Үөһээ Бүлүү улууһун  сүрүн харыйатын уота умайда (видео)

18.12.2017
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улуустарга араас өҥүнэн чаҕылыйа оонньуур  харыйаларын  уоттара үтүктүспүт курдук умайаллар.

edersaas.ru

Бүгүн Үөһээ Бүлүү  улууһун сүрүн харыйатын уота үөрүүлээх быһыыга-майгыга умайда.
Быйыл сабыс-саҥа харыйаны улуус дьаһалтатын иннигэр саҥа сквергэ туруордулар. Дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, Тымныы Оҕонньору, сиэнэ кыыс Хаарчаананы уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр. Харыйа тула оҕолор да, улахан да дьон мустан оҕолуу үөрдүлэр-көттүлэр. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Николай Павлов: «Сүрүн харыйабыт уота күндүлэс уоттарынан чаҕылыччы тыгара чугаһаата. Саргылаах Саҥа дьылбыт буолара эмиэ бэрт аҕыйах күн хаалла. Саҥа дьылы этэҥҥэ көрсөр инниттэн үчүгэйдик тэриниҥ, бэлэмнэниҥ!», — диэн эҕэрдэ тылы эттэ.

Александр Тарасов, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0