Үөһээ Дьааҥыга тустаах исписэлиистэр докумуону оҥорууга көмөлөһө бардылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Үөһээ Дьааҥы улууһугар Элбэх хайысхалаах киин (МФЦ) исписэлиистэрэ докумуоннары оҥорууга көмөлөһө тиийдилэр.

Халаан уута ылбыт нэһилиэнньэлээх пууннарын олохтоохторо туттар малларын-салларын сороҕун эбэтэр барытын былдьаппыт буоллахтарына, биир кэмнээх көмө харчыны  ылар бырааптаахтар. Бу туһунан «Мин докумуоннарым» киин үлэһитэ “Олох үөһүгэр” диэн быһа биэриигэ кэлэн кэпсээтэ.

Бу төлөбүрү биир дьиэҕэ олорор дьиэ кэргэн бары чилиэннэрэ ылар бырааптаахтар. Оҕолор ааттарыттан сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ – төрөппүттэр сайабылыанньаны түһэрэллэр. Сайабылыанньаны тустаах киһи бэйэтэ биэрэр кыаҕа суох буоллаҕына,  атын бэрэстэбиитэл да  биэриэн сөп.

Биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ хас биирдии киһиэхэ 5 тыһ. солк. буолар. Туттар малларын-салларын сороҕун сүтэрбиттэргэ 10 тыһ. солк, оттон барытын былдьаппыт буоллахтарына, дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигр 20 тыһ. солк. бэриллэр.  Туттар мал-сал ахсааныгар холодильник, билиитэ, иһит ыскааба, остуол, олоппос, орон, тэлэбиисэр, уу насоһа, уу сылытар хочуол, кирпииччэ оһох киирэллэр.

Сайабылыанньаны “Госуслуги” портал нөҥүө эбэтэр “Мин докумуоннарым” киин көмөтүнэн биэриэххэ сөп. Олорор сиринэн регистрация ирдэммэт. Докумуоннар сүппүт буоллахтарына, “Мин докумуоннарым” киин көмөтүнэн чөлүгэр түһэриллэр, ону быһаарар сыалтан исписэлиистэр тустаах улуустарга тиийдилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0