан Саха сирин Эстрадатын тыйаатыра Юрий Платонов аатын үйэлэргэ сүкпүтэ.

Бу күннэргэ тыйаатыр үлэһиттэрэ Юрий Егорович төрөөбүт күнүгэр аналлаах кэнсиэр бэлэмнээтилэр. Хомойуох иһин, дьаҥ хааччахтарыттан сылтаан кэнсиэри саалаҕа көрөөччүтэ суох ыытарга күһэлиннилэр. Онон кини төрөөбүт күнүгэр, бэс ыйын 18 күнүгэр, улуу артыыс 80 сааһын бэлиэтии уһуллубут кэнсиэри тэлэбиидэнньэ уонна интэриниэт нөҥүө көрөөччүлэргэ бэлэхтиэхтэрэ.

Кэнсиэри бэлэмниир кэмнэригэр быыс булан Юрий Платонов биир чаҕылхай үөрэнээччитэ Сахаайаны кытта учууталын туһунан кэпсэттим:

— Мин Юрий Егорович айар мастарыскыайыгар 1996 сыллаахха киирбитим. Ол сыл икки эрэ миэстэҕэ ылаллар этэ, онон сүүстэн тахса киһилээх улахан кастины ааһан, мин уонна Женя Сорокоумова киирбиппит, кини мусукаан быһыытынан. Оччолорго Чыскыырай, Варя Аманатова үөрэнэ сылдьаллар этэ. Юрий Егорович олох улуу учуутал этэ, хас биирдии ырыаны бэйэтэ ту­­руорар этэ. Үөһээттэн айдарыылаах ырыаһыт быһыытынан уонна вокал наукатын уһулуччу билэр үөрэхтээх киһи буолан, куолас туруоруутун, ылланар ньыманы, туох баар кыра ымпыгы-чымпыгы барытын ис-иһиттэн үөрэтэрэ. Киниттэн ылбыт үөрэҕим сыаната быһыллыбат улахан баайым. Ити үөрэх кэнниттэн Юрий Платонов үөрэммит кыһатыгар, Маслюков аатынан эстраднай ускуустуба айар мастарыскыайыгар үөрэнэ тиийбитим. Онно, сүүрбэччэ сыл ааспытын кэннэ оннооҕу кырдьаҕас педагогтар Юрий Егоровичтааҕы олус сылаастык өйдүү сылдьалларын соһуйа үөрэ истибитим. “Якутия эстрадатын устудьуоннара олус дьоҕурдаах, үчүгэй оҕолор этилэр!” диэн 70-с сылларга үөрэммит дьону билигин даҕаны өйдүү сылдьаллар эбит.

Ааптар, архыып хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0