Күүстээхтэр, быһыйдар, сымсалар түһүлгэҕэ тахсыахтарын иннинээҕи быыһык күн биир дьоһуннаах тэрээһин Үөһээ Бүлүүтээҕи киин бибилэтиэкэ скверигэр ыытылынна. Бибилэтиэкэ тиһигин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн, “Манчаары оонньуулара” спорт национальнай көрүҥнэригэр спартакиада хапсаҕайга араас сыллардааҕы муҥутуур кыайыылаахтарын кытта көрсүһүүгэ саха төрүт тустуутун таптааччылар тоҕуоруһа муһуннулар.
Истиҥ көрсүһүү Таатта Харбалааҕар олохсуйбут Мэйик ыччата мелодист Виктор Туманов “Үөһээ Бүлүү хапсаҕайа” диэн буруолуу сылдьар ырыатын бэйэтэ толоруутуттан саҕаланна. Манна сыһыаран эттэххэ, ырыа тылларын ааптара – Мэйик оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала Владимир Федоров.
…Үөһээ Бүлүү хапсаҕайа –
Үрдүк үөрүүм чыпчаала,
Кистэлэҥнээх күүһэ-уоҕа
Уйаламмыт сирэ-уота…
диэн тыллардаах ырыа Мэйик буоругар үөскээбитэ түбэһиэхчэ буолбатах. Саха аатырбыт бөҕөһө Василий Степанов-Буучугурас 1937 сыллаахха Саха сирин хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕа буолбута быйыл 80 сылын туолла. Итиэннэ үөһээ бүлүүлэр Буучугурас кэриэһигэр күрэхтэһиилэриттэн силистэнэн-мутуктанан тахсыбыт Манчаары оонньуута быйыл 20-с төгүлүн ыытыллара хапсаҕайы өрө тутар улуус олохтоохторун өрүкүппүтэ, көҕүлээбитэ чуолкай.
Улуус салалтатын аатыттан тыл эппит уонна урукку дьыллар муҥутуур кыайыылаахтарыгар өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарбыт улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Семен Михалев бэлиэтииринэн, хапсаҕайга Саха сирин спордун маастарын нуорматын 300-тэн тахса киһи толорбутуттан 100-тэн тахсата – Үөһээ Бүлүү дьоно. Ол да иһин, саха дьонун ортотугар Үөһээ Бүлүүнү хапсаҕайы кытта ханыылыы саныыр-өйдүүр киһи элбэх эбээт.
Тустууга сүгүрүйээччилэр иннилэригэр бүгүн ытык олбохторго тахсан олордулар: Сунтаартан Лука Петрович Иванов (Манчаары оонньууларын 1969 сыллааҕы муҥутуур кыайыылааҕа), Үөһээ Бүлүүттэн Николай Павлович Корякин (1973 с.), Ньурбаттан Юрий Степанович Андреев (1990, 1993, 1995 сс.), Уус Алдантан төрүттээх, быйылгы оонньуу хапсаҕайга сүрүн судьуйата Андрей Яковлев (1999 с.), Дьокуускайтан Николай Чукров (2005 с.) уонна кэлиҥҥи 2013 сыллааҕы “Манчаары” муҥутуур чөмпүйүөнэ, быйыл эмиэ бастыыр баҕалаах Дьааҥы ыччата Юрий Старостин. Кинини Николай Корякин “Буучугурас курдук сытыытык, харса суох киирсэр” диэн сыаналыыр.
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиини уоттаахтык-күөстээхтик ыытар Александр Васильев-Көрдүгэн: “Манчаары оонньууларын” 1985 сылтан ыла ыытыһабын эрээри, ханна даҕаны маннык күргүөмнээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик саҕалаабыттарын көрө иликпин”, — диэтэ. Оттон норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Алексей Мостахов саныырынан, “Үөһээ Бүлүү хапсаҕайа” ырыа бэркэ табыллыбыт итиэннэ тэрээһин үрдүк таһымнаах. Ону түмүк көрдөрүө. Хапсаҕай түһүлгэтигэр икки күннээх күөн көрсүһүүгэ 272 даадар тахсара күүтүллэр. Олохтоохтор өрөгөйдөөтөхтөрүнэ, саҥа ырыаны XX Манчаары оонньууларын сабыллыытыгар стадиоҥҥа тыһыынчанан киһи истиэҕэ.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэригэр: көрсүһүү түгэннэрэ.