Мин бу сааһыра баран эбитэ дуу, олоҕум кэрчиктэригэр буолан ааспыт, киһи сорох кэмҥэ кыайан өйдөөбөт дьикти түгэннэриттэн хайдах өйдөөн хаалбыппын сурукка тиһэн хаалларар санаам киирэр.
edersaas.ru
Ол курдук, 1986 дуу, 1987 дуу сыллаахха күһүөрү-сайын кыһалҕа тирээн, Үөһээ Бүлүү оройуонун биир түгэх сытар Оҥхой нэһилиэгин Маай диэн дьикти ааттаах учаастагар кэргэммин кытары бара сылдьыбыттаахпыт. Ол учаастакка икки хараҕынан көрбөт эмчит Захар Васильев-Сахаар кырдьаҕас олорор эбит этэ. Мин кэргэним барахсан бүөрүнэн улаханнык ыалдьар буолан, араас эминэн эмтэнэ сатаан баран, сахалыы эми боруобалаабыт киһи диэн, ол ыраах сиргэ баар эмчиккэ барарга санаммыппыт.
Оҥхойго диэри АН-2 сөмөлүөтүнэн чаас аҥаара көтөн тиийээт, аны 5-6 биэрэстэ ыраах сытар учаастакка сатыы бардыбыт. Атырдьах ыйын ортотун диэки кэм буолан, күнүс куйааһыргыах да курдук, итии күн турбута. Айылҕа барахсан тупсуоҕунан тупсан аҕай турар кэмэ. Сөмөлүөттэн түһээт, тулабытын көрбүппүт доҕоор, ойуур саҕата барыта хаптаҕас уга, отоно кытаран олорор, онтон арыый да барааты кытта хара моонньоҕон, соҕуруу үүнэр виноград курдук, үүнэн аҕай тураллар эбит ээ! Биһиги эдэр дьон сиэринэн, айахпыт аһыйыар диэри тото-хана сиэн баран, барыахтаах сирбитигэр түһүнэн кэбистибит. Мин итииргээн бээһиҥкэбин устан баран, көхсүбэр быраҕынаат, түспэтин курдук икки сиэҕиттэн моонньубар баанным, эбиитин үрдүнэн кэргэним улахан суумкатын нотуруускалыы кэтэн баттатан кэбистим. Арай, балай да барбыппыт кэннэ, иннибитигэр оттонор күөллээх улахан алаас кэллэ. Барбахтыы түспүппүтүн кэнниттэн, баараҕай тиит мас суолбут уҥа өттүгэр, мин бу баарбын диэбиттии, күнү сабардаан үүнэн турар аҕай эбит. Хайдах эрэ киһи кутун-сүрүн баттыыр. Сахабын киллэрэн, бу тиит анныгар тугу эмэ хаалларбыт киһи диэн санаа киирдэ. Хармааммын хастан көрбүтүм биир да алтан харчы көстүбэтэ, арай 15-тээх, 20-лээх бытархай үрүҥ харчылар баар эбиттэр. Тоҕо эрэ, алтан эрэ харчы ууруллуохтаах курдук санааммын, бытархайдарбын төттөрү сиэппэр уктан кэбистим уонна иннибит диэки бара турдубут. Өр-өтөр барбатыбыт, арай өйдөөн көрүммүтүм били бээһиҥкэм олох да түһэн хаалбыт эбит. Кэргэним суумката баттыһыктаах этэ да, хайдах түһэн хаалбыты билбэккэ хаалбыппын. Дьэ, дьикти! Тоҕо эрэ, эмискэ баҕайы ханна түспүт буолуон сөбүн өйдөөн кэллим уонна эргиллэ биэрээт, били, тиит баар сирин диэки сүүрдүм. Балай да сүүрээт, тииппэр тиийэн кэллим. Санаабытым курдук, ол тиит анныгар бу сытар эбит. Мин били сиэппэр баар бары бытархай харчыларбын хостоот, тиит анныгар уурдум уонна: “Бука диэн бырастыы гын, сыыһа быһыыламмыппын”, — диэт төттөрү ойдум. Ити курдук мучумааннанан, тиийиэхтээх сирбитигэр халлаан киэһэриитэ син тиийэн кэллибит.
Кырдьаҕас сылайбыт буолан, ол киэһээ биһигини көрбөтө. Таһаараа ыалларга орон оҥотторон, онно хоннубут. Биһиги курдук кыһалҕалаах ыарыһахтар бааллар да, кэпсэтии суох. Хонон тураат, сарсыарда суунан-тараанан аһаабыппыт кэнниттэн кырдьаҕаспыт ыҥыртаран ылла.
Мин киириэхпин соччо баҕарбаппын, толлобун да диэххэ сөп, ону кэргэним олох күүһүнэн кэриэтэ киллэрдэ. Дьиэ былыргылыы боростуой, туох да улахан мал-сал көстүбэт. Арай, дьиэ хаҥас өттүгэр баар хос таҥас сабыынан бүрүллүбүт. Дьиэлээх хаһаайка быһыылаах: «Ити быыс кэннигэр киир, хайаҕыт ыалдьарый?” — диэтэ. Кэргэним ону истээт, хап-сабар быыс иһигэр киирэн хаалла. Син өр соҕус буолаат кэргэним таҕыста уонна: “Аны эн киирэр үһүгүн”, — диэт миигин быыс кэннигэр анньан кэбистэ. Киирбитим икки хараҕынан көрбөт ытык кырдьаҕас олорор эбит. “Кэл, олор”, – диэтэ. Мин саҥата суох ыйбыт олоппоһугар олорунан кэбистим. Кырдьаҕаһым: “Эдэр киһи, бэҕэһээ баараҕай тиити көрдүҥ ини?” – диэбитигэр мин “Ыык” эрэ диир киһи буоллум. “Кыра соҕус харам эбиккин дуу? Бу дойду көтөрө-сүүрэрэ барыта харахтаах, көрө-билэ сытабын”, — диэт мүчүк гынна уонна наскыбын уһуларбар эттэ. Мин хап сабар наскыбын уста биэрдим. Оҕонньорум ытыһыгар силлээтэ уонна уҥа атаҕым тилэҕин имэрийэн барда. Ытыһа олох баата курдук, сып-сымнаҕас, ип-итии. Ол олорон аргыый аҕай кэпсии олордо: “Мин эн үрдүгүнэн суор буолан көтөн ааспыппын көрбүт буолуохтааххын. Барыта этэҥҥэ курдук көрөбүн. Хойутуу соҕус уоллаах кыыс оҕону төрөтөн, этэҥҥэ олорууһуккун,” — диэтэ. Ол курдук, икки тилэхпин иккиэннэрин имэрийтэлээн баран: “Чэ, этэҥҥэ айаннааҥ!” — диэн алҕаата.
Ол кэннэ кэргэним барахсан биэс сыл олорбута. Кырдьык, кэлин иккис кэргэммиттэн уоллаах кыыс оҕоломмутум. Хор, итинник дьикти айылҕаттан айдарыылаах дьон биһиги ортобутугар баалларын илэ харахпынан көрөн, эт кулгаахпынан истэн турардаахпын.
“Саха сирэ”, edersaas.ru cаайтка анаан Анатолий СПИРИДОНОВ-Лэкэ Сиэн