Энергетиктар Дьокуускайга уот ситимин өрөмүөннүүллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Якутскэнерго» ПАУо Киин электричэскэй ситимин үлэһиттэрэ Дьокуускай куорат кэтэх дьиэлээх оройуоннарын уотунан хааччыйар линиялары өрөмүөннээн бүтэрэн эрэллэр. Бу сыл саҥатыттан Киин РЭС үрдүк күүрүүлээх электричэскэй линияларын ситимнэрин сулууспата «Борисовка-1» микрооройуоҥҥа, Сэргэлээх уонна Покровскайдыыр суолларга, Марха дьиэлэрин үрдүк күүрүүлээх линияларын өрөмүөннүү сылдьар. Уот ситимин эргэ опораларын уларыталлар. 

«Борисовка-1» микрооройуоҥҥа 0,4 кВ үрдүк күүрүүлээх линия «Профсоюзная» диэн ТП энергетиктар 25 опораны уларыппыттар уонна 1,6 км усталаах СИП боруобаты тардыбыттар. Алын Мархаҕа  «Живкомплекс фидер котельная» диэн ТП баар  0,4 кВ үрдүк күүрүүлээх линиятын 29 опоратын уларыппыттар, 1,12 км усталаах СИП тардыбыттар. Сотору кэминэн, бу линияларга өрөмүөн үлэтэ бүтэн эрэринэн сибээстээн, уот кылгас кэмҥэ барара күүтүллэр.
Быйыл «Хатыҥ үрэх» диэн подстанциялаах «Маҕан -2» 6 кВ үрдүк күүрүүлээх линияҕа 66 опораны туруоруохтаахтар, 5,6 км усталаах эргэ АС ситими  СИП-ка уларытыахтаахтар. Бу линияҕа 2017 сылтан ыла үлэ барар. Сыл бүтэһигэр уопсайа 210 опораны уларытыахтаахтар, 17,22 км усталаах СИП  тардыахтаахтар.
Ону таһына,  энергетиктар 110 кВ «Хатыҥ үрэх» подстанциятыттан тахсар «РСС» 6 кВ үрдүк күүрүүлээх линияны өрөмүөннээн эрэллэр. Үлэһиттэр тимир приставкалаах 81 опораны туруоруохтаахтар, 14,6 км усталаах СИП тардыахтаахтар. Күн бүгүн энергетиктар 26 км усталаах  солооһуну ыраастыы сылдьаллар.
Сэтинньи 18 күнүттэн ыла бэдэрээтчит  тэрилтэлэр көмөлөрүнэн Покровскайдыыр суолга баар дьиэлэри уотунан хааччыйар «Южная» диэн подстанциялаах «СТМ » 6 кВ үрдүк күүрүүлээх линияны  өрөмүөннүүллэр. Энергетиктар тимир приставкалаах 59 опораны туруораллар, 10 км усталаах СИП тардаллар. Ахсынньы  саҥатыгар бу хайысхаҕа үлэлэр түмүктэниэхтээхтэр.
«Өрөмүөн үлэтигэр куттал суох буолуутун хааччыйар туһугар былаан быһыытынан уоту кылгас кэм устата ылыахтаахпыт. Олохтоохтор ону өйдүүргүтүн көрдөһөбүт», — диэн сулууспа салайааччыта Сергей Чуркин бэлиэтээн эттэ.
Ааспыт нэдиэлэҕэ үлэһиттэр Мархаҕа, Жатайга, Намныыр суолга баар дьиэлэри уотунан хааччыйар үрдүк күүрүүлээх линиялары өрөмүөннээн бүтэрбиттэр. Кинилэр икки ый устата 124 опораны туруорбуттар уонна 7,5 км усталаах СИП боруобаты тардыбыттар. 1967 сыллаахха оҥоһуллубут уот линиятын толору өрөмүөнүн түмүгэр Дьокуускай куорат биир саамай элбэх кэтэх дьиэлээх оройуонугар уот бэриллиитин хаачыстыбата тупсара күүтүллэр.

Киин электрическэй ситим пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0