Н.И.Бойлохов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусствотын оскуолатын норуодунай духовой салаатын иһинэн «Кэскил» оҕо аркыастыра үлэлээбитэ иккис сылыгар барда. Кылгас кэм иһигэр оҕолор “Муусука – барыбытыгар” бырайыак чэрчитинэн, былырыын сэтинньигэ Дьокуускайга ыытыллыбыт күрэххэ бастаабыттара.
edersaas.ru
“Манчаары оонньуулара» арыллыытыгар, сабыллыытыгар, ону таһынан гала-кэнсиэрдэри киэргэппиттэрэ. Ону таһынан олохтоох оператор Александр Адамов 6 ырыаны видеоклип оҥорон, «Саха» НКИХ көстөн үөрүүбүт үгүс.
Оҕолору салҕыы сайыннарар, сири-дойдуну көрдөрөр инниттэн, Сочига ыытыллар “Айар-тутар Олимпаҕа” (“На творческом Олимпе”) диэн норуоттар икки ардыларынааҕы XXIX бэстибээл-куонкурска сайаапка ыытан, кыттар чиэскэ тиксибиппит.
Аркыастырга барыта 18 оҕо дьарыктанарыттан, 16 оҕо кыттан I истиэпэннээх лауреат аатын сүктүбүт. Дьүүллүүр сүбэ куонкурус кэнниттэн ыҥыран ылан ырытар, сүбэ-ама биэрэр эбит. Биһиги оҕолорбутун хайҕаатылар, өссө үрдүк ситиһиилэри баҕардылар уонна эһиилги бэстибээлгэ эмиэ кыттарбытыгар ыҥырдылар.
Итиччэ ыраах тиийэн баран аркыастырга эрэ күрэхтэһиэхпит дуо, диэн биирдиилээн үстүрүмүөннэргэ оонньоон эмиэ кытыннылар. Ол курдук, Дайаана Федорова домраҕа I истиэпэннээх, Лена Васильева II истиэпэннээх лауреат аатын ыллылар (преп. Т.А.Иванова, концертмейстер М.Г.Петрова). Байааҥҥа Саша Григорьев (преп. У.И.Догорова), Саша Павликов (преп. Н.Н.Афанасьев) III истиэпэннээх лауреат буоллулар.
Саксофон преподавателэ, улууспут биир биллэр талааннаах мусукаана Сергей Сергеевич Иванов баҕалаах оҕолору түмэн “Дорҕоон” вокальнай-инструментальнай ансаамбыл тэрийэн үлэлэтэ сылдьар. Бэрт кылгас кэм иһигэр бэлэмнэнэн, “Манчаары оонньуутугар” этно-рок бэстибээлгэ кыттан, аны Сочига тиийэн, I истиэпэннээх лауреат аатын сүктүлэр.
Аэропортка тиийэн түһээппитин кытта анал арыалдьыт үөрэ-көтө көрүстэ. Адлер курорт “Коралл” диэн санаторнай-курортнай отелигэр олорон күрэхтэстибит. Төһө да үс-түөрт хонук эрэ сырыттарбыт, оҕолор үөрэн-көтөн, көрөн-истэн, куонкурус хайдах курдук сылаалааҕын, киирсиилээҕин, этэргэ дылы, эттэринэн-хааннарынан биллилэр. Улахан сайдыылаах куоракка хайдах олороллорун илэ харахтарынан көрөн, сахалар туһунан Арассыыйа атын дьоно-сэргэтэ туох санаалаахтарын истэн, билэн, сөҕөн кэллилэр. Быһатын эттэххэ, оҕолорбут Арассыыйа киэн туттар Хара муоратын үрдүк мэҥэ халлаантан көрбүттэрэ даҕаны олохторугар улахан өйдөбүлү хааллардаҕа. Кылгас кэм иһигэр “Олимпийскай” паарканы көрөн, “Сочи” пааркаҕа, Кыһыл хонууга тиийэн хатааһылаатылар уонна дойдуларыгар кыайыы-хотуу үктэллээх айаннаатылар.
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгар В.С.Поскачиҥҥа, улуустааҕы үөрэх салалтатын начальнигар С.О.Борбуевка, култуура департаменын начальнигар С.С.Петроваҕа, дириэктэрбитигэр А.В.Ивановка, “Мааппа” маҕаһыын (М.В.Еттяноваҕа), «Уют» (С.С.Сортоловаҕа), «Бэллэкэ» (Л.П.Спиридоноваҕа) уонна эрэнэн, кыайарбыт туһугар алҕаан ыыппыт төрөппүттэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит.
Татьяна ИВАНОВА, “Кэскил” оҕо аркыастырын салайааччыта.