Үөһээ Бүлүү улууһугар уолу-кыыһы арааран үөрэтии 2008 сылтан киирбитэ. Улуус киинин уонна Нам, Хоро, Дүллүкү оскуолаларыгар уолаттары, кыргыттары алын кылаастан саҕалаан тус-туспа кылаастарга үөрэтэллэр. Бу иитии, үөрэтии ураты көрүҥэ, туспа ньымата буолар. Бүгүн 369 оҕо оскуола боруогун аан маҥнай атыллаан, билии киэҥ аартыгар үктэннэ.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев иһитиннэрбитинэн, 2020-2021 үөрэх дьылыгар 3722 оҕо үөрэнэр. Бу ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, 36 оҕонон элбэх эбит. Балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри үөрэх икки көрүҥүнэн барар. Ол курдук, 1-4 кылаас оҕолоро олоҕурбут көрүҥүнэн (очно), 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэхтэрин саҕалыыллар. Улуус үрдүнэн уһуйааҥҥа 1718 оҕо сылдьара былааннанар.
“Саха сирэ” хаһыакка Спиридон Борбуевтыын тахсыбыт интервьюну ыйыллыбыт сигэнэн https://edersaas.ru/spiridon-borbuev-o-o-is-kya-yn-aryjyahtaahpyt/ киирэн ааҕыҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1