Үөһээ Халыма улууһугар саҥа амбулатория үлэҕэ киллэрилиннэ

Бөлөххө киир:

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Арктика сиригэр-уотугар мэдиссиинэни сайыннарар соруктарын СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ олоххо киллэрэр.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар  доруобуйа харыстабылын саҥа дьиэлэрин тутуу “Доруобуйа харыстабыла” Национальнай бырайыак доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун  модернизациялааһын эрэгийиэннээҕи бырагырааматынан ыытыллар.

Ол курдук, бу күннэргэ Үөһээ Халыма улууһун Нелемнэй сэлиэнньэтигэр быраас амбулаторията аһылынна. Саҥа амбулатория аһыллыыта сэлиэнньэ хас биирдии олохтооҕор, Үөһээ Халыма оройуонун доруобуйатын харыстабылын үлэһиттэригэр ураты бэлиэ күнүнэн буолар. Нелемнэйгэ 250 киһи олорор,  төрүт олохтоохторунан дьүкээгирдэр буолаллар.

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өйөбүллэринэн  саҥа дьиэ баара-суоҕа 6 ый иһигэр тутуллан үлэҕэ киирдэ. Бэдэрээччит –  Саха сирин “Азия Трейд” хампаанньата.   Саҥа амбулаторияҕа тыа сиригэр үлэлииргэ, бастакы сүһүөх уонна  мэдиссиинискэй-санитарнай көмөнү оҥорорго сөптөөх усулуобуйа баар буолла”, — диэн оройуоннааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа Михаил Иванов иһитиннэрдэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0